Саха дьонугар-сэргэтигэр Варя Потапова туһунан иҥэн хаалбыт, олохсуйбут өй-санаа туһунан этэр буоллахха, маннык түгэннэри бэлиэтиэххэ сөп:
«БАСТАКЫ БУОЛБАТАХ», — ДИЭТИЛЭР
«БАСТЫҤНАР АТЫТТАР», — ДЭСТИЛЭР
1. Варяны «Кутурҕан Куо, курус санаа гиэнийэ» дииллэр. Саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап «Варвара Потаповаҕа Курус санаа генийэ, Кутурҕан Куо» сүтэн «Кэбэлийиэн», «Сырдык хоту баран, «сотору тумнубут көнө ыллыгын — суол тоҕойугар бырахпытын булан ылыан,
«Үчүгэйиэн бу Сиргэ,
Үөрэ-көтө сылдьар
Үгүс дьоннуун сэргэ
Олох дьолун сырсар!»
— диэн мэлдьи ыллыы-туойа, күлүмүрдүү сылдьыан мин ис сүрэхпиттэн баҕарабын», — диэн суруйбута.
2. Варя Потапованы сорохтор тоһоҕолоон туран, саха бастакы поэтессата дииллэр, оттон сорохтор, кини хайдах даҕаны бастакы буолар кыаҕа суох. Киниэхэ былаас, салайар эргимтэ, улахан бэйиэттэр өттүлэриттэн туох кыалларынан көмө оҥоһуллубута, ону кини уйбатаҕа, оннук киһи хайдах бастакы буолуой диэн санаа баар чахчы. Айар куттаах дьоҥҥо маннык санаа батан киирбэт. Дэлэҕэ даҕаны Сардаана Амгинская маннык суруйуо дуо:
«Бастакы буолбатах», —
диэтилэр
«Бастыҥнар атыттар», —
дэстилэр
Хом санаа уоругун арыйан
Уорбалыыр санаанан
сахтылар.
3. Элбэхтик хатыланар санаа «Варя Потапова олоҕо эдэр сааһыгар быстыбатаҕа буоллар, төһөлөөҕү эрэ айыа турдаҕа». Нууччалыылаатахха, Варя Потапова айымньылаах олоҕун «Прерванный полет» диэн этэн кэбиһиэххэ сөп. Кыырай халлааҥҥа көтөн тахсан иһэн быстыбыт олох.
Силиппиэн Ууккун маннык суруйбута: «Күн бүгүн кини аата уостан түспэт. Ордук литература, искусство эйгэтигэр айар үлэ аартыгынан айаннааччыларга. Сиппитэ-хоппута буоллар, дириҥ хорутуулаах, дьоһуннаах да айымньылары айыа хааллаҕа».
4. Варя Потапова «Чуумпу лиирикэ» поэзиятын биир чаҕылхай бэрэстээбитэлэ буолар. Ити туһунан бэйиэт Сиэн Кынат «Уматар Чуумпу» кинигэтиттэн элбэҕи булан ааҕыаххытын сөп. Кини поэзията чахчы күүстээҕин туһунан норуодунай бэйиэт Бүөтүр Тобуруокап «… кини (Варя — А.С. Саввинов) поэзията уһулуччу күүстээҕэ адьас мунааҕа суох» диэн суруйбута. Оттон норуодунай бэйиэт Савва Тарасов маннык суруйбута «дьыллар-күннэр бардылар. Билигин биһиги Варвара Потапова хоһооннорун саҥардан, саҥалыы ааҕабыт. Уһулуччулаах, улуу да диэххэ сөп, хоһооннор суруллубуттар эбит. Мин билигин ол хоһооннорго Анна Ахматова, Алампа Софронов иэйэр-куойар куоластарын истэргэ дылыбын. Долгуйабын… Ытыахпын да, ыллыахпын да баҕарабын».
5. Варя Потапова айымньылаах үлэтин кытта билсиспит киһи, бөлүһүөк-бэйиэт өйүн-санаатын чугастык, истиҥник ылынар, бэйэтин быстыспат сорҕото оҥорор. Бу түгэн саха норуодунай артыыһа Зоя Багынанова айымньылаах үлэтигэр чаҕылхайдык көстөр.
Бу бэлиэтээһиннэр, төрдүһү, бэсиһи аахсыбатахха, Варя Потапова ис дьиҥин кырдьыктаахтык арыйбаттар, ону ааһан, киһини угуйбат, умсугуппат, сылаас тыынынан угуттаабат курус уобараһы үөскэтэллэр. Саамай хомолтолооҕо диэн, бэйиэт маннык уобараһа бэйиэт айымньылаах үлэтин туһунан төрдүс, бэһис бэлиэтээһиннэр ис хоһооннорун суох оҥорор.
Дэлэҕэ даҕаны тыл үөрэхтээхтэрэ этиэхтэрэ дуо «тиэкиһи ким да аахпат буоллаҕына, тиэкис өлөр, суох буолар» диэн. Ол курдук, бэйиэт хоһооннорун дьон аахпат буоллаҕына, хоһооннор өлөллөр, ону кытта тэҥҥэ бэйиэт умнуллар, дьиҥнээхтик өлөр.
СЫРДЫК УОБАРАҺЫН ТИЛИННЭРИИ
Дьэ, ол иһин билиҥҥи кэм баар чахчытын — Варя Потапова курус уобараһын төрдүттэн уларытан, бэйиэт сырдык ыраас уобараһын тилиннэрэр сорук турар.
Наука, бөлүһүөпүйэ сайдыытын биир улахан ситиһиитэ диэн, ханнык баҕарар чахчы (факт) уларыйыан сөп, өскүөрү дьон өйө-санаата төрдүттэн уларыйар буоллаҕына. Факт уларыйара диэн факт ис хоһооно уларыйарын этэллэр. Биһиги сорукпутугар сыһыаран эттэххэ, бастакы үс бэлиэтээһиннэр ис хоһоонноро уларыйыахтаах уонна ол уларыйыы үс бэлиэтээһиннэр урукку ис хоһоонноруттан дириҥ уонна киэҥ буолуохтаах, оччоҕуна эрэ итэҕэтиилээх уонна ылыннарыылаах буолуон сөп.
XIX үйэ иккис аҥаарыгар Дьобуруопа устуоруйатыгар киһи өйүкү-төйүкү, бүдүмүк туругун учуоттуур бөлүһүөпүйэ дьон-сэргэ олоҕун инники күөнүгэр тахсыбыта. Бу бөлүһүөпүйэ «олох» диэн өйдөбүлү өрө туппута уонна сайдыы суолун тускутун курдук көрбүтэ. Вильгельм Дильтей диэн ньиэмэс омук аатырбыт бөлүһүөгэ киһи, дьон-сэргэ, киһи-аймах кутун-сүрүн олоҕун көрдөрөр наукалар методологияларын, бу «олох» диэн өйдөбүлгэ олоҕуран, айан-тутан таһаарбыта. Дильтей этэр эбит: «Бэйиэттэр көннөрү дьоннорго майгыннаабат уратылаах дьоннор», — диэн. Ол уратылара диэн, кинилэр киһи-аймах өйө-санаата билиини-көрүүнү күүскэ иҥэринэр кэмигэр өтө көрөр дьоҕурдарын сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыбыттара буолар.
«Кинилэр «олох» олус дириҥ араҥатыгар киирэн туох эрэ дьиктини, улахан суолталааҕы булан хостоон таһааран, чопчу этэн кэбиһиэхтэрин сөп», — диир эбит Вильгельм Дильтей. Ити киһи ылынар оруннаах санаата. Варя Потапова кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы дьиҥнээх бэйиэт буолара улам көстөн иһэр. Кини айымньыларыгар биир ураты суолталаах санаа баар, өссө омос көрдөххө — ойуччу турар санаа.
Билигин историктары
билиммэппин
Кинилэр боруостуу иликтэр
Боччумнаах бу ааттарын…
ойуччута диэн бу санаа салгыы сайдыбат курдук, оттон дьиҥэр, Варя айымньылаах үлэтин үүннүүр-тэһиинниир санаа. Манна сыһыаран икки түгэҥҥэ тохтоон ааһар тоҕоостоох.
БАСТАКЫ ТҮГЭН
1961 сыллаахха Хомуньуус баартыйа XXII сийиэһигэр саҥа бырагырааманы ылыммыта. Онно суруллубутунан: «Баартыйа уонна Сэбиэскэй норуот сүрүн экономическай соруктара кэлэр сүүрбэ сыл иһигэр Хомуньууһум материальнай-техническэй баазатын олохтооһун…» буолар. 1964-1965 сыллардааҕы үөрэх дьылыгар үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр Научнай хомуньууһум төрүттэрин үөрэтии саҕаламмыта. 1964 с. Сэбиэскэй дойду салалтатыгар Хрущев кэнниттэн Брежнев уонна Косыгин кэлбиттэрэ. Бу кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар 1966 сылтан 1980 сылга диэри 660 миллиард доллар көрүллүбүтэ. Бу үтүмэн элбэх үп дьон сэргэ олоҕун хайдах уларыппытай диэн ыйыттахха, эппиэт судургу — үп-харчы кумахха кутуллубут уу курдук симэлийэн сүппүтэ. Сүүрбэ сыл иһигэр Бүтүн Сойуустааҕы министиэристибэлэр ахсааннара 29-тан 160-ҥа диэри элбээбиттэрэ. Ити министиэристибэлэргэ 18 мөлүйүөн чонуобунньук үлэлиир буолбута. Хомуньууһум материальнай-техническэй базатын олохтооһун туһунан кэпсэтии тохтообута.
Сэбиэскэй дойду салалтатын кута-сүрэ бу кэмҥэ тостубута диэн эттэххэ, бука улахан алҕас буолбата буолуо. Оттон сэбиэскэй дьон өйүгэр-санаатыгар ис санаа, таска тахсар тыл уонна дьыала үс аҥыы үрэллибиттэрэ. Ол да иһин ити кэми «застой» кэмэ диэн ааттаабыттара.
1950-1960-с сылларга босхоломмут холуонньа дойдулара, Аан дойду үһүс дойдулара Иккис Аан дойду сэриитин кэнниттэн Дьобуруопа дойдуларын сайдар суолларыгар олоҕу-дьаһаҕы саҥатытыы суолугар үктэммиттэрэ, ол гынан баран, күттүөннээх түмүккэ кэлбэтэхтэрэ. Кинилэр үгэс буолбут култууралара алдьаммыта, оттон дьобуруопалыы олох төрүттэрэ бу дойдуларга кыайан иҥмэтэҕэ. Дьэ, ол иһин Аан дойдуга бүтүннүүтүгэр кэриэтэ киһи-аймах инники сайдар суола социализм эбит диэн санаа күүһүрбүтэ. Ол кэмҥэ Иммануил Валлерстайн: «Биһиги олоҕу саҥардытыы кэмигэр буолбакка, капитализмтан социализмҥа көһүү кэмигэр олоробут», — диэн эппитин эдэр көлүөнэ учуонайдар күүскэ өйөөбүттэрэ. Ити 70-с сыллар ортолоругар этэ.
ИККИС ТҮГЭН
1975 сыллаахха Хельсинки куоракка Дьобуруопа 33 судаарыстыбалара, АХШ уонна Канада салайааччыта кыттыылаах «Дьобуруопаҕа куттал суох буолуутугар уонна иллээх, эйэлээх олоҕу тэрийии» туһунан улахан мунньах буолбута. Бу мунньахха бэлэмнэнии кэмигэр, өссө 1971 с. Сэбиэскэй дойду салалтатын баҕарар баҕарыытын «Иккис Аан дойду сэриитин кэнниттэн олохтоммут Дьобуруопа дойдуларын кыраныыссалара инники өттүгэр хаһан да халбаҥнаабат буолууларын ситиһиини биллэрбитэ. Итиннэ эппиэттээн Дьобуруопа дойдулара бэйэлэрин этиилэрин киллэрбиттэрэ «Сэбиэскэй дойдуга киһи бырааба көмүскэниэхтээх» диэн. Ол аата, Сэбиэскэй дойдуга киһи өйө-санаата, суобаһа, итэҕэлэ уонна итэҕэйиитэ туохтан даҕаны тутулуга суох киһи тус бэйэтин ис көҥүлэ буолуохтаах диэн. Сэбиэскэй салалта бу этиини 4 сыл үөрэтэн баран сөбүлэспитэ. Ол иһин Хельсинкигэ буолбут мунньах түмүк дөкүмүөнүгэр Сэбиэскэй салалта баҕата уонна Дьобуруопа дойдуларын этиитэ ылыныллыбыттара.
