Люция Эверстова Уус Алдан Найахытын аатырбыт Баһакы ойуунуттан төрүттээх буолан буолуо, айылҕаттан айдарыылаах биир дьикти сатабыллаах айылгылаах.
Идэтинэн дьааһыла сиэстэрэтэ, үс оҕолоох ыал ийэтэ оҕо сылдьан наһаа мөлтөх доруобуйалаах, ыарытыган эбит. “Уҥан түһэ сылдьарым. Түүллээх-биттээх этим. 90-с сыллар саҥаларыгар ыалдьарым бэрдиттэн, норуот эмчиттэригэр көрдөрбүппэр: «Бэйэҥ эмтиир, илбийэр сатабыллаах эбиккин. Анаан дьарыктан, оччоҕо ыалдьыаҥ суоҕа”, — диэбиттэрэ. Онтон ыла күн бүгүҥҥэ диэри дьону эмтээн, кинилэр кыһалҕаларыгар көмөлөһөбүн”, — диэн кэпсиир сэһэргэһээччим.
Люция Петровна бу дьикти дьоҕура өссө оскуолаҕа сылдьыаҕыттан биллэн барбыт. Учууталлар тобулу көрөрө сытыытыттан, элбэхтэ ыйыппаттар эбит. Оттон эксээмэн билиэтин таба таайарын туһунан этэ да барбаккын. Сүппүт дьону булар дьоҕура 2000 сыллар саҕаланыыларыттан саҕаламмыт. Сүрүннээн ууга түспүт дьону көрдөөн булар эбит. “Хаартысканан сүппүт киһи тыыннааҕын-өлбүтүн билэр эбиккин дии? Ону хайдах билэҕиний?”, — диэн ыйыппыппар: “Өлбүт киһи күлүгэ тымныынан хаарыйар. Оттон тыыннаах киһи сүрэҕэ тэбэрэ биллэр”, — диэн кэпсиир.
Ыарыыны эмтиир ньымата
Люция Петровна киһи ыарыытын эмиэ бэрт дьиктитик диагнозтыыр эбит.
— Илиибинэн бигээн көрөн билэбин. Уҥуох тостуутун сыыһа оспукка тутан, илбийэн биэрэбин, — диэн кэпсиир сэһэргэһээччим. Норуот эмчитэ дьону эмтээбитин туһунан махталларын суруйбуттарын анал тэтэрээккэ илдьэ сылдьар. Сылайдаҕына, санаатын ыраастанаары гыннаҕына ааҕар: “Искэним сүтэн, олох да умнан кэбиспиппин”, “Тииһим аһары ыалдьыбытыгар, илбий диэн Люсяҕа тахсыбытым”, “Уҥа атахпын акка баттатан, Люция Петровнаны ыҥыран эмтэппипппэр, үтүөрэн барбыта”, “Саһаанныы сылдьан, илиибин өлөрөн, ыйы быһа ыалдьан, өрө көтөхпөт буолбутум, икки күнүнэн ааста”.
Люция Петровна кэлиҥҥи кэмҥэ ууга түһэн сүппүт дьону буларга көмөлөһөр.
— Кэлиҥҥи кэмҥэ ууга түһэн моһуогуруу элбээтэ. Мотуордаах оҥочоҕо олус элбэх буолан симиллэн олороллор. Дохсун сүүрүктээх сиргэ, сэрэммэккэ, муҥ кыраайынан түргэнник көтүтэн ааһаллар. Ууга сэрэхтээхтик дьаһанар ордук, — диэн санаатын үллэстэр Люция Петровна. Кини сүппүт дьону көрдүүрүгэр Эбэҕэ киирэн аһатан баран, анаан көрдөһөр. Онно уу түгэҕэр сытар киһи миэстэтэ харааран көстөр эбит.
Киһилээх хайатыгар – бэлиэ ыалдьыт
Люция Петровна үс сылы быһа иитиэхтии сылдьыбыт санаалаах эбит. Ол – Дьааҥы Киһилээҕэр баран кэлии. Кыыһа, «Саха» НКИХ «Саҥа күн» биэриитин суруналыыһа Екатерина Эверстова, ийэтин баҕатын толорон, «Дьокуускай-Киһилээх-Туостаах» маршрутунан путевка бэлэхтээбит. “Мин 30-35 м үрдүктээх халлаан анныгар турар үрүҥ айыылар олохсуйбут айылҕа чочуйбут музейын көрүөхпүн ис испиттэн баҕарарым. Ол санаам туолан, эбиитин өйбөр-санаабар хаалар өйдөбүллээх буолбута — «Дьокуускай-Киһилээх-Туостаах» туристическай маршрут 1000 №-дээх туриһынан ааттанан, турхампаанньа 3Д өҥнөөх телевизорынан бэлиэтэммитим”, — диэн кэпсиир сэһэргэһээччим.
Сүбэ-ама эмтээҕэр туһалаах
Люция Петровна эмтиирин таһынан өрүү сүбэлии-амалыы сылдьар үтүөкэннээх киһи. Ордук ыал дьон кэлэн үгүстүк киниэхэ кэлэн сүбэлэтэллэр. Ааспыт сыл ортотугар артыыс дьиэ кэргэнниилэр: “Олус кыыһырсар буоллубут”, — диэн анаан сүбэлэтэн барбыттар. “Билигин бу ыал бииргэ ыллыы сылдьар хаартыскалара реклама аайы көстөрүттэн олуһун үөрэбин”, — диэн Люция Петровна үөрэ-көтө кэпсиир.
Айылҕаттан айдарыылаах сатабыллаах Люция Эверстова сүбэлэрэ:
-
дьиэ туттарга куһаҕан тыыннаах сиргэ түбэһиэххэ сөп. Үүнэн турар улахан мастары кэрдэн кэбиһээччилэр. Ол олох сыыһа. Мас – дьиэни араҥаччылыыр.
-
былыргы томторго хайаан да киһи уҥуоҕа баар буолар. Онон дьиэ туттарга айдарыылаах дьоҥҥо сүбэлэтэргит наада. Куһаҕан тыыннаах мастар – харыйа уонна тэтиҥ үүммүт сирдэригэр дьиэ туттумаҥ.
-
ыал сылтах була-була этиһэрэ куһаҕан. Бэйэ-бэйэни кытта хаһыытаан кэпсэтимэҥ. Айдааннаах ыал дьиэтигэр куһаҕан тыын олохсуйан хаалар. Онон дьиэҕитин сотору-сотору ыраастыы сылдьыҥ.
-
кыра оҕону сотору-сотору хаартыскаҕа түһэримэҥ. Оҕо ийэ кута (аурата) алдьанар.
-
киһи үчүгэй айылҕалаах, оттоох-мастаах сиргэ тахсан энергия ылыан наада. Ордук күн тахсыыта.
-
өлбүттээхтэр киһи уҥуоҕар элбэхтик сылдьымаҥ, ыллык тэпсимэҥ, өр сылдьыбатах дьоҥҥут уҥуоҕар сылдьымаҥ.
-
сиргэ, тыаҕа сылдьан айдааны тардымаҥ, сир иччитин уһугуннарымаҥ.
-
ордук хатыҥ анныгар сылдьа сатааҥ. Айылҕаны өрүү аһатыҥ. Алаадьы суох буоллаҕына, арыылаах килиэп биэрэр ордук. Сир-дойду, уу-күөл барыта иччилээх.
-
Күн тахсыыта киһи ордук күүһү ылар. Онон сарсыардааҥҥы салгыҥҥа үгүстүк дьаарбайыҥ.
Бэлиэтээн эттэххэ:
Люция Эверстоваҕа махталлаах киһи үгүс. Онтон сороҕун араас кэмҥэ Нам улууһунааҕы «Эҥсиэли» хаһыакка бэчээттэммит суруктартан холобурдуум:
«Мин үс сыллааҕыта куораттан тахсан иһэн таксига паапкалаах докумуоннарбын хаалларан кэбиспитим. Ол таксины көрдөөн ыйыталаһа сатаабытым да, ким да билбэтэҕэ. 9 ый ааспытын кэннэ билэр киһибиттэн Хатырыкка олорор Люция Эверстовва көмөлөһүөн сөп диэн истибитим. Сыл ааспытын кэнниттэн Хатырыкка тиийэн Люция Петровнаны булан докумуоннарбын көрдүүргэ көмөлөһөрүгэр көрдөспүппэр, кини: «Долгуйума, докумуоннарыҥ харалла сыталлар», — диэбитэ. Оннооҕор таксист дьүһүнүн, массыынатын нүөмэрин таба этэн биэрбитэ. Кини билгэлээбитинэн докумуоннарбытын сотору кэминэн булбуппут. О.Е. Петухова, Аппааны».
«Биэс ыйы быһа ыарытыйан эрэйдээбит илиим баара суоҕа икки күнүнэн үчүгэй буолбутуттан бэйэм да, дьонум да үөрдүбүт уонна сөхтүбүт. Люция Петровна Арбыҥҥа кэлэн дьонум уоллара атаҕа тостубутун эмтээн үтүөрдэн эрэрин истэн көрдөспүтүм. Норуот эмчитэ Люция Эверстова айылҕаттан бэриллибит талаанын салгыы сайыннаран, дьонун-сэргэтин кыһалҕатын өрүү өйдөөн көмөлөһө сылдьарыгар махтанан туран, кыһалҕалаахха өрүү көмөлөһөрүгэр баҕа санаабын тиэрдэбин. Фекла Калашникова».
Елена ПОТОЦКАЯ