Саха сиригэр ыытыллыбыт «Экстрасенстар киирсиилэрэ» күрэс кыайыылааҕа, «Сырдык күүс» киинэ дьоруойа, айылҕаттан айдарыылаах, ураты көрүүлээх Мария Иванова «Саха сирэ» хаһыакка 2015 с. бэчээттэммит интервьютун ааҕыҥ.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
«Киһиттэн ураты буолар соччото суох»
Мин Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалааҕар төрөөбүтүм. Олорбут, улааппыт сирим – Ороһу. Уон биир ыйдаахпыттан эһэлээх эбэбэр иитиллибитим. Ыал улахан оҕотобун. Бииргэ төрөөбүттэр алтыабыт. Оҕо эрдэхпиттэн көрсүө-сэмэй этим. Бэйэм бэйэбэр бүгэн сылдьар, чуумпу майгылаах буоламмын, оскуолаҕа оҕолор туоратар этилэр. Наар хотоҥҥо көмөлөһөн, айылҕаҕа сылдьан улааппытым. Таһырдьаттан киирбэт оҕо этим. Эбэм батыһыннара сылдьан туос хастааччы. Туоһунан иһит тигэрэ, онно миигин эмиэ үөрэппитэ. Ол олорон хас биирдии ойуу суолтатын быһааран кэпсиирэ. Эмтээх оту хомуйан, хатаран дьарыктанара. Күөмэй, сүһүөх, ис ыарыытын, балыыһа эмигэр итэҕэйбэккэ, отунан эмтиирэ. Таһынааҕы ыаллара киниттэн кэлэн ылаллара, туһаналлара. Оронун, остуол ыскаатарын анныгар эмтээх оттор тустарынан суруйуулары хаһыаттан кырыйан ылан, уурбут буолара. Ону мин кистээн ылан көрөрүм. Ол сыта билигин да кэлэргэ дылы…
Эбэм ардыгар Ньыыкан ойуун, Бадыл ойуун тустарынан кэпсиирэ. Нэһилиэккэ кэлбит идэлээх дьону дьиэтигэр ыҥыран хоннороро, чэйдии олорон ирэ-хоро кэпсэтэрэ, эмтэтэрэ. Ону барытын көрө-истэ сылдьан, иҥэринэн, баҕар, онтон да аһыллыбытым буолуо. Биирдэ курдары көрөр Сардаана диэн кыыс кэлэн хоммута. Киниттэн мин элбэххэ үөрэммитим.
Түөрт саастаахпар кылабыыһаҕа дьон ыһыахтыы сылдьалларын көрбүтүм. Сахалыы таҥастаахтара. Оһуокайдыыр этилэрэ, саҥалара дуорайан олороро.
– Эбээ, онно ыһыах буола турар, барыахха! – диэн хаһыытаабытынан дьиэбэр ойон киирбиппэр, эбэм тоҕо эрэ наһаа кыыһырбыта. Туохтан кыыһырбытын оччолорго өйдөөбөтөҕүм. Ыһыахтыы сылдьар дьону мин илэ көрбүтүм эбээт… Оттон эбэм саба саҥаран кэбиспитэ. Ол кэнниттэн таһынааҕы ыалбыт дьоно өлбүттэр этэ. Эбэм кэлин ону түүйбүтүҥ буолуо диирэ.
Дьиэ иччитин, тарбыйах абааһытын көрөөччүбүн. Биирдэ хотоҥҥо киирбиппэр, туох эрэ харамай тарбыйах үрдүгэр олороро. Улаханнык соһуйбатаҕым. Ол тарбыйах иһэ ыалдьан өлбүтэ. Кэлин оннук абааһыттан биир тарбыйахпын быыһаабытым. Кэскиллээх ынах буолсу диэн билэрим, онон имэрийэн, арчылаан үтүөрдүбүтүм.
Уон саастаахпар халлааҥҥа биллибэт көтөр эттиги (НЛО) көрбүтүм. Халлаан ып-ыраас, былыта суох этэ, күн киирэн эрэрэ. Уһун синньигэс сигара курдук быһыылаах, кыһыл, маҥан, күөх, араас уоттардаах улахан хара эттик мин үрдүбүнэн эргийэ турбута, тура түһэн баран, хайдах эрэ сыҕарыс гынаат, эмискэ сүтэн хаалбыта. Мин соһуйбутум эрэ, куттамматаҕым. Бу атын планета дьоно миигин көрөллөр, кэтииллэр дии санаабытым. Ол кэнниттэн наар халлааны манаан тахсар буолбутум. Эбэм биирдэ хотонтон киирэн иһэн эмиэ көрөн киирбитэ. Ый курдук төгүрүк үрдүбүнэн көтөн ааста диэн куттаммыт этэ.
Кыра эрдэхпиттэн түүлбэр дьахтара-эр киһитэ, ханнык омуга биллибэт үс киһи күлүгэ кэлэрэ. Кинилэр миигин үөрэтэр курдук элбэҕи, дьиктини кэпсииллэрэ. Ол кэпсээбиттэрин умнубат этим. Мин өйдүүр тылбынан, сахалыы саҥараллара. Сахалыы тылы билэллэр, мин билбэт былыргы тылбынан эмиэ кэпсэтэллэр. Кэпсээбиттэрин умуннарбаттар, дөрүн-дөрүн санаталлар, быһата, уруок курдук үөрэтэллэр. Кинилэртэн билбэтэхпин билэн, олоҕу атыннык көрөр буолан барбытым.
Дьон бары оннук көрөллөр, алтыһаллар дии саныырым. Ол эрэн дьоҥҥо эттэхпинэ, тугу да көрбөппүт диэтэхтэринэ, наһаа дьиибэргиирим.
Ол туһунан эһэбин кытта мөккүһэр буоларым. Эһэм хомунньуус бэрдэ, атеист ааттааҕа этэ.
– Анараа дойду диэн суох. Өллөхпүнэ, көннөрү атах эт курдук буолабын. Дууһа, таҥара, абааһы диэн суох, – диирэ. Ону мин, уончалаах эрэ кыыс, түүлбэр тугу билбиппин-истибиппин кэпсиирим, мөккүһэрим. Эһэм барахсан, өлөрүн чугаһыгар:
– Анараа дойдулара диэн баар быһыылаах ээ, тоҕо эрэ былыр өлбүт дьонум түүлбүттэн арахпат, ыҥырар буоллулар, – диэхтээбитэ.
Уон биэс сааспыттан араас абааһылаах, фантастическай кинигэлэри булан ааҕар буолбутум. Эбэм ону сөбүлээбэтэҕэ. Уйулҕаҥ уларыйар кэмигэр араас кутталлааҕы ааҕыма, араас буолуо диирэ. Кырдьык да, наар ону-маны түһээн көрөрүм үксээбитэ. Холобур, ыалым өлөрүн түһээн билбитим. Онтон да атын дьикти түүллэри түһүүрүм. Онон эбэм итинник кинигэлэри ааҕарбын бобон кэбиспитэ. Туох эрэ буруйу оҥорбут киһи курдук, бэйэм бэйэбэр бүгэн хаалбытым. Биир сылы быһа оннук хаатыйаланан, чугас дьоммун кытта аанньа кэпсэппэт да буолбутум. Эбэм мөҕөрө. Итинэн сыһыаммыт соччото суох буолбута…
Онтон эбэм баралыыстаан охтубута. Биир сыл үөрэммэтэҕим – эбэбин, дьиэни, хотону көрөн олорбутум. Эбэбин бэйэм эмтии сатаабытым. Ол кэмҥэ сыыһа эмтээтим быһыылаах дии санаабытым. Наһаа элбэх сырам-сылбам бараммыта. Оччолортон эмтээһин миэнэ буолбатах эбит диэн өйдөөбүтүм. Билэр, чугас дьонум куһаҕан буолалларын эмиэ эрдэттэн билэбин. Хомойуох иһин, мин онно орооһор, хайдах да гынар кыаҕым суох… Дьылҕа диэн баар. Өлөрү кыайбыт суох.
Арыллыы
Оскуоланы бүтэрэр сылбар, арай, түүл түһээтим. Куугунуур курдук улахан тыас иһиллэр. Сүүрэн тахсан көрбүтүм, дүҥүрдээх, бытырыыстаах таҥастаах киһи мастар үрдүлэринэн көтөн иһэр. Тыаһа диэн сүрдээх, куугунаан олорор. Мин кэннибэр икки кыыс – аанньалларым тураллар диибин.
— Ити Бадыл ойуун, эйигин ыҥырар, – дииллэр.
— Барсабыын! – диэт, дьиэҕэ сүүрэн киирэн, кыһыл кроссовкабын кэтээт, таһырдьа тахсабын… Уонна тэҥҥэ көтүһэн арҕаа диэки барса турабын. Көтөр ньымам оҕо эрдэхпинэ дьикти баҕайы буолааччы: наар икки эдэр кыыс кэннибиттэн сылдьан көбүөргэ олордон баран, дьиэттэн көтүтэн таһаарааччылар. Билигин мин итинник көппөппүн, тутатына куйаарга тахсан Сир шарын көрөн турар буолабын.
Ити Бадыл ойууннаах түүл кэнниттэн олох ыалдьартан соло булбат буолбутум. Тыыным хаайтарар, бопторор ыарыы буулаабыта, ону нэһиилэ үтүөрдүбүттэрэ. Биир сыл сайыныгар хаампат буола сылдьыбытым. Онтон дьонум оттуу барбыттарын кэннэ дьыбааҥҥа олордохпуна (сатаан турбат да этим, наар олорон, сытан тахсарым), арай, таһырдьа дьахтар саҥата: «Машаа!» — диирин истэ биэрээт, сүүрэн тахсыбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым. Ити кэнниттэн хаамар буолбутум.
Быарым улаатан, нукаай буолан, эмиэ биир сыл орон бөҕө буолан сыппыппын өйдүүбүн. Ол сытан мэлдьи түһээн маҕан бытыктаах кырдьаҕас оҕонньору көрөр этим. Кэлэн уоскутара уонна санаабын көтөҕөрө. Кини миэхэ элиэ көтөрү анаабыта. Сайын аайы элиэ буолан бөһүөлэк үрдүнэн көтөрүм. Билигин ол элиэбин дьону көрдүүргэ туттааччыбын. Улаатан, 22 сааспын туолан баран, Харбалаахха сылдьан, түһээн ол ойууну көрсүбүтүм. Кини:
— Бу ыты ыл! – диэбитэ, ол ыт миигин көрдө көрөөт, аһыыларын килэтэн, ырдьыгынаан барбыта. Борооску саҕа улахан хара ыт, түөһүгэр уонна сүүһүгэр күннээх этэ. Ойуун:
— Бу ыт эйигин батыстаҕына, эйиэнэ буолуо, суох да суох! – диэт, үҥкүрүйэ-күөлэһийэ түһээт, сүтэн хаалбыта. Мин куттаммакка эрэ, эргиллэн баран, аахайбатах киһи курдук, инним хоту бара турбутум. Ытым өтөр соҕус ырдьыгынаан баран, эккэлээн сырсан кэлбитэ, ситэн ылан инним диэки сундулуйа сүүрэ турбута. Бу ытым ыраах айанныыр суолбун арыйарбар көмөлөһөр уонна ырааҕы көрөрбөр-истэрбэр, билэрбэр кулгааҕым, хараҕым кэриэтэ буолар.
Арыллыым оннук саҕаламмыта. Түүн ортото ойон туран хоһоон бөҕөтө суруйар этим, ким эрэ этитэрин курдук. Хоһоон бэйэтэ кутуллан киирэрэ.
Бэйэни көрдөнүү
Дьокуускайга ПТУ-га алмааһы кырыылааччы идэтигэр киирэн баран, аҕабын сайыһан, дойдубар барсан хаалбытым. Онон биир сыл библиотекаҕа үлэлээбитим. Наар ааҕан тахсарым. Хайаан да үөрэххэ киириэм диэн сыал туруоруммутум.
Эһиилигэр Бүлүүтээҕи педколледжка туттарсан киирбитим. Эһэм сүбэлээбитэ, кини түс-бас тылын истэрим, ытыктыырым. Иккиһинэн, дойдубун ахтарым бэрт, онон чугастыы буоллун дии санаабытым. Колледжка төрүт культура салаатыгар үөрэммитим. Саха төрүт үгэстэрин билиэхтээхпин диэн сыал туруоруммутум. Ол сылдьан арыллыым салҕанан барбыта. Уопсайга олорон иччилээх түүллэри түһүүрүм, кыргыттар ыйыттахтарына кэпсиирим.
Ол кэмҥэ биир итэҕэл түмсүүтүн кытары суруйсубутум. Ол дьонум эмискэччи Бүлүүгэ тиийэн кэлбиттэрэ. Кинилэри кытта Үөһээ Бүлүү ытык сирдэринэн, Түҥ үрэҕинэн экспедицияҕа сылдьыбыппыт. Онно сылдьан арыллыым күүһүрбүтэ. Кинилэр ыҥыраннар, «Кэпсиэ» биэриигэ кыттыбыппыт. Оҕотук санаабар, бу эмиэ бэйэм курдук дьон, миигин өйдүүллэр дии саныырым. Онтум хайдах эрэ кыараҕас курдук этэ. Сөбүлээбэккэ, кинилэртэн тэйбитим.
Сыыйа дьон билэр, наадыйар, кэлэр буолан барбыттара. Миигин дьон таһаарбыта диэн этиэхпин сөп. Биллэн турар, кураанах буолбатах этим. Сүппүтү булан, этэн, сүбэлээн биэрэрим. Ол эрэн, сүтүгү сүүс бырыһыан булабын диэн этэр кыаҕым суох.
Бэйэни кыайыы – саамай ыарахан үлэ
Эдэр сааспар сыыһаны оҥорбутум элбэх. Чугас дьоммун хомоппут да түгэннэрим бааллар. Ханнык да түгэҥҥэ сыыһаны бырастыы гынар, аһаҕас сүрэхтээх буолуохха наада. Наар куһаҕаны булан көрдөххө, киһи ону итэҕэйэн, бэйэтэ куһаҕан буолан киирэн барар. Киһи бэйэтин олоҕун бэйэтэ оҥостор диэн итини этэллэр.
Ханнык баҕарар киһи курдук, тус олохпор элбэх алҕастары, сыыһалары оҥоробун. Оҥоруохтаахпын оҥорбокко хаалабын, табыгас түгэннэри куоттарабын… Киһи быһыытынан ыгым соҕус майгылаахпын. Ону көрүнэ, туттуна сатыыбын. Киһи бэйэтин итэҕэстэрин, уйулҕатын туттуна сатыахтаах. Оннукпун диэн баран түөскэ охсуна сылдьарыҥ сыыһа. Итэҕэһи, сыыһаны көннөрүү хаһан да хойут буолбат.
Тус олохпор биир улахан кыайыым – ыйааһыммын түһэрбитим буолар. Отут киилэни түһэрбитим. Кыра эрдэхпиттэн эттээх буоламмын, араас диетаны барытын боруобалаан көрбүтүм. Араас эмтэри да испитим. Туһата суох этэ. Онтон остуолга баар аһы сыыһа астаан, сыыһа аһыыбын диэн өйдөбүл кэлбитэ. Ону сайыннаран, үөрэтэн, кэҥэтэн, авторскай программа оҥорбутум. Киһи бэйэтин доруобуйатын бэйэтэ айгыратар эбит – аһынан, арыгынан, хамсаабакка сүрэҕэлдьээн олорорунан. Дьиҥинэн, өйүҥ-санааҥ тугу этэрин бэйэҥ этиҥ-сииниҥ истэр. Бэйэҥ эккин-сииҥҥин абааһы көрдөххүнэ, кэхтэн, айгыраан бараҕын.
Мин мэйиим уҥа өттө ордук үлэлиир. Хаҥас өттүм утуйа сылдьар курдук. Ол иһин уруккуттан математикаҕа мөлтөхпүн. Гуманитарийбын, таайан, оҥорон көрөр дьоҕурум ордук сайдыбыт. Ол гынан баран киһи бэйэтин ис туругун куруук сайыннара сылдьыахтаах. Ол иһин билигин математиканы үөрэтэ сатыыбын, мэйиим хаҥас өттүн үлэлэтэргэ кыһаллабын. Кырдьаҕас эдьиийим эппитин умнубаппын: «Тоойуом! Киһи бу олоххо олоҕу кытта охсуспат! Бэйэҕин кытта охсуһаҕын!» — диэн. Бу кынаттаах тыллары хас биирдии киһи билиэхтээх.
Мин сүгэһэрим
Оҕо эрдэхпинэ наар биир куттал баара. Кынчаалтан, саабылаттан, улахан быһахтан куттанарым. Куонаан диэн булчут, сылгыһыт киһи баара, наар улахан кыыннаах быһахтаах сылдьара. Ол киниттэн өлөрдүү куттанарым. Көрүөм эрэ кэрэх, хаһыытыы-хаһыытыы куотар үһүбүн. Оннооҕор ыһыахха кини баар буоллаҕына, түһүлгэҕэ киирбэт этим. Оннук улаханнык куттанарым. Ол тоҕотун билбэт этим.
Кэлин түһээтэхпинэ, орто үйэлэр саҕана быһыылаах, кириэстээх айаҥҥа («крестовый поход») сылдьабын. Улахан баҕайы кириэстээх таҥаһы кэтэ сылдьан, дьону сыппах саабыланан кэрт да кэрт буолабын. Уонна бэйэбин эмиэ оннук кэрдэн өлөрөллөр… Ол өйдөбүл мэйиим, сүрүм ханнык эрэ уһугар хатанан сылдьар эбит. Күүстээх куттал уонна аньыыны оҥоруу туох да содула суох таах ааһан хаалбат…
Онно өйдөөбүтүм – бу мин дьоҕурум, мин сүгэһэрим, дьону кытта алтыһарым, Таҥара тугу этэрин дьоҥҥо тиэрдэ сатыырым – мин иэһим, урукку олоҕум сыыһатын боруостааһын буолар эбит. Таҥара бэйэтин көрүүтүн, үтүө санаатын дьоҥҥо тарҕат диэн иэс баайбыт. Онон Дьылҕам баайан улахан иэстэбилгэ сылдьабын. Өр кэмҥэ Сиргэ кэлбэккэ сылдьыбыппын. Таҥара атыннык иэстэһэр кыаҕа суох. Сиргэ киһи кэнниттэн энергия хаалар – куһаҕан дуу, үчүгэй дуу буоллун, ол энергия бараныахтаах. Ол хаалларбыт куһаҕан энергиябын боруостуу, төлүү сылдьабын. Бу олохпор куһаҕан энергияны үчүгэйгэ кубулутуохтаахпын. Туох барыта төлөбүрдээх, ону өйдүү-өйдүү дьайыыны оҥоруохха, олох олоруохха наада.
Киһи инникитин билиэ суохтаах
Киһи хас да олохтонор диэни бэйэм эппинэн-сиимминэн кыра эрдэхпиттэн билэбин. Мин бу дьоҥҥо көмөлөһөрүм илистиилээх, сылаалаах. Онон айылҕаҕа тахсан ыраастанабын, чэпчиибин. Куппунан Куйаары кытта ситимнэһэн, санаабынан ыраастанабын (медитация). Хас биирдии киһи оннук гыныан сөп. Далбаатаан, ботугураан, алҕаан ыраастыыбын.
