“Айыы кыһата” оскуола оҕолоро Хакасияҕа, Тываҕа, Алтаайга “Өбүгэлэрбит суолларынан” диэн эспэдьииссийэҕэ сылдьаллар. Бу суолунан 1926 с. биллэр учуонай Гаврил Ксенофонтов эспэдьииссийэ тэрийбит эбит.
От ыйын 3-5 күннэригэр Хакасияттан Тываҕа тиийбиттэр. Кинилэри Тыва ыалдьытымсах олохтоохторо Кызыл куоракка киирэ да иликтэринэ, национальнай таҥастаах, туустаах килиэбинэн күндүлээбитинэн көрсөн соһуппуттар. Бу түгэни тэлэбиидэнньэҕэ устубуттар. Уопсайынан, Саха сириттэн дэлэгээссийэни көрсөөрү, анал бырагыраама оҥорон, арыаллыыр дьону анаан, көрсүһүүлэри тэрийэн, улаханнык түбүгүрбүттэр. Тоҕо диэтэххэ, үөрэх министиэристибэтин «Тыва для друзей» улахан бырайыагын бастакы кыттааччылара буолбуттар эбит.
Тута Кызыл куорат кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин киэн тутта көрдөрбүттэр. Оҕолор икки өрүс холбоһон, Енисей үрдүгэр турар Азия Киинин көрөн астыммыттар. Сүдү талааннаах бурят скульптора Даши Намдаков дизайнынан оҥоһуллубут Азия Киинин обелиһа, «Царская охота» диэн көтөн иһэр курдук аттаах, бултуу сылдьар ыраахтааҕы уонна кыыс скульптуралара киһини сөхтөрөр. Арассыыйа оборонатын миниистирэ Сергей Шойгу аҕатын аатынан буддийскай храмҥа, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, дьоруойдарыгар анаммыт сквергэ сырытыннарбыттар.
Тыва норуотун өбүгэлэриттэн кэлбит өйдөбүллэригэр олоҕурбут уолаттар, эр дьон дьоһунун кэрэһилиир кодекс мэҥэ тааска суруллубутун кэрэхсээбиттэр. Сир анныттан сүүрүгүрэн тахсар, ып-ыраас, эмтээх уулаах «Кундустуг» диэн ытык сиргэ сылдьан сэргэхсийбиттэр.
Национальнай кыраайы үөрэтэр музейдарынан киэн туттуохтарын тутталлар. 2004 сыллаахха көстүбүт Тыва ыраахтааҕыларын көмүүлэрин көмүс оҥоһуктара көрбүтү эрэ сөхтөрөр. Киһи хараҕар таба көстүбэт кыра оҕуруоларынан тиһиллибит таҥастара, уран киэргэллэрэ былыргы Тыва омук култууратын таһыма үрдүгүн туоһулууллар.
Экскурсоводтарынан туризм техникумун преподавателин Марианнаны, устудьуона Сашаны сыһыарбыттар. Кинилэр омуктарын култууратын туһунан чахчы киэн туттан астына кэпсииллэригэр бу омук бэйэтин ытыктыыра, дьоһуннааҕа көстөр. Оҕолор кинилэри кытта кэпсэтэллэригэр элбэх маарыннаһар тыллары булан үөрбүттэр-көппүттэр.
Саха суруйаачыларыгар эҕэрдэлэрин тиэртилэр
Салгыы эспэдьииссийэ салайааччыта, оскуола дириэктэрэ Лидия Шамаева бу курдук кэпсээтэ:
— Тыва култууратын киинигэр Госдума урукку дьокутаата, билигин Тыва Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ, Суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ, драматург Чимит-Доржу Баирович Ондар, Тыва аҕа баһылыгын ийэтэ, Саха сиригэр араас кэмҥэ кэлэ сылдьыбыт суруйааччылар, үөрэх миниистирин солбуйааччыта кыттыылаах «Тыва, Саха сирин култуурунай, айар сибээстэрэ” диэн истиҥ көрсүһүүнү тэрийбиттэрэ.
Оскуолабыт тэриллибит остуоруйатын, «Айыы Кыһата» өбүгэ ийэ-өй санаатыгар тирэҕирэр төрүт үгэстэргэ олоҕурбут сэһэнин, төрөөбүт тылбытынан биридимиэттэри үөрэтэрбитин кэрэхсии истэллэр, салалталарыгар иһитиннэрэн тиэрдэ сатыылларын бэлиэтии көрдүм.
Тываҕа кийиит буолан олохсуйбут Сунтаар, Дьааҥы, Алдан улуустарыттан төрүттээх биир дойдулаахтарбыт кэлэн көрсүһэн барбыттара эмиэ биир интэриэһинэй түгэн.
Баайаҕыын Тыва поэтессата Сайлыкмаа Комбу хоһооннорун интэриниэттэн булан сахалыы тылбаастаан илдьибит. Онон биир умнуллубат түгэнинэн Тыва поэтессатын хоһоонун биһиги оҕолорбут нууччалыы, Баайаҕыын бэйэтин тылбааһын сахалыы аахпыта олус долгутуулаах этэ.
Тыва норуотун ырыатын сэргэ саха ырыата-тойуга дьиэрэйдэ. Саха сиригэр сылдьыбыт суруйааччылар Николай Винокуров-Урсуҥҥа, Баһылай Харысхалга, Елена Слепцова-Куорсуннаахха, Гавриил Андросовка, Рустам Каженкин-Арчы Уолугар, Александра Поповаҕа улахан эҕэрдэлэрин ыыттылар. Сахалыы сир аатын, ырыа тылын, матыыбын өйдүү сылдьалларыттан сөхтүбүт.
Салгыы бибилэтиэкэҕэ сырытыннардылар. Онно саха суруйааччыларын кинигэлэрин, дойдубут туһунан кэпсиир кинигэлэр быыстапкаларын тэрийбиттэр. Саамай дьиктитэ, долгутуулааҕа диэн, Гаврил Ксенофонтов 1937 сыллаахха тахсыбыт «Урааҥхай сахалар» кинигэтин уура сылдьаллар эбит.
Сайлыкмаа Комбу, көрсөрүгэр да, атаарарыгар да бэйэтэ астаабыт сып-сылаас лэппиэскэтэ олус тотоойу уонна минньигэс этэ. Суоппарбыт Тыва киһитэ Андрей биһиги сөбүлүү көрбүт кэрэ айылҕалаах сирбитигэр тохтотон, аартыктан туора турар Шушенскай музейыгар сырытыннаран, санаабытын бэркэ тапта. Ырыаларын курдук ыраас, сырдык дууһалаах дьону кытта алтыспыппытыттан бэйэбит да биллибэтинэн уларыйан, сымнаан-кэҥээн, тэнийэн биэрбит курдукпут.
Манна биологическай наука доктора, генетик учуонай дьахтар биһигини батыһа сылдьан кэпсээтэ. Төрүччүбүтүн төһө билэрбитин интэриэһиргээбитигэр, сийиэс буола турарын кэпсээбиппитин истэн, олус биһирээтэ.
Оҕолор төрөөбүт дойдуттан тэйэ сырыттахха, омук дьонун хараҕынан көрөн, Саха сирэ, саха омуга ордук күндүтүйэн биэрэрин бэлиэтээтилэр. Бу кинилэр патриотическай өйдөрө-санаалара уһуктарыгар төһүү буолбута саарбаҕа суох.
Бу курдук айаммыт бэйэбитигэр да тула араас омук дьиктитин кэрэтин арыйан, умнуллубат түгэннэри үөскэтэрэ олус кэрэхсэбиллээх.
Хакасия, Тыва, Саха сирин төрүт олохтоохторо, хаһан эрэ биир дьиэ кэргэн оҕолоро, өр буолан баран көрсөн ахтылҕаммытын таһааран, кылгас кэмҥэ утаппыттыы сэһэргэһэн, хардарыта ыллаан-туойан, олохпутугар умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтибит.
Экспедиция салгыы Алтаайга айаннаата.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru