Сахалыы тыыннаах “Айыы кыһата” оскуола үөрэнээччилэрэ, аҕалара, учууталлара бу ааспыт өрөбүллэргэ муҥхалаан кэллилэр.
Оҕолору төрүт үгэскэ, сахалыы сиэргэ-туомҥа, эр киһи үлэтигэр үөрэтэр үтүө тэрээһин бу оскуолаҕа онус төгүлүн ыытыллар. Быйыл барыта 200-чэ киһи тэринэн, Нам I Хомустааҕар тахсан муҥхалаатылар. Манна кинилэри үгэс курдук, уруккута учуутал идэлээх Федор Иванович үөрэ көрсөр. Урут кини муҥхатын түһэрэр этилэр. Быйыл Аҕа Сүбэтэ туспа муҥха атыылаһарга быһаарбыта, онон саҥа муҥхаларын боруобалаан көрдүлэр.
Оскуола муҥхатыгар 3-с кылаастан саҕалаан, уолаттар аҕаларын кытары бараллар. Сорох аҕалар бэйэлэрин эппиэтинэстэригэр ылан, оннооҕор 5-6 саастаах уолаттарын илдьэ сылдьаллар. Эр дьон учууталлар бары кытталлар. Оннооҕор оскуоланы урут бүтэрбит уолаттар үөрэнэн хаалан, сыл аайы кэлэ тураллар, сайыһан туран барсаллар. Кырдьык, куорат оҕото баҕардаҕын аайы муҥхалыыр кыаҕа суох буоллаҕа, онон маннык тэрээһиннээх барыылар үөрэтэр, уол оҕону эр киһи үлэҕэ үөрүйэхтэригэр уһуйар сыаллаахтар.
Кыра уолаттар нырыылыыр эбээһинэстээхтэр (кыра ойбоннорго ураҕастары уган, булкуйан, балыгы үргүтэллэр), обургулар улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьан муҥханы тардарга көмөлөһөллөр, ойбон аллараллар, сэби-сэбиргэли туттарга үөрэнэллэр. Күнү быһа таһырдьа сылдьар буолан, сөпкө сылаастык таҥналлара, холобур, уларыттар үтүлүк, наскы илдьэ бараллара, айылҕаҕа кичэллик тэринэн-хомунан барарга үөрэнэллэрэ – оҕоҕо бу туспа үөрүйэх.
Аан бастаан тиийээт да, Аҕа Сүбэтин салайааччы, булчут Александр Соров сири, уоту аһатыы туомун толорбут. Уолаттар хас биирдиилэрэ сири аһатарга хайаан да алаадьылаах буолаллар.
Кутааҕа сэттэ биэдэрэ миин буһаран, эмиэ соччо чэй оргутан, ыһыктарын холбоон, бары бииргэ минньигэстик аһаабыттар. Сиргэ-уокка сырыттахха, оннооҕор арыылаах килиэп минньийэр буоллаҕа… Оттон кутаа чэйэ барахсан киһи этин-сааһын устун дьырылаан киирэрэ туохха тэҥнэһиэй!.. Хараҥарыыта, икки муҥхаларын тардан таһааран, Байанайдара мичик гынан, үөрүү-көтүү улахана буолбут.
—Күөлбүт улахан этэ. Уруккута соччо муҥхаламматах эбэ буолан, дулҕалаах, мастаах этэ, оннооҕор эргэ тууну хостоон таһаарбыппыт. Аан бастаан тиийэрбитигэр биир суор кэтэспит курдук, арахпакка тула эргийэ сылдьыбыта. Аны икки үөр сылгы оптуобуспутун батыһа эккирэппиттэрэ. Онон бит-билгэ үчүгэй этэ.
Уол оҕо буһан-хатан, тоҥон, эриллэн-мускуллан улаатыахтаах. Холобур, мин орто уолум убайын батыһан, 5 сааһыттан сылдьыһар. Наар көрүүгэ-истиигэ сылдьыбыт, сылаас дьиэҕэ олорбут оҕоҕо эр киһилии иитии тиийбэт. Манна аҕа уонна уол биир ситимҥэ киирэн, бииргэ сылдьан, сыһыаннара бөҕөргүүр. Үгэс курдук, бултан ким да маппат, оннооҕор оскуолаҕа хаалбыт учууталларга (кэрэ аҥардарга) бэрсэбит, — диэн “Айыы кыһата” оскуола төрөппүттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Ю санаатын үллэһиннэ.
Оҕолор, күнү быһа үлэлээн, буһан-хатан, куул кыра аҥарынан балыктаах (уонча буһарыы — баһаам ас!), бултаан-алтаан дьиэлэригэр кэлиилэрэ туспа үөрүү буоллаҕа. Оҕобут улаатан, эр киһилии бултаан-алтаан, булан-талан аһатар киһи буолбут диэн, ордук ийэлэр үөрэн эрдэхтэрэ. Сонно тута эмис собону ыргыччы буһаран, бары остуол тула олорон үөрэ-көтө сапсырыйа аһаан, күө-дьаа кэпсэтэн-ипсэтэн, куорат ыалыгар дьоро киэһэ үүннэҕэ.
Оттон уол оҕо барахсан, ыраас хаарга, киэҥҥэ-куоҥҥа доҕотторунуун көҥүл ыстаҥалыы оонньообутун, балык бөҕө өрөҕөтө кытарбытынан, лаһыйбытынан тахсан эрдэҕинэ, бултуйуу үлүһүйүүтэ, омуна баһыйан, муҥура суох үөрүү сүрэҕин ыга кууспутун саныы сытан, улуу булчут, улахан киһи курдук санаммытынан, күннээҕи сылаата таайан, хараҕа сабыллан, утуйан буккураан хааллаҕа…
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru