«Халыма күөрэгэйин» Айыллаана ырыаларын эстрада «сулустара» ыллыыллар
Бүгүн Ырыа күнүгэр «Халыма күөрэгэйинэн» биллэр Люция Слепцова-Айыллаана күн солото суох сырытта.
edersaas.ru
Киэһэ солотуйан, батсаабын көрөн, мин ыйытыыларбар дьэ хоруйдаата.
— Ырыа айарга бастакы холонуубун устудьуоннуур сылларбар саҕалаабытым.
Аан маҥнайгы «Соҕотох тапталбар» ырыабын (бэйэм тылларым уонна матыыбым) 1988 сыллаахха сүрэхтээбитим. Устудьуоннуур сылларбар оҕолор: «Таптал туһунан ай «, — диэн көрдөһөллөр этэ. Элбэх ырыаны айар этим эрээри, ити эрэ ырыа хаалан хаалбыт. Арааһа, саамай сөбүлээн ыллыыр ырыабыт буолан буолуо, — диэн санаатын үллэстэр ырыа куттаах сэһэргэһээччим.
Быйыл сыл саҥатыгар Люция Слепцова-Айыллаана 30 сыллаах айар биэчэрин үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыта.
— Саха циркэтин дириэктэригэр Сергей Расторгуевка махталым муҥура суох. Банкеттыыр сааланы уонна аппаратуратын босхо туран биэрэн, наһаа истиҥ айар киэһэм буолбута. Онно доҕотторум, «ырыа уонна муусука» диэн баран муннукка ытаабыт талааннаах дьон Степан Афанасьев, Иван Наумов, Иван Тимофеев олус да көмөлөспүттэрэ, өйөөбүттэрэ! Тумус туттар киһибэр, баяниспар, СӨ култууратын туйгуна, самодеятельнай композитор, СӨ Ырыа айааччылар сойуустарын чилиэнэ, ырыаһыт Роман Степановка ис сүрэхпиттэн бары саҕалаһааннарбын өйүүрүн иһин наһаа махтанабын, — диэн кэпсиир ырыаһыт.
Люция Слепцова-Айыллаана Орто Халыма Ойуһардааҕар элбэх оҕолоох ырыаны өрө туппут Бандеровтар дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт буолан, оҕо сааһыттан ыллаан улааппыта.
— Аҕам аҕата, эһэбит Семен Бандеров улахан ырыаһыт, олоҥхоһут оҕонньор эбитэ үһү. Аҕабыт эмиэ олоҥхоһут этэ. 70-с сылларга улуустары кэрийэн, үс -түөрт киһи састааптаах фольклорнай экспедиция Дьокуускайтан кэлэн олоҥхоһуттары, норуот ырыаһыттарын куоластарын усталлар этэ. Биһиги аҕабытын үс төгүл кэлэн устубуттара. Билигин кини куолаһа Саха араадьыйатын пуондатыгар харалла сытар.
11 оҕоттон түөрт оҕо мин төрүөм иннинэ өлбүттэр. Хаалбыт сэттэ оҕо бары ыллыыр этибит. Убайым Семен Бандеров — самодеятельнай композитор. Быраатым Алексей Бандеров — биллиилээх музыкант, ырыа айааччы, ырыаһыт этэ. Эдьиийдэрим эмиэ сцена бэтэрээннэрэ. Уопсайынан, ийэбит уонна аҕабыт олус талааннаах дьон этэ. Дьиэбитигэр араас музыкальнай инструмены мунньаллара. Биир истиэнэ барыта оннук этэ. Домбраҕа, домраҕа тиийэ баар этэ. Билигин санаатахха, соҕурууттан кэлэр-барар дьоҥҥо анаан сакаастаан ыллараллар эбит. Ханнык инструмент хайдах оонньонорун, ол историятын барытын кэпсииллэрэ. Сүрдээх билиилээх дьон этилэрэ.Онон кэрэ эйгэтигэр — ырыаҕа уһуйбут төрөппүттэрбэр сүгүрүйэ махтанабын, — диэн ахтар сэһэргэһээччим.
Люция Слецова-Айыллаана «Оҕом — сүрэх үөрүүтэ» диэн ырыатынан саха эстрадатын «сулуһа» Дарья Лаврова 2015 с. «Үрдэл» уонна «Дохсун» музыкальнай бририэмийэлэргэ тиксибитэ уонна интернет-хитка 1-кы миэстэни ылан, «хит ырыа» номинация кыайыылааҕынан буолбута. Маны таһынан, Айыллаана «Саҥа ыалга» ырыатын Саарын, «Туйаарыма» ырыатын Хотун Арылы, «Сэгэрбэр» ырыатын Алевтина Лугинова бэйэлэрин репертуардарыгар киллэрэн ыллыыллар.
Быйыл Люция Слепцованы-Айыллаананы 80-тан тахса киһилээх өрөспүүбүүлүкэтээҕи Ырыа айааччылар сойуустарыгар киллэрдилэр. Бу уруккута Мелодистар ассоциациялара диэн этэ. Биллэн турар, айар сойууска өрөспүүбүлкэҕэ ааттаах-суоллаах, норуокка ылланар ырыалардаах мелодист киирэрэ чахчы. Онон Люция Слепцова-Айыллаана айар үлэтэ өссө тахсыылааах буолуоҕар эрэнэбит уонна ырыалара өссө да дьоҥҥо сөбүлэтэн, дууһа кылын таарыйалларыгар баҕарабыт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска ырыаһыт Люция Слецова-Айыллаана архыыбыттан.