Амарах санаалаах Айыллаан

27.12.2017
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Президенэ Владимир Путин 2018 сылы Доброволец уонна волонтер сылынан биллэрдэ. Ити туһунан дойду баһылыга 2017 с. ахсынньы 6 күнүгэр «Арассыыйа доброволеһа» наҕараадалары туттарыыга үөрүүлээх быһыыга-майгыга иһитиннэрдэ.  edersaas.ru

Саха сиригэр «Саха Сирин волонтердарын кытары үлэлиир киин» 2011 с. тэриллэн, ыччаты кытары ситимнээх үлэни ыытан кэллэ. Киин салайааччытынан Айыллаан Винокуров ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Кини бүгүн биһиги ыалдьыппыт.

Айыллаан, бэйэҥ тускунан кэпсии түһүөҥ дуо? Бу дуоһунаска хаһааҥҥыттан үлэлиигиний?

– Мин бэйэм Нам улууһун Бартыһаан нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Дьиэ кэргэммитигэр үспүт: ийэм, мин уонна быраатым.

2017 сыл олунньутуттан «Саха Сирин волонтердарын кытары үлэлиир киин» дириэктэринэн үлэлии сылдьабын. Үлэм олус интэриэһинэй, күн аайы туох эрэ саҥаны билэбин. Максим Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка педагог-психолог идэтигэр үөрэнэбин.

Улуустар көхтөөхтөр

Волонтердар кииннэрэ ха­һааҥҥыттан үлэлиирий, тугунан дьарыктанарый?

– Биһиги кииммит 2011 с. ахсынньытыттан үлэлиир. Сүрүн хайысхабытынан социальнай уонна событийнай волонтерство буолар.

Эһиил Арассыыйаҕа Доброво-­­­
л­ец сыла биллэриллибитинэн, туох уларыйыылары күүтэҕитий, ханнык былааннардааххытый?

– Өрөспүүбүлүкэбитигэр кэлэр сылга олус элбэх тэрээһиннэр, ааксыйалар ­ыытыллыахтара уонна Сахабыт Сиригэр добровольческай (волонтерскай) хамсааһын туһунан сокуон ылыллыаҕа. Онон сиэттэрэн, элбэх үлэни былаанныахпыт.

Волонтердар киин тэриллиэҕит­тэн ханнык улахан тэрээһиннэргэ кытыннылар?

– Биһиги кииммит тэриллиэҕиттэн олус элбэх тэрээһиннэргэ кытынна. Олортон саамай улаханнара — араас сылга ыытыллыбыт Олимпийскай оонньуулар, Аан дойдутааҕы универсиадалар, «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар, араас таһымнаах тустуу күрэхтэһиилэрэ уонна да атыттар. Барытын киһи ааҕан сиппэт.

Саха сиригэр хас волонтер баарый?

– Билиҥҥи туругунан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 4500-тэн тахса волонтер баар.

Граннарга кыттаҕыт дуо?

– Биһиги кииммит элбэх граннарга, субсидияларга кыттыыны ылар. Онуоха бэйэбит бырайыак суруйан, көмүскээн сүүйэбит.

Улуустары кытары хайдах үлэлиигитий?

– Чуолаан быйыл, Ыччат сылыгар, биһиги улуустарбыт хаһааҥҥытааҕар да ылсан үлэлээтилэр. Үксүгэр улуустарга добровольческай хамсааһыны оскуолалар уонна ыччаты кытары үлэлиир исписэлиистэр ыыталлар.

Дьон махтала кынаттыыр

Үтүө санаа диэни хайдах өйдүүгүн?

– Үтүө санаа диэни хас биирдии киһи уратытык ылынар, өйдүүр. Мин санаабар, үтүө санаа хас биирдии киһи бэйэтин иһигэр, хааныгар баар. Ол санааны мин сатаан ойуулаан этэр кыаҕым суох. Киһи ис-иһиттэн дьонно үтүө санаатын араастык биллэрэр.

Бэйэҥ өйдөөн хаалбыт саамай улахан үтүө дьыалаҥ ханныгый?

– Оннук саамай улахан үтүө дьыала диэн араарар сыыһа буолуо. Эн хас биирдии оҥорор үтүө дьыалаҥ туохха да тэҥнэспэт. Холобур, дьон миэхэ махтаннаҕына, олус үөрэбин, ис туругум, дууһам сырдыы түһэр.

Олус баҕарбытыҥ үрдүнэн хайдах да кыаллыбат түгэннэр төһө элбэхтэрий?

– Кииммитигэр ыарыһах оҕолоох элбэх дьон кэлэр. Онно эн төһө да көмөлөспүтүҥ иһин, көмөҥ олох кыра буолар…

Кими холобур оҥостоҕун?

– Мин холобур оҥостор дьонум олус элбэх. Хас биирдии киһи сүбэтин-аматын үрдүктүк сыаналыыбын.

Саҥа дьылга саха ыччатыгар баҕа санааҥ?

— Сахам сирин ыччатыгар дьолу-соргуну, кытаанах доруобуйаны уонна үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Кэлэр 2018 сылга табыллыы ар­гыстаныҥ. Дом!


Сэмсэ тыл:

Сардаана Федорова, Нам 2 №-дээх орто оскуолатыгар Айыллааны үөрэппит учуутал:

Айыллаан оскуолаҕа икки сыл оскуола президенэ этэ. Оҕолору түмэр дьоҕурдаах. Ол да иһин, кылааһын оҕолоро билиҥҥэ диэри түмсүүлээхтэр. Киһи быһыытынан наһаа көнө, сымнаҕас. Сааһыттан тутулуга суох кими баҕарар кытта уопсай тылы булар. Дьиэ кэргэнигэр улахан оҕо буолан, саамай тутаах киһилэрэ. Билигин учууталлара үөрэнээччибит ситиһиитин кэтээн көрөбүт, киэн туттабыт.

Олоҕун олуктара:

1995 с. Нам улууһун Бартыһаан с. төрөөбүтэ.

2014 с. – Нам 2 №-дээх орто оскуолатын бүтэрбитэ.

2016 с. – М.К.Аммосов аатынан ХИФУ-га үөрэнэ киирбитэ.

2017 сылтан – «Саха Сирин волонтердарын кытары үлэлиир киин» дириэктэрэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0