Бу күннэргэ “Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин: кэнэҕэски кэмҥэ инвестициялар” диэн оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы форума буолан ааста. Тэрээһин чэрчитинэн форум улахан мунньаҕа, сиэксийэлэринэн үлэлэр, Оҕо айымньытын Дыбарыаһыгар быыстапкалар турдулар, “төгүрүк остуоллар” буоллулар.
edersaas.ru
Кубик-мас
Дьокуускай куораттааҕы “Парус” уһуйаан иитээччитэ Марина Елисеева ханна да суох “Кубики-палки” оонньууру айбыт. Оҕолор манан дьиэ да тутталлар, туннель да оҥостоллор эбит. “Бу, көрдөрүүгэ диэн сороҕун эрэ илдьэ кэллибит. Аны маны оҥорорго туох даҕаны улахан матырыйаал ирдэммэт, үгүс үбү-харчыны эрэйбэт. Швабра угун үс чааска араарабыт. Кубу бастаан буруустан оҥорон көрбүппүт да, табыллыбатаҕа, сааһынан хайа баран хаалар эбит. Ол иһин ЛДС-ны килиэйдээн баран самореһынан туттардыбыт. Бөлөхпүтүгэр өрүү турар. Оҕолор төһө баҕарар оонньууллар, тугу санаабыттарын барытын айан таһаараллар. Мантыбыт өссө сабыылардаах. Оҕо тутар-хабар дьоҕурун, айар, толкуйдуур талаанын сайыннарар. Оҕоҕо туох даҕаны куттала, буортута суох”, — диэн ааптар Марина Михайловна кэпсиир. Маны таһынан “Парус” уһуйаан иитээччилэрэ “Семь народов – семь алмазов” үөрэх электроннай кинигэтин, “Познавайка”, “Араас өҥнөөх хаппахтар”, “Оһуору оҥор”, “Дьэрэкээн иһиттэр”, “Остуоруйа дьоруойдарын таай”, “Ааптар саахымата” курдук араас дидактическай оонньуулары толкуйдаабыттар.
“Сайыҥҥы ходуһаҕа” оонньуу
Оттон Таттатааҕы “Чуораанчык” уһуйаан эбии үөрэхтээһинин педагога Валентина Сунхалырова, логопед учуутал Татьяна Хаптагаева, психолог-педагог Ирина Тихонова түөртэриттэн үөһэ саастаах оҕолорго аналлаах “Сайыҥҥы ходуһаҕа” диэн оонньууну толкуйдаабыттар. Маҥнай пазлынан ходуһаҕа ханнык оттор үүнэллэрин билиһиннэрэллэр (кэннигэр оттор ааттара сахалыы, нууччалыы, английскайдыы сурулла сылдьар). Манна туттуллар тэрил (хотуур, кыраабыл, атырдьах…) барыта баар. Маны барытын иитээччи оҕоҕо кэпсиир. Холобура, бастаан оту охсоллорун, ардах кэнниттэн куурдуллуохтааҕын, онтон эргитиллиэхтээҕин, кыраабылланыахтааҕын, бугулланыахтааҕын, кэбиһиллиэхтээҕин, күрүөлэниэхтээҕин. Бугул, кэбиһиилээх от өлүүлэргэ, күрүө чаастарынан арахсыллыбыттар. Оҕо маны бэйэтэ таҥыахтаах эбит. Оҕолор икки хамаандаҕа арахсан, ханнык хамаанда бастаан оттоон бүтэригэр куоталаһаллар. Ол быыһыгар логопед толкуйдаабыт хоһооннорун ааҕаллар, ырыаларын ыллыыллар. Оонньуу быраабылатын барытын ыйынньыкка сиһилии суруйбуттар. Инникитин өссө ситэрэр-хоторор санаалаахтар.
“Олох мас” конструктор
Дьокуускай куораттааҕы 17-с нүөмэрдээх “Күнчээн” уһуйаанын иитээччитэ, 32-с сылын иитээччинэн үлэлиир Оксана Гаврильева кэргэнинээн Андрей Степанович Гаврильевтыын сахалыы олох мас-конструкторы оҥорбуттар. Бу олох мас 12 дэтээлтэн турар, барыта бэлиэлээх, сахалыы оһуордаах. Оҕолор бэлиэлэринэн көрөн холботолууллар. “Манна оҕо толкуйдуур дьоҕура сайдар”, — диэн Оксана Дмитриевна кэпсиир. Балаҕан иһинээҕи тэрили барытын оҥоруохха сөп эбит диэн санаатын үллэстэр. “Билиҥҥи саха оҕото нуучалыы саҥарара үксээтэ. Ити олус улахан кыһалҕа. Онно үлэлэһэргэ биһиги “сахалыы ыйдар”, “өбүгэлэрбит астара”, “өбүгэлэрбит иһиттэрэ” диэн оонньуулаахпыт. Ити курдук, кыралаан оонньуубут тыынын сахатыта сатыыбыт, оҕо тылын саппааһын байытарга үлэлэһэбит. Син иҥэринэллэр. Төрөппүтү кытта көмөлөөн үлэлээтэххэ кыаллыан сөп”, — диэн бэлиэтиир.
Оонньуур арааһа
Тааттаттааҕы “Эрэл” чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ иитээччинэн үлэлээн эрэр Владимир Егоров дьиэ хайдах тутулларын көрдөрөр мас конструкторы оҥорбут.
Эдьигээн Кыстатыамын курдук ыраах сиртэн “Туйаара” уһуйаан иитээччилэрэ Мария Васильева, Наталья Иванова “Эбэҥки дьиэ кэргэнэ”, “Таба ыстаадата”, “Балык уҥуоҕуттан моделирование” диэн балык тириититтэн куукулалары, талахтан, уҥуохтан остуол оонньуурдарын оҥортоон аҕалбыттар.
Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору кытта үлэлиир иитээччилэр “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин” остуоруйаны хото туһаналлар эбит диэн көрдүм.
Анал үөрэхтээх, быыстапкалары сыаналыыр дьон, баҕар, атын ирдэбиллээхтэрэ буолуо эрээри, тус бэйэм, быыстапкаҕа сүрүннээн оҕо илиитинэн тутан-хабан оонньуур түгэннэригэр харахпын хатаатым. Куоракка аныгы технология хото туһаныллара үгүс, оттон оҕо оонньуурунан оонньуура сэдэх. Төрөппүт быһыытынан ону толоруон сөптөөх түгэннэри сэҥээрдим.
Быыстапкаҕа маҕаһыыҥҥа атыыланар оҕону сайыннарар оонньуурдартан саҕалаан, иитээччилэр бэйэлэрэ толкуйдаан таһаарбыт биридимиэттэрэ, оонньуурдара үгүс. Харах халтарыйар оонньуурун ийэтэ-аҕата манна турда! Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, букатын биисинэскэ кубулуйан эрэр эбит. Ханнык баҕарар төрөппүт атыылаһан дьиэтигэр оҕотун кытта оонньуон сөп эбит.
Тэрээһин түмүгүнэн бастыҥ үлэлэри талан, быйыл саас ыам ыйыгар Москваҕа ыытыллыахтаах норуоттар икки ардыларынааҕы форумҥа илдьиэхтэрэ. Дьүүллүүр сүбэ талбыт бастыҥ үлэлэрин туһунан тэрээһин чугаһыгар билиһиннэриэхпит.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru