Соторутааҕыта 90-с сыллардааҕы ыччаттар кумирдара буолбут Александр Самсонов-Айыы Уолун төрөөбүт күнүгэр анаан, «Мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныыбын» диэн ахтыы-кэнсиэр ХИФУ «Сэргэлээх уоттара» КК буолбута. Бу киэһэҕэ Саха эстрадатын биллэр-көстөр ырыаһыттарын сэргэ, тыа сирин үлэһит дьоно кэлэн кыттыбыттара тэрээһини ураты тыыннаан биэрбитэ. Кинилэр ортолоругар байанайдаах булчут Константин Левин ыллаабыта уонна «Саха сирэ» хаһыат анал бирииһин туппута.
Дьонум туһунан иһирэхтик
— Саха киһитин сиэринэн, кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын билиһиннэр эрэ, — диэн мин Көстөкүүнү кытта кэпсэтиибин саҕалыыбын.
— Ийэм Надежда Перегриновна сааһын тухары бэтэринээрдээбитэ. Мин соҕотох оҕо буоламмын, ийэбэр кырабыттан көмөлөһөн улааппытым. Аҕам Константин Константинович Попов диэн Эдьигээн. Ыстаадаҕа табаһыттаабыт, кадровай булчутунан сылдьыбыт. Сүрдээх түргэн-тарҕан туттунуулаах, адьас элэстэтэн олорор буолара үһү.
Ийэм үөрэҕин бүтэрээт, Эдьигээҥҥэ үлэлии тиийбит. Ыстаадаҕа тахса сылдьан, күлбүт-үөрбүт сытыы-хотуу уолу көрөөт сөбүлээбит. Аҕам да кэлии кыыһы сонно кэрэхсээбит. Ийэбэр көмө наада буоллаҕына, аҕам аттыгар буола түһэрэ үһү. Эдэр дьон харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн икки сыл курдук бииргэ сылдьан баран ыал буоларга быһаарыммыттар. Саас уруу тэрийээри бэлэмнэнии бөҕө буолбуттар. Аҕам барахсан ас-үөл булуутун-талыытын түбүгэр сылдьыбыт. Урууларын күнэ адьас чугаһаабытын кэннэ, саас аҕам биир саамай сөбүлүүр буур табатын миинэн туох да күүстээх сүүрүктээх үрэҕи туораан иһэн, ийэлээх эһээм уҥуор кинини кэтэһэн турдахтарына, ууга былдьаммыт. Табата уонна үс ыйдаах ытын оҕото быыһанан тахсыбыттар.
Мин онно ийэм иһигэр баар буолбут быыкаа оҕо толугуруу мөхсөн, ийэм ытыырыгар-соҥууругар соҥуорбут курдук арыт чуумпуран, иһийэн, ийэбин иһиттэн аргыый биэбэйдээн, бу күн сиригэр аҕабын салгыыр ыччат кэлиэхтээҕин биллэрэн, санаатын арыый бөҕөхсүппүтүм үһү. Ийэм миигин оҕолонон баран, төрөөбүт-үөскээбит Чүүйэтигэр, дьонугар төннөн кэлбит. Онтон ыла манна олохсуйбуппут.
Аҕам аҕата, эһэм эдьигээттэргэ Константин Иннокентьевич Попов-Сырыытай диэн аатынан биллэр, ытыктанар улахан булчут эбит. Киэҥ ыырдарынан тэлэһийэр түргэн-тарҕан туттунуулаах этэ диэн ахталлар-саныыллар. Биир дойдулаахтара кинини ол иһин Сырыытай диэн ааттаабыттар.
Уһаарыллыы
— Эйигин булчут ааттааҕа дииллэрэ мээнэҕэ буолбатах эбит. Уһаарыллыы да баар буоллаҕа дии?
— Оннук. Аан бастаан Чыамайыкы кадровай булчута, дьон-сэргэ улахан ытыктабылын ылбыт Уйбантыа миигин бэлиэтии көрбүт эбит. Саас-сааһынан кэпсээтэххэ маннык. Миигин кытта саастыы Кустук диэн саха ыта баара, Уйбантыаҕа. Ол ытын илдьэ куруук моҕотойдуу барарым. Кустугум хас сарсыарда аайы тыаҕа илдьэ бараары кэлэн кэтэһэн-манаһан ахан биэрээччи. Барахсан 18 сааһыгар тиийэн да баран, бэркэ табыллан бултуура. Биирдэ хаһаайынын кытта тыаҕа тахсан баран киирбэтэҕэ. Уйбантыа ыта суох киирбитин истээт, сүрэҕим ытырбахтаабыта. Санааҕа баттата сылдьарын көрөн сэрэнэ-сэрэнэ ыйыппыппар: “Оҕонньор бараахтаата”,— диэн баран саҥата суох биир сири тонолуппакка көрөн өөр да өр олорбута.
Уйбантыа миигин: “Бу уол булчут буолсу”, — диэн сылыктаабыта бигэ тирэх буолбута.
Кустукпун санаан ахан биэрэрим. Ону оскуолабыт дириэктэрэ Егор Яковлевич Федоров – Бырама Уола билэр буолан, миэхэ булчут ыт оҕотун – Моойтоону бэлэхтээбитэ. Оо, онно үөрдүм да этээ! Аны Кустукпун кытта хара тыаттан киирбэт буолбуппут.
Онтон булка-алка бастакы уһуйааччым сайылыкка бииргэ олорбут ыалбыт, убайым курдук күндүтүк саныыр киһим Иван Иванович Тимофеев буолар. Батыһыннара сылдьан булт албастарыгар, булчут сиэригэр-туомугар үөрэппитэ-такайбыта элбэх. Куһу күөрэтэргэ эмиэ бастаан кини үөрэппитэ. Киниэхэ махталым бэлиэтигэр, ыттарым күөйэн биэрбит тайахтарын (бастакы улахан булдун) ыттарбытым. Убайым ону санаан наһаа үөрэр. Билигин кини устудьуоннуур уолун Коляны батыһыннара сылдьан үөрэтэбин-такайабын.
— 20-чэ ыттаахпын диэбитиҥ. Хайдах аһатан, көрөн туруораҕын?
— Булчут таайбыныын иккиэн иитэбит. Тиэргэҥҥэ вольерга тураллар. Сааскыттан күһүн хойукка диэри үүтээммитигэр илдьэ тахсабыт. Онно айылҕаҕа тыыннарын таһаараллар. Анаан үөрэтэбит, көрөбүт-истэбит, чинчийэбит, булка сырытыннарабыт. Дьэ, ол кэннэ араартааһын саҕаланар. Холобур, харабылга ааттаах ыттары, оннук ыкка наадыйар дьоҥҥо биэрэбит. Булчуттарга булка барсар ыттары. Уопсайынан, мин булка-алка, айылҕаҕа тиэхиньикэнэн буолбакка, ыттаах, сатыы сылдьалларын олоххо киллэрэргэ тарҕата сатыыбын. Ордук эдэр дьон ону өйдүөхтэрин баҕарабын.
Ыттарбыт аһылыктара, биллэн турар, элбэх. Ыйга 5-6 куул “Геркулес” хааһыны сииллэр. Итиэннэ эбии балыктыыбыт, үүтээҥҥэ тиийдэхпитинэ илимниибит. Хайа, уонна эр киһи булчут ыкка наадыйара кэмнээх буолуо дуо? Онон, аныгы үйэ сиэринэн, атыылааһын, атастаһыы да баар.
—Оттон булчут ыты хайдах билиэххэ сөбүй? Холобур, булчут ыт оҕотун кутуругуттан таҥнары тутан бэрэбиэркэлииллэр, таҥалайын, муннун, түөһүн көрөллөр.
—Ыт оҕотун дьон араастаан талар. Мин хараҕым сөбүлүү көрбүтүн, бэйэм ис дууһабынан сэрэйэн талабын. Дьиҥэр, хас биирдии булчут бэйэтэ талан ылар кистэлэҥнээҕэ буолуо. Аны ыт оҕотун талан ылан баран, хайдах буола улаатара, төһө булчут буолара хаһаайынтан эмиэ улахан тутулуктаах. Ол барыта улахан сыраттан, үлэттэн тахсар. Хайа баҕарар булчут бэйэтэ иитэн, үөрэтэн таһааран булчут оҥорбут, бултаппыт ыта хаһан баҕарар күндү, бэриниилээх доҕор-атас, этэргэ дылы, иннигэр-кэннигэр уктар, ааттатар буолар.
Айар дьоҕурдаах булчут
— Эйигин оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитэ. Билигин хоһоон, кэпсээн суруйар, уруһуйдуур, дуобаттыыр дииллэр. Тыал диэн ааттааххын.
— Үчүгэйдик үөрэммитим, ол иһин учууталларым салгыы үөрэнэ барыа дииллэрэ. Ол эрээри, миигин аар айылҕам уратытык ыҥыра, угуйа турара. Быыкаа эрдэхпиттэн, бэл, түһээн көрөн манньыйан, үөрэн уһуктарым. Уонна дьоммор да көмөлөһөн чугас буолаары, бултуур-алтыыр, айылҕа кэрэтин дуоһуйа көрөр баҕабын толороору дойдубуттан тэйбэтэҕим.
Табаарыстарым Уус Маайаҕа бултуу сырыттахпына “Тыал курдук түргэҥҥин. Биирдэ манна, биирдэ онно буолаҕын”. – диэннэр итинник ааттаабыттар этэ. Ийэм: «Аҕаҥ курдук түргэн-тарҕан туттунуулааххын», — диэн этэр.
Үүтээҥҥэ таҕыстахпына, айылҕаҕа сырыттахпына, иэйиим киирэр, санаам сааһыланар. Хоһоон, кэпсээн тыллара кутуллан киирдэхтэринэ, сурукка-бичиккэ тиһэн иһэбин. Аны түүллээхпин ээ. Арыт, түһээн үөһэттэн көрөр курдук буолабын. Онно туох көстөрүн ким эрэ миэхэ кэпсиир. Ону эмиэ сурунан ылабын. “Бөрө”, “Суор” хоһооннорум оннук айыллан тахсыбыттара.
Уруһуйум туһунан эттэххэ, үксүн кыылы-сүөлү, аар айылҕаны, тугу көрбүппүн, түүлбэр киирбити уруһуйдуубун. Уһун дистанцияҕа сүүрэр, хайыһардыыр этим. Онтум билигин аар айылҕаны кэрийэрбэр туһалыыр. Урут күрэхтэһиилэргэ кыттан миэстэлэһэрим. Дуобакка оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ үс бастакы бочуоттаах миэстэлэри ыларым.
— Эйигин ырыаһыт ааттааҕа дииллэр. Айыы Уолун ырыаларын барытын билэр, өссө Индия киинэлэриттэн кытта үкчү ыллаан иһитиннэрэр этэ диэн сөҕөллөр, хайгыыллар.
— Араадьыйа — арахсыбат аргыһым. Сонун истэбин уонна ырыа кэллэ да тэҥҥэ ыллаһар үгэстээхпин. Тыаҕа таҕыстахпына санаам уратытык көтөҕүллэр, киҥинэйэн ыллыы сылдьааччыбын. Онон «Саха Виктория» Айыы Уолун төрөөбүт күнүгэр анаан ыытар куонкуруһугар үөрүүнэн кыттыбытым. Дьону-сэргэни кытта билсиэххэ, бэйэбин куйаартан истиэххэ диэн. Уон күннээх күөн күрэскэ 100-тэн тахса киһи кыттыбыта. Уон киһи полуфиналга киирбититтэн, үс финалга тахсыбыта. “Айыы Уола” бөлөххө миэхэ элбэх киһи куоластаабыт этэ. Түгэнинэн туһанан, биир дойдулаахтарбар, доҕотторбор, булчуттарга, булчут ыты иитиинэн дьарыктанааччыларга, куоластарын миэхэ биэрбит бар дьоммор сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан туран улаханнык махтанабын. Баай Барыылаахтара өрүү өттүк харалыы, илии тутуурдуу турдун.
Олоҕун олуктара
Константин Константинович Левин-Тыал
1977 с. кулун тутар 19 күнүгэр Эдьигээҥҥэ Кыстатыамҥа күн сирин көрбүтэ.
1994 с. Мэҥэ Хаҥаласка Чүүйэҕэ оскуоланы бүтэрбитэ.
1994 с. “Чүүйэ” сопхуоска оробуочайдыыр.
1997 с. Бултуур. Сайынын тутууга үлэлиир.
Сэмсэ тыл
Филипп Васильевич Нестеров, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ходоро нэһилиэгин дьаһалтатын суоппара.
— Куосталыын оҕо эрдэхпититтэн чугастык доҕордоһобут. Куоста кыратыттан спортсмен ааттааҕа, бэртээхэй сүүрүүк, дуобатчыт. Үс бастакы миэстэттэн хаһан да түһээччитэ суох. Наһаа үчүгэй куоластаах ырыаһыт. Айыы Уолун ырыаларын барытын билэр.
Аны туран, уруһуйдьут ааттааҕа. Дьиэтин иһин кини уруһуйдаабыт хартыыналара киэргэтэллэр. Куоста хартыыналарын көрбүт киһи бары сөҕөр.
Кини өссө хоһоон, кэпсээн суруйар. Айымньылара «Байанай» сурунаалга уонна хаһыаттарга тахсалларын астына, киэн тутта ааҕабыт.
Оҕо эрдэҕиттэн ураты мындыр, толкуйдаах буолааччы. Сири-уоту билэринэн сөхтөрөөччү. Аны түүллээх. Өссө мин кинини айылҕаттан уратылаах дуу дии саныыбын. Сэрэйэн көрөр дьоҕура олус күүстээх.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: К.Левин архыыбыттан ылылыннылар.