Айылгы туоналаах суруйааччыбыт 100 сыллаах үбүлүөйүгэр

24.03.2017
Бөлөххө киир:

Буойун-суруйааччы, поэт, учуутал Алексей Спиридонович Бродников  төрөөбүтэ 100 сылын дойдутугар Чурапчы улууһун киинигэр Чурапчы сэлиэнньэтигэр, биһигин ыйаабыт Төлөйүгэр уонна өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Дьокуускайга киэҥник бэлиэтээтибит.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

“Үчүгэйиэн, алааспар!”

Бастатан туран, поэт бэйэтин айымньытынан маннык ааттаммыт бэртээхэй тэрээһин олунньу 28 күнүгэр Алексей Бродников аатын сүгэр Төлөй Култууратын киинигэр ыытылынна.

Ыраахтан-чугастан ыалдьыттар, Алексей Бродников поэзиятыгар сүгүрүйээччилэр мустубуттар. Дьокуускайтан А.С.Бродников айар үлэтин чинчийээччи, быйыл тахсыбыт “Айылгы туоналаах суруйааччы тэлбит суола” саҥа кинигэ ааптара, саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ,  саха норуодунай поэта  Иван Мигалкин, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, поэт Гаврил Андросов, поэт, кириитик, тылбаасчыт Николай Винокуров-Урсун,  Чурапчыга олорор, айар суруйааччы Павел Федоров-Сомоҕо, “Бичик” кинигэ кыһатын кылаабынай эрэдээктэрэ Валерий Луковцев, “Забота-Арчы” хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы Николай Петров, суруйааччы биир дойдулааҕа, СӨ үтүөлээх артыыһа Куприян Михайлов, саха норуодунай артыыһа Владимир Татаринов, суруйааччы  кыыһа, Дьокуускайдааҕы 2N-дээх Саха политехническэй орто оскуола завуһа, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Саргылаана Бродникова уонна чугас аймахтара кэлэн, үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ кытыннылар.

Чурапчытааҕы көрсүһүүгэ Баһылык Андрей Ноговицын Саргылаана Бродниковаҕа улуус үрдүк наҕараадатын туттарда.

Төлөйгө ыалдьыттары Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччы Октябрина Петрова, улуустааҕы “Саҥа олох” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ, “Төлөй” түмсүү салайааччыта Афанасий Захаров, улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Тамара Павлова, Төлөй нэһилиэгин баһылыга Николай Аммосов, Төлөй орто оскуолатын дириэктэрэ Анатолий Александров, о.д.а. көрүстүлэр, эҕэрдэ тыллары эттилэр.

Нэһилиэк баһылыга Николай Аммосов, бастатан туран, Төлөйгө, А.С.Бродников аатынан Культуура дьиэтин иннигэр сквергэ Алексей Бродниковка өйдөбүнньүк барельеф туруоруллуоҕун иһитиннэрдэ итиэннэ, Алексей Спиридонович төрөппүт кыыһа Саргылаана Алексеевна Бродниковаҕа, нэһилиэк попечителигэр, Төлөй оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Бродников ааҕыыларын”  көҕүлээн, тэрийэн ыытыһарын, уһулуччу ситиһиилээх үөрэнээччилэргэ тус бэйэтэ олохтообут бириэмийэтин туттарар үтүө үгэһи олохтообутун, аҕатын, буойун-суруйааччы Алексей Спиридонович Бродников аатын үйэтитиигэ ыытар киэҥ хабааннаах үлэтин бэлиэтээн туран, “Төлөй нэһилиэгин бочуоттаах гражданина” үрдүк аат бэлиэтин туттарбытын дьон дохсун ытыс тыаһынан  доҕуһуоллаатылар.

Хаҥастан уҥа: Нинель Бродникова, Саргылаана Бродникова, суруйааччылар Сомоҕо уонна Сэмэн Тумат.

Оттон поэт Урсун:

—Өлөксөй – лирик-поэт. Ырыа буолбут хоһооно үгүс. “Таастаах Аммам үрэҕин таптыыр эбээт сүрэҕим…”,— диир кини. Өлөксөй Чурапчы Амматын туһунан туойбута, Чурапчыны-Тааттаны холбуур Таатта үрэҕин кэрэтин туойбута. Бүгүн бэйиэт аатынан чурапчылар киэн тутталлар, таатталар, аммалар – Саха сирэ барыта киэн туттар, — диэн туран, бэйиэт ырыатын тардан кэбиһэр…

— Аҕам 17 сааһыгар бу Төлөй оскуолатыгар учууталлаабыта. Иккиэйэх эрэ  этилэр – биирдэһэ Уйбаан Максимов, дириэктэр, мин аҕам учуутал уонна завуч. Онтон ЧПУ-ну бүтэрээт, 22 сааһыгар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ барбыта. Сэриилэһэ сылдьар кэмигэр дьонун хоту көһөрүүгэ ыыппыттара, аҕата онно, көһөрүүгэ өлбүтэ. Сэрии кэнниттэн аҕам эмиэ учууталлаабыта, бастыҥ үөрэнээччилэрин ортолоругар Сардаана Ойуунускайа баара. Институкка үөрэнэ сылдьан Эллэй литературнай куруһуогар дьарыктаммыта. Кини төрөөбүт Төлөйүн, үөлээннээхтэрин, аймахтарын кытта сибээһин куруутун тутуһара. Оттон мин учуутал буолуум – бу аҕам дьайыыта. Кини, дуоскаҕа миэлинэн тобугуратан эрэ оҕону үөрэтиллибэт, оҕону олоххо бэлэмниэххэ наада, диэн мэлдьи бэлиэтиирэ. Онон, бу үбүлүөйдээх тэрээһиннэр – мин аҕам аатыгар сүгүрүйүү эрэ буолбатах, бу – оҕо инники сайдыытын түстээһин буолар!, — диэн туран, Саргылаана Бродникова, оҕо тыла сайдарын туһугар  оскуола тыйаатырын тэрийэллэригэр анаан боробуота суох үлэлиир аныгы микрофоннары уонна буойун-суруйааччы туһунан  саҥа кинигэлэри бэлэхтээтэ.

Артыыс Куприян Михайлов төлөйдөргө үс омук тылынан ырыа бэлэхтээтэ.

Бу күн А.С.Бродников аатын сүгэр Култуура дьиэтигэр поэт хомоҕой хоһоонноро ааҕылыннылар, ылбаҕай ырыалара ылланнылар. Төлөйдөр эдэрдиин-эмэнниин талааннаахтара сөхтөрдө. Оттон куораттан кэлбит ыалдьыттар – артыыстар Куприян Михайлов тыйаатыр туһунан ырыатын үс омук тылынан,  Владимир Татаринов Алексей Бродников “Саҥа хаар” хоһоонугар 46 сыл анараа өттүгэр суруйбут, бэйэтэ баай устуоруйалаах ырыатын толороннор, көрөөччүлэригэр бэлэхтээтилэр.

Төлөйтөн төрүттээх соҕотох суруйааччыларын аатын үйэтитиигэ биир дойдулаахтара киэҥ үлэни ыыталлар. Манна, Култуура дьиэтэ Алексей Бродников аатын сүгэрин таһынан, кини аатынан уулусса ааттаммыта. Олохтоох оскуолаҕа “Бродников ааҕыылара” тиһигин быспакка ыытыллар. Сэлиэнньэттэн 3 биэрэстэлээх сиргэ баар поэт төрөөбүт алааһын норуот ытыктаан “Боронньукуоп алааһа” диэн ааттыыр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Бродников ааҕыыларын" кыттыылаахтара уонна ыалдьыттара.

Оттон ити күн киэһээ Чурапчыга  сэлиэнньэтигэр буойун-суруйааччы Алексей Бродников төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах улуустааҕы тэрээһин буолла. Дьоро киэһэни киин библиотека дириэктэрэ Вера Федорова иилээн-саҕалаан ыытта.

Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Андрей Ноговицын, Улуус Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Степан Саргыдаев, улуус, нэһилиэк дьокутааттара, тэрилтэлэр салайааччылара, бэтэрээннэр, үөрэнээччилэр, айар үлэни сэҥээрээччи улуус олохтоохторо  сырыттылар.

Улуус Аҕа баһылыга Андрей Ноговицын бэйэтин этиитигэр, бастатан туран, Чурапчыттан төрүттээх биллиилээх суруйааччы Алексей Бродников айар үлэтигэр, кини сырдык аатыгар ытыктабыл уонна дириҥ сүгүрүйүү бэлиэтинэн кэлбит ааттаах-суоллаах суруйааччыларга, артыыстарга махталын биллэрдэ.

Андрей Тимофеевич:

—Быйыл биһиги улууспутугар  История сылын биллэрбиппит мээнэҕэ буолбатах. Улуус ыччата чинчийии үлэни өссө күүһүртэ. Үөрэнээччилэр “Бродников ааҕыыларыгар” сыллата ситиһиилээхтик кытталлар. Бу кэмпириэнсийэни көҕүлээбит уонна суруйааччы аҕатын аатын үйэтитиигэ кэскиллээхтик үлэлии сылдьар Саргылаана Алексеевна Бродниковаҕа, улуус олохтоохторун аатыттан истиҥник махтанабыт, кининэн киэн туттабыт! — диэн туран, Саргылаана Алексеевна Бродниковаҕа “За заслуги перед районом”  III  истиэпэннээх Бочуоттаах бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

"А.С.Бродников--буойун, поэт, учуутал" секция кыайыылааҕа Александрина Бурнашева.

Суруйааччы айар үлэтин, олоҕун туһунан сүрүн иһитиннэриини саха норуодунай суруйааччыта, Алексей Бродников үөрэнээччитэ Семен Попов-Тумат оҥордо.

—Алексей Бродников  саҥа хомуурунньуга таҕыстаҕын аайы, поэппыт талаана өссө чаҕылыйан иһэр, оннук ураты айылҕалаах киһи этэ. Кини – тыл маастара. Саха дьолугар төрөөбүт киһи! Чурапчы сэлиэнньэтигэр, Илин түөлбэҕэ суруйааччыларга аналлаах стеллаҕа Алексей Бродников аата көмүс буукубаларынан суруллан турар. Төрөөбүт улууһа Алексей Бродников аатын үйэтитиигэ киэҥник, күүскэ үлэлиирин иһин олус махтанабыт!,— диэн бэлиэтээтэ  кини.

Бу көрсүһүүгэ наһаа үчүгэй, киһи иһиттэр истэн олоруох курдук, истиҥ-иһирэх тыллар этилиннилэр.

Суруйаачы Сомоҕо:

“Кыыс оҕолоох суруйааччылар үйэтитиллиилэригэр табыллаллар”.

Норуодунай поэт Иван Мигалкин:

“Хатыҥ чараҥ ханна баарый да – онно уйан дууһалаах, ыраас сүрэхтээх бэйиэттэр үөскүүллэр…”.

Афанасий Захаров, “Саҥа олох” эрэдээктэрэ:

“Алексей Бродников 100 сылын көрсө “Хоһоон хонуута” саҥа кинигэни таһаардыбыт”.

Саргылаана Бродникова:

“Аҕам Чурапчыга “Сардаҥа” диэн литературнай куруһуогу ыытара. Чурапчыттан элбэх суруйааччы тахсыбыта. Тумат, Сомоҕо — үөрэнээччилэрэ. Быйыл улуус Эрилик Эристиин аатынан бириэмийэни сөргүппүтэ олус махталлаах. Чурапчыга саха  суруйааччыларын ситимниир киһибит быраатым Сомоҕо. Кини билигин Төлөй нэһилиэгин кинигэтигэр үлэлэһэ сылдьар”.

Валерий Луковцев, “Бичик” сүрүн эрэдээктэрэ:

“Биһиги кыһабыт бэчээттээн таһаарар кинигэтэ атыыга саамай хамаҕатык барар улууһа – Чурапчы. Ол эбэтэр элбэх суруйааччылаах, биллэр-көстөр дьоннордоох. Холобур, быйыл саха бастакы лингвист-суруйааччыта Сэмэн Новгородовка аналлаах кинигэни аймах-уруу дьоно, биллиилээх суруналыыс Сиэн Мунду, таһаартардылар. Суруйааччы аатын сүгэр саамай элбэх оскуолалаах улууһунан эмиэ Чурапчы буолар. Улуус, нэһилиэк баһылыктара литератураны, духуобунаһы өйүүллэрэ хайҕаллаах”.

