“Айыллаан” Култуура дьиэтигэр Иван Кандинскай аата иҥэрилиннэ

30.12.2017
Бөлөххө киир:

Чурапчы нэһилиэгин сессиятыгар улуус култууратын үлэһиттэрин Ытык Сүбэтин туруорсуута өйөнөн, тутуллубута 44 сыл буолан баран иккис тыынын ылан, саҥалыы өрөмүөннэнэн, нэһилиэнньэҕэ аанын тэлэччи аспыт “Айыллаан” Култуура дьиэтигэр И.И. Кандинскай аата иҥэрилиннэ.

Иван Иванович Кандинскай 1969-1973 с. Чурапчы норуодунай тыйаатырын тэрийбитэ, режиссерунан үлэлээбитэ. Кини көҕүлээһининэн Чурапчы норуодунай тыйаатырыгар 1970 с. РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа П.М.Решетников аата иҥэриллибитэ. 1973 сылтан култуура отделын сэбиэдиссэйинэн ананан, 15 сыл устата ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ол сылларга Дириҥҥэ норуодунай тыйаатыры, оҕо музыкальнай оскуолатын астарбыта, элбэх култуура каадыра үрдүк үөрэхтэнэригэр, ылбыт идэлэринэн иҥэн-тоҥон айымньылаахтык үлэлииллэригэр күүс-көмө буолбута.

Кини салайар сылларыгар идеологическай үлэ күүскэ ыытыллыбыта, хонтуруолламмыта, кулууп, билитиэкэ тэрилтэлэрэ ыкса сибээстээхтик үлэлииллэрэ ситиһиллибитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар социалистическай куоталаһыыларга култуура тэрилтэлэрэ бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр өрүү миэстэлэһэллэрэ. 1983 сылтан Чурапчы оройуоҥугар  партийнай комиссия бэрэссэдээтэлинэн талыллан, үгүс үлэни көҕүлээбитэ, ыыппыта. Саха биллиилээх мелодиһа, ырыаһыта Христофор Максимов ырыаларын хомуурунньугун таһаартарбыта. Саха сирин суруйааччыларын, искусство маастардарын ааттарын үйэтитиигэ элбэх үлэлэрдээх. 1987 сылтан Чурапчы оройуонун норуодунай хонтуруолун чилиэнинэн талыллан үлэлээбитэ.

1988-1991 с. “Мугудай”сопхуос партийнай кэмитиэтин сэкэритээринэн ананан үлэлээбитэ. 1991-1994 сс. олоҕун тиһэх күннэригэр диэри “Уран тарбахтаахтар” уопсастыбаларын салайааччытынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Дьэ ити курдук идеологичеөскай үлэ оргуйар үөһүнэн сылдьыбыт Бочуот Знага уордьан кавалера Иван Иван Кандинскай аата “Айыллаан” култуура дьиэтигэр иҥэрилиннэ.

Култуура дьиэтэ 1973 с.ахсынньы 29 күнүгэр үлэҕэ киирбитэ. 2017 сыл ахсынньы 29 күнүгэр Иван Иванович Кандинскай аатынан “Айыллаан” Култуура дьиэтэ  Российскай банк мөлүйүөннээх өйөбүлүн ылан, хаттаан сөргүтүллэн, тутуллан, үөрүүлээх аһыллыыта  буолла.

Култуура дьиэтин маҥнайгы дириэктэрэ ССРС уонна СӨ култууратын туйгуна А.Д.Аммосовтан саҕалаан, араас сылларга “Айыллааҥҥа” үлэлээбит култуура үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ кыттыылаах улахан үөрүүлээх, умнуллубат өйдөбүллээх дьоро күн Чурапчыларга тосхойдо.

 

Мария Герасимова-Сэҥээрэ,

РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна.

ЫСПЫРААПКА

Иван Иванович Кандинскай 1937 сыллаахха ахсынньы 21 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Доллу нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Иван Яковлевич холкуос ууһа, ийэтэ Александра Семеновна ыанньыксыт этилэр. Иккиэн 1951 с-ха өлбүттэр. Иван 1952 с-ха Төҥүлүгэ сэттис кылааһы бүтэрбитэ. 1956 с-ха Дьокуускайдааҕы музыкальнай-художественнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. 1960 с. училищены бүтэрэн, Москватааҕы А.В.Луначарскай аатынан театральнай институкка үөрэнэн, 1965 сыллаахха сахалартан маҥнайгынан опера режиссерун идэтин ылан, П.А.Ойуунускай аатынан Саха музыкальнай — драматическай тыйаатырыгар режиссерунан ананан кэлбитэ. Дипломнай үлэтин “Лоокуут уонна Ньургуһун” диэн Суорун Омоллоон уонна Күннүк Уурастыырап суруйбут либреттоларынан лирическай опера-номоҕу, П.Ойуунускай “Кыһыл ойуун” айымньытынан, Суорун Омоллоон чочуйан оҥоруутугар, 3 оонньуулаах драманы ситиһиилээхтик туруорбута. Ону таһынан, Саха тыйаатырын 40 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан “Ньургун Боотур” туруорууга режиссер быһыытынан кыттыыны ылбыта. 1965-1968 сс Станислав Монюшко “Галька” оператын уо.д.а. туруорбута. 1968 -1969 сс Амма норуодунай тыйаатырын төрүттээбитэ уонна маҥнайгы режиссер быһыытынан үлэлээбитэ. Ст.Ефремов “Ини-бии” испэктээгин туруорбута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0