“Айыы санаалаах дьон көмөлөрүнэн”

Ааптар: 
04.09.2021
Бөлөххө киир:

Бэс Күөлүгэр сылдьан “Бэс Күөлэ” ресурснай резерват судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Кирилл Иванову көрүстүм. Кирилл Кириллович уонна уолун дьиэтин бу иэдээн эмиэ тумнубатах. Кини айыы санаалаах дьон көмөлөспүт харчыларынан саҥа гараас туттараары бырааттарын кытта ону көрө-истэ сылдьар эбит. Бастакы нэдиэлэҕэ дэлби ытаһан баран, тохтоотубут диир кини.

— Уот үөс-батааскы биэрбэтэҕэ. Тыыммытын тэскилэппиппитигэр баһыыба. Уолум дьиэтэ эмиэ уокка былдьаммыта. Салалтабыт, хата, бу ыксаллаах кэмҥэ өй ыла охсон, түргэнник дьаһаммыта. Биһигини 18 күн чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ эмтэтэ ыыппыттара. Онон тыыммыт кэҥээн, бу сылдьабыт. Өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо бары күүс-көмө буолан абыраатылар. Дьиэбин “Туймаада-строй” тутар. Түргэнник тутан эрэллэр. Матырыйаалбыт кэлэ турар. Үлэ баран, санаабыт бэттэх кэлэн эрэр. Матырыйаалы куораттан таһаллар, ону түһэрэр сири бэлэмниибит. Ил Дархаммытыгар, Бырабыыталыстыбаҕа, өрөспүүбүлүкэбит дьонугар-сэргэтигэр махтанабыт. Сылаас дьиэҕэ киириэхпит диэн эрэнэбит. 8 сиэннээхпин. Биэс сиэним санаторийга барда. Бастаан Бэс Чагдаҕа сынньаммыттара, онтон үргүлдьү Владивостокка, Артекка, “Орленокка” сынньана көттүлэр. Оҕолор барахсаттар уоттан соһуйбуттара ааһар, санаалара чэпчиир ини диэн эрэнэбин. Аны хаһаайыстыбаннай тутууларга тахсыбыт хоромньуну толуйуу туһунан боппуруос быһаарылларын кэтэһэбит.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыскаҕа: Иванов К.К.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0