Гаврил Андросов, поэт,“Чолбон” сурунаал солбуйааччы эрэдээктэрэ:

Төлөйгө А.С.Бродников аатынан Култуура киинигэр.

“ Мусуой сыла. История сыла. Духуобунай эйгэҕэ үйэтитии үлэ күүскэ бара турар. Боотурускай улууһун киинэ – Чурапчы! 95 сыл анараа өттүгэр манна саха норуотун Бириэмэннэй бырабыыталыстыбата тэриллэн, сыл кэриҥэ үлэлээбитэ… ”.

Марианна Яковлева, “Мичил” оҕону сайыннарар киин сэбиэдиссэйэ, улуус дьокутаата:

“60-70-с сылларга поэт Алексей Бродников Илин баска, “Чараҥ” түөлбэҕэ олорбута, айбыта. “Бродников тумула” баар…  Оҕолору наһаа таптыыра. Бүгүн биһиги түөлбэбит кырачааннара суруйааччыларга, бэтэрээннэргэ аналлаах сквергэ сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Инникитин, буойун-суруйааччы, учуутал Алексей Бродниковка аналлаах мусуой аһыллыан баҕарабыт”.

Степан Саргыдаев, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга:

“Буойун-суруйааччы, учуутал Алексей Спиридонович Бродников уоттаах сэрии кэнниттэн дойдутугар Чурапчыга эргиллэн кэлэн, “Саҥа олох” хаһыакка эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлээбитэ, киэһээҥҥи оскуолаҕа ыччаттары үөрэппитэ. Кини бэйэтин айар үлэтигэр дойдутугар, Чурапчытыгар тапталын олус иэйиилээхтик, ураннык туойар. Биһиги быйыл, улууска История сылынан, улуус киинигэр Учууталлар микрооройуоннарыгар Алексей Бродников аатынан уулусса астыбыт. Илин баска олорбут суруйааччыларга аналлаах стелла баар. Үтүө үгэс быһыытынан төлөйдөр сыллата “Бродников ааҕыылара” НПК-ны ыыталлара кэрэхсэбиллээх. Оттон кэлэр сылга, өрөспүүбүлүкэтээҕи 9-с кэмпириэнсийэни 9 томтордоох Чурапчы сэлиэнньэтигэр ыытарга этии киллэрэбит. Итиэннэ, кыайыылаахха Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын истипиэндийэтин аныырга быһаардыбыт!”, — диэбитин дьон сөбүлүү истэн, ытыс таһынна.

Бродников-аймахтар уонна ыалдьыттар мусуойга.

Оттон өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Дьокуускайга, П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойга кулун тутар 16 күнүгэр буойун-суруйааччы Алексей Бродников төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах Дьоро киэһэ ыытылынна.

Манна саха норуодунай суруйааччылара – Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин, Николай Лугинов, Сэмэн Тумат уонна Павел Харитонов-Ойуку, Павел Федоров-Сомоҕо, о.д.а. кыттыыны ыллылар,  тыл эттилэр, истиҥ ахтыылары оҥордулар.

Поэт хоһооннорун 2N-дээх оскуола оҕолоро иэйиилээхтик аахтылар. Бу күн элбэх ырыа да ылланна, үҥкүү да үҥкүүлэннэ.  Биэчэр биир умнуллубат түгэнинэн, Тумат “Өлөксөй байаана” диэн хоһоонугар Уус Алдантан Станислав Луковцев уонна Михаил Конников саҥа суруйбут ырыаларын иһитиннэриилэрэ буолла.

Ити курдук, күн бүгүн уостан түспэт ырыа буолбут иэйиилээх хоһооннордоох поэт, буойун-суруйааччы, Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэ лауреата,  САССР үтүөлээх учуутала Алексей Спиридонович Бродников төрөөбүтэ 100 сыла киэҥник, истиҥник бэлиэтэннэ.

Татьяна Маркова,

СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин эдэр учууталларга “Надежда Якутии” бэлиэтин хаһаайката Нинель Бродникова хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0