Сайыҥҥы өҥүрүк куйаас. Кураантан хатыччы хаппыт, быыллаах ыллык устун үс уол хаамсан иhэллэр. Ортоку уол, икки кытыытынан хаамсан иhэр оҕолортон лаппа аҕа —— убайдара Сэмэн буолар. Бырааттара, иннигэр-кэннигэр түhэ—түhэ, араас сонуннарын куталлар. Буолумуна, убайдара куораттан кэлбитэ икки эрэ хонно. Итиччэ кыра кэм иһигэр кыhыны, сааhы тухары мунньуллубут сонуннара, ама, хайдах бүтэн хаалыаҕай?
Вадимнаах Коляҕа убайдара Сэмэн саамай кэрэ киhилэрэ. Атын улахан дьон курдук саба саҥаран кэбиспэт. Сүрдээх дьоhуннаахтык истэн баран, өссө тугу эмэ сүбэлээн эбэтэр көмөлөһөн биэрээччи. Куораттан кэhии аҕалбатаҕа улахан боруок буолбатах — «улахан дьон» Вадик уонна Коля устудьуон наhаа кыра истипиэндьийэлээҕин бэркэ диэн билэллэр, онон киниттэн улаханнык тугу да күүппэттэр. Бэйэтин күүтэллэр.
Бүгүн үһүөн от күрүөлүү баран иhэллэр. От үлэтиттэн төһө да улаханнык «элэйбит» дьон буолбуттарын иһин, Сэмэни кытта барсаары, бэйэлэрэ тылламмыттара. Дьиҥэр, бүгүн сынньаныахтаах этилэрэ. Үлэ бүппүтүн кэнниттэн, сөтүөлүү барыахтаахтар.
Тиийэр сирдэрэ син ыраах буолан, кинилэр даҕаны сонуннара бүтэн барда. Ол эрэн, сонун бүппүтэ тохтуур сылтах буолуо дуо, уолаттар айахтарын хата бүөлээн бэрт. Аны абааhылар, удаҕаттар, экстрасенстар туhунан кэпсэтэн бардылар. Баччааҥҥа диэри тугу кэпсииллэрин барытын син кырдьык-хордьук сэргээн испит убайдара эмискэ: «Ээ, барыта албын! Дьонтон харчыларын сүүлүктээн ылаары, араас-арааhы дойҕохтууллар,«— диэн саба саҥаран кэбистэ.
Сэмэн сыл анараа өттүггэр биир чугас атаhа сүппүтүгэр, туох баар ньыманы барытын боруобалаан баран, ыксаан, аатырбыт көрбүөччү кырдьаҕаска бара сылдьыбыта. Маҥан баттахтаах, тыйыс сирэйдээх эмээхсин аҕалбыт хаартыскаларыгар ытыһын таҕайан чочумча олорон баран: «Сылаас илгийэр. Тыыннаах»,— диэн эрэннэрэн, үөрүү бөҕөнү үөрдүбүтэ. Доҕорун тыыннаах дэтэн, онно олус үөрэн, махтаныы бөҕөну махтанан, ол көрбүөччүгэ үс ыйдааҕы истипиэндьийэтин ууран биэрбитэ, эмээхсини уураан эрэ ылбакка тахсыбыта. Онтуката баара, билгэhит эппит тыла сойо да илигинэ, атаhа былыр уйэҕэ сытыйбыт өлүгүн биир быраҕыллыбыт даачаҕа булан ылбыттара. Ыйанан турарын. Онтон ыла «экстрасенс, көрбүөччү” диэн тыллары иhиттэҕинэ, Сэмэн ньиэрбэтэ «хойдор», кыыһырар.
Уолаттар, убайдарын тылын истээт, сонно тута эмиэ абааһыны да, таҥараны да итэҕэйбэт дьон буола түстүлэр. Туох баар истибит үһүйээннэрин кириитикэлээн, сымыйаларын ылҕаан, сыымайдаан бардылар. Ыар санааларга ылларан иhэн, Сэмэн бырааттарын ньамалаhыыларын истэн, син уоскуйан, дьээбэҕэ сөбүлэhэн, ардыгар тэптэрэн биэрэ истэ. Баламат уолаттар ол курдук туох баар халлааҥҥа олорооччулары, орто дойдуга хаамааччылары, алараа да дойду абааһыларын, улахан саакка-суукка уга истилэр.
Оннук ньамалаһан сирдэригэр тиийдилэр. Кыра уолу тыа баhыгар кистэммит атырдьахтары, кыраабылы аҕалтара ыыттылар, отторун түhэ үрэллэн хаалбыт эбит. Ол кэнниттэн Вадимы кытта сүгэлэрин таhааран, сиэрдийэлэри, быар мастары бэрийэн бардылар. Арай, ол курдук үлэлээн букунаhа сырыттахтарына, туох эрэ дьикти баҕайы, сирдьигиниир тыас алаас илин өттүттэн иһилиннэ. Тигээйи уйатын алдьаттахха курдук тыас эрээри, быдан күүстээҕэ биллэр. Сэмэн бастаан аахайбакка тоhоҕо маhын уhуктуу турдаҕына, Вадим сүр куттаммыт куолаһынан: «Убаай, көр эрэ, көр, манна иhэр!»,— диэн саҥа аллайда.
Сэмэн эргиллэн көрбүтэ, дьэ доҕоор, алдьархайдаах улахан холорук тыа саппыйатын иhиттэн аргыый аҕай, үөмпүт курдук, тахсан аҕай иhэр эбит! «Сиэнньэ, тугу гынабыт?!», —дии-дии кыра уол убайын кэннигэр саhаахтаата. Ону убайа төhө даҕаны бэйэтэ куттаннар, уолу уоскутаары: «Тыал дии, ааhыа буоллаҕа, туохтан куттанныҥ»,— диэн тоҕо эрэ сибигинэйэн хардарда. Ол эрээри, сүүнэ улахан холорук кырдьык, чуо кинилэр диэки иhэр эбит. Туох да саарбаҕа суох эриллэ-эриллэ, сүр бытааннык, улам кинилэр диэки чугаhаата! Тыаhа чугаhаатаҕын аайы улаатан истэ. Уонча хардыы хаалбытыгар, көтөөрү турар бөртөлүөт тыаhын курдук буолла. «Убаай, тугу гынабыат!», — диэн Вадим хатан часкыырын нэhиилэ истээт, Сэмэн уолун туппутунан, субу ынан кэлбит холоруктан биэс хардыы курдук туора ыстанан биэрдэ. Быылы кытта сэтиэнэҕи өрө ытыйбыт хап-хара холорук эмиэ көнө суолуттан туораан, саппай уобуста… Син тулуйан «эр киhи» буолан турбут Вадим сарылаабытынан сууллан түстэ. Онуоха, холорук толкуйга түспүттүү тохтоото уонна уолаттары чочумча «одуулаан» турбахтаат, соhуччу туора ыстанан тиийэн, кэбиhиилээх оту хаба ортотунан тиэрэ анньан кэбистэ. Уонна үс бугул кэриэтэ оту ытыйан ылан, эрийэн сирилэтэ-сирилэтэ сиртэн тэйэн хоту диэки дабайа турда. Убайдыы быраат ыга тутуспутунан, холорук алаастан тахсан халлааҥҥа күөрэйэн, тыа үрдүнэн көппүтүн одуулуу хааллылар…
Чочумча буолаат, Коля сүүрэн кэллэ. Элбэҕи саҥарыах, ыйытыах киhини улахан уолаттар саба саҥаран кэбистилэр. Тылларынан мээнэ күүдэпчилэммиттэрэ иэдээҥҥэ тиэрдэ сыыспытын бэрткэ диэн өйдөөн тураллар.
Сөтүө туhунан букатын даҕаны саҥарбатылар. Айылҕаттан мөҥүллубүт дьон куттанан, нэдиэлэ курдук ууга чугаhаабатахтара. Тиийэн кырдьаҕас абаҕа оҕонньордоругар кэпсээбиттэрин: «Кимиэхэ да тыл быктарымаҥ, аньыы!»,— диэн күүстээхтик сэрэппитэ. Ол кэннэ үһүөннэрин илдьэ баран алаас, сир, халлаан иччилэриттэн оҕолору тыытымаҥ диэн ааттаспыта, дойдутун, сирин-уотун аhаппыта. Ол эрэ кэнниттэн отторун төттөрү түстээбиттэрэ. Онон ол курдук ааспыта.
Сэмэн куоракка да киирэн баран, аны иччи, айыы туhунан тугу да мээнэ саҥарбат буолбута. Ол да буоллар, экстрасенстары, көрбүөччүлэри түөкүннэртэн атыннык син биир ааттаабат.
Хаартыска mchs.gov.ru ылынна