Олох чахчыта көрдөрбүтүнэн, Сэбиэскэй дойдуга киһи быраабын билинии «диссидент» хамсааһынын правовой акылаата буолбута. Рой Медведев, Александр Солженицын, Андрей Сахаров, Евгений Евтушенко, Владимир Высоцкай, Энст Неизвестнай ааттара бүтүн Сэбиэскэй дойдуга биллибитэ, дьон-сэргэ уоһуттан түспэт буолбуттара. Оттон Саха сиригэр «Чуумпу лиирикэ» бэйиэттэрэ Миитэрэй Дыдаев, Баһылай Саабын, Баһылай Дөдүүкүн, Алыбыар Бүлүүйүскэй уонна чаҕылхай бэйиэт Варя Потапова кэмнэрэ кэлбитэ.
Хельсинкигэ буолбут сүбэ мунньах кэнниттэн Сэбиэскэй дойду аптарытыата өрүһүлтэтэ суох таҥнары түһэн барбыта, ону тэҥэ социализмы киһи-аймах сайдар эркээйилээх суолунан билинии сыыйа тохтообута.
Варя Потапова айымньылаах үлэтэ социализм идиэйэтэ өрөгөйдөөн, киһи-аймах бүттүүнэ билинэр кэмигэр саҕаламмыта уонна бу идиэйэ олохтон туора сотуллар кэмигэр түмүктэммитэ. Кини социализм идиэйэтин тыыннаахтыы илдьэ сылдьар сэбиэскэй дьон-сэргэ өйө-санаата үс аҥыы үрэллибит кэмин этинэн-хаанынан билбит уйан дууһалаах дьиҥнээх бэйиэт айымньылаах үлэтин ис дьиҥин билэргэ бэйиэт олоҕун Сэбиэскэй дойду олоҕун дьылҕатын кытта быһаччы алтыһыннарар тоҕоостоох буолуо дии саныыбын.
БЭЙИЭТ БЭЙИЭТТИҤИТТЭН УРАТЫТА
Варя Потапованы дьиҥнээх бэйиэт диибит, тоҕо диэтэххэ бэйиэттиҥилэр диэннэр бааллар — бэйиэт курдук көстө сатааччылар. Биллэн турар, бэйиэттэр олус аҕыйах эбит буоллахтарына, бэйиэттиҥилэр олус элбэхтэр. Бэйиэттиҥилэр айымньылаах үлэлэрэ өйгө-санааҕа, билиигэ-көрүүгэ олоҕурар эбит буоллаҕына, дьиҥнээх бэйиэт айымньылаах үлэтэ, кини кутун-сүрүн иэйиитигэр олоҕурар. Биллэн турар, олус дьоҕурдаах, талааннаах бэйиэттиҥилэр баалларын олох чахчыта туоһулуур. Ол гынан баран, кинилэр дьиҥнээх бэйиэттэр курдук олох дириҥ араҥатыгар умсан, туох эрэ улахан суолталааҕы хостоон таһааран, өтө көрөн этэн кэбиһэр кыахтара суох. Кинилэр айар уобарастара төһө даҕаны кэрэкэ тылларынан киэргэммиттэрин иһин, өй-санаа таһымынан муҥурданаллар. Холобура, Сэбиэскэй идеология гражданскай сэриини көрүүтүгэр олоҕуран айыллыбыт уобарас:
Туман буолбут хонуктар
Тумулларын кэтэҕэр
Кыһыл буурҕа аттаахтар
Ньиргиэрдэрэ иһиллэр.
Оттон Сэбиэскэй дойду олоҕор үрүҥ буурҕа аттаахтар эмиэ баар буола сылдьыбыттара. Кинилэр эмиэ дьон-сэргэ, саха аймах кэскилин кэҥэтэр санаалаах ханыы күүс тардыстахтара. Сэбиэскэй кэм баар чахчытын кыһыллар эрэ оҥорботохторо, үрүҥнэр эмиэ оҥорсубуттара. Эбэтэр Сталин уобараһа:
Үрүҥ күн сырдыга,
Үгүс сүүс мөлүйүөн таптала,
Үүнүүбүт-сайдыыбыт
былааҕа.
Норуоттар «аҕаларын» бу уобараһа дьон өйүгэр-санаатыгар төһө да силис тардыбытын иһин, чэлгийэ сайдыбатаҕа, муҥур үйэлээх дьылҕаламмыта.
БАСТАКЫ ДУУ, БАСТАКЫ БУОЛБАТАХ ДУУ?
Варя Потапова туһунан үөһэ бэлиэтэммит түгэттэргэ төннүөххэйиҥ. Бастакы түгэҥҥэ Варяны «Кутурҕан Куо, курус санаа гиэнийэ» диэбиппит. Варя дьиҥнээх бэйиэт буолан, тус бэйэтин олоҕун дырааматынан муҥурданар кыаҕа суох. Кини Кутурҕан Куота бүтүн норуот кутун-сүрүн туругун көрдөрөр. Биир өттүнэн социализм идиэйэтэ, иккис өттүнэн бу идиэйэни олоххо киллэрбит Сэбиэскэй дьон-сэргэ өйүн-санаатын үрэллиитэ, дьон-сэргэ кэскилэ кэхтиитэ. Бэйиэт норуотун туругун Кутурҕан Куо уобараһынан көрдөрөр. Оттон кириитиктэр Варяны үөрэ-көтө сылдьан олох дьолун тутуһарыгар ыҥыраллар, бэйэҥ Кутурҕан Куо буолан бүт дэһэллэр.
Иккис бэлиэтээһин Варя Потапова бастакы дуу, бастакы буолбатах дуу? Бастакы диэн тыл араас суолталаах буолуон сөп. Холобура, кэмҥэ-кэрдиигэ сыһыаран этиэххэ сөп эбэтэр бастыҥ диэн ис хоһооннуохха эмиэ сөп. Кэм кэрдии хаамыытыгар сыһыардахха, түҥ былыргы саха омук суруллубатах устуоруйатыгар төһөлөөх элбэх эҥинэ бэйэлээх баай тыллаах-өстөөх оһуокайдьыттар, олоҥхоһуттар олорон ааспыттарын ким тымтыктанан көрбүтэ баарай. Кинилэри барыларын билбэппитинэн сабынан туора хаһыйан кэбиһэрбит сиэрэ суох диэн санаа киһи өйүгэр судургутук киирэр. Оччотугар “бастакы” диэн тылы туттуу төрүт да табыгаһа суох буолан тахсар. Оттон олох чахчыта көрдөрөрүнэн, дьиҥэр итинник санаа ким эмит айымньылаах үлэтин суолтатын намтатар угаайылаах ньыма оруолун толорор. Ол төрүөтэ – баар чахчыны судургутутууга олоҕурар. Олох чахчыта хаһан баҕарар уопсай уонна ураты алтыһыыларын диалектикатыгар олоҕурар. Оттон судургутутуу бу алтыһыы диалектикатын туора сотор, уопсайы соҕотохтуу хаалларар. «Норуот айымньыта” өйдөбүл суолтата өлүктүйдэҕэ ол, ону кытары тэҥҥэ “бастакы” суох оҥоһуллар. Оттон бастакыны бастыҥ диэн ис хоһоонноон өйдөөтөххө, атын ыйытык үөскээн тахсар – туохха сыһыаннаан бастыҥый? Үлэлии-хамныы олорор былаас идеологиятыгар сыһыаран бастыҥ дуу, эбэтэр дьон-сэргэ, норуот кэскилигэр сыһыаран бастыҥ дуу?
Варя Потапова айымньылаах үлэтэ уонна Мааркыс бөлүһүөпүйэтигэр олоҕурбут идеология хайдах даҕаны уопсай тыл булар кыахтара суоҕа. Варя Потапова айымньылаах үлэтигэр киһи кутун-сүрүн, ис эйгэтин өрө туппут буоллаҕына, Мааркыс бөлүһүөпүйэтин биир тутаах балаһыанньата — киһи ис эйгэтиттэн тахсан дьон-сэргэ үлэтигэр-хамнаһыгар кыттыһыахтаах, оччоҕуна киһини салайыахха сөп диэн этэ. Дьэ, ол иһин Варя Потапованы бастыҥ бэйиэт диир буоллахпытына, кини үлэтин-хамнаһын норуот кэскилигэр сыһыаран этиэхтээхпит.
АЙЫЫ ИЛДЬИТЭ ЭТЭ
Варя Потапова бэйиэт быһыытынан тус бэйэтин сыала-соруга сэбиэскэй дьон-сэргэ туоххаһыйбыт кутун-сүрүн туругун хайдах баарынан, кырдьыктаахтык ойуулаан көрдөрүү буолбута дии саныыбын. Ол да иһин Варяны кытта чугастык алтыспыт Мэри Софианиди кинини «вестник» — “Айыы илдьитэ этэ” диэн этэр. Кырдьык даҕаны, Рафаэль Баҕатаайыскай суругар: «Поэзиятыгар сыһыаннаах, саха бары поэттарыттан Анемподист Софроновы ордук чорботон сөбүлүүрэ. «Кырдьыксыта бэрт!
Долгутуута күүстээх! Санаата дириҥ!» диэн хайгыыр эбит Варя Потапова. Оттон Лазарь Афанасьев-Тэрис «Алампа хоһооннорун тоҕо Үөрэх диибитий?» диэн ыйытынан баран маннык эппиэт биэрэр: «Алампа этэринэн, киһини иэйиитэ, өйө-санаата сирдиир. Ол иһин кини иэйии, өй-санаа хайдах үөскүүрүн ырытар. Уонна биир түмүккэ кэлэр. Иэйии да, өй-санаа да майгыга олоҕурар эбиттэр. Киһи киһилии майгылаах буолуохтаах, оччоҕо ханнык даҕаны албыҥҥа-көлдьүҥҥэ бэриммэт. Онон Алампа үөрэҕэ диэн майгы үөрэҕэ», — диэн түмүктүүр.
КҮЛҮМ ГЫНАН СЫРДАТАН ААСПЫТА…
Варя хайдах майгылаах этэй? «Варя ордук уолаттары кытта тапсан кэпсэтэрэ, — диэн ахтар Терентий Халыев, — кинилэр курдук судургу, тугу да кистээбэккэ малтаччы сэһэргэһэр идэлээҕэ.
— Мин сороҕор кыргыттары өлөрдүү абааһы көрөбүн, — диэн биирдэ эттэҕэ үһү.
— Тоҕо? — диэн ыйытааччы буоллум.
— Сатаан санааларын аһаҕастык эппэттэр. Холобур, бу мин эйигин кытары туох баарынан, кэтэх санаата суох кэпсэтэбин. Оттон кинилэр эйигинниин бу курдук сэһэргэһэн да бэрт».
Үһүс бэлиэтээһин «Варя Потапова олоҕо эдэр сааһыгар быстыбатаҕа буоллар…» диэн этиилэргэ сыһыаннаах. Маннык санаа Варя Потапованы бэйиэт да быһыытынан, кини айымньылаах үлэтин ис дьиҥин да ситэ өйдөөбөттөн үөскээн тахсар. Биллэн турар, киһи-аймах устуоруйата көрдөрөрүнэн, дьиҥнээх бэйиэт олохтон түргэнник барыахтаах диэн буолбатах. Ол гынан баран, Варя Потапова «айыы илдьитин» сыалын-соругун толору толорон бу Орто туруу бараан дойдуттан арахсыбыта эмиэ баар чахчы. 80-с сыллар кэннилэриттэн дьон-сэргэ олоҕун инники күөнүгэр олох атын таһымнаах күүстэр тахсыбыттара.
Онон, түмүктээн эттэххэ, бэйиэт Варя Потапова бу Орто Туруу бараан дойдуга олорон ааспыт кылгас олоҕун Үрдүк Айыылар тыктарбыт чаҕылхай сардаҥалара улугуруу кэмин хараҥа, кирдээх олоҕун чаҕылҕанныы күлүм гынан сырдатан ааспытын курдук ылыныахтаахпыт.
Өндөрөй СААБЫНАП,
ХИФҮ бөлөһүөпүйэ хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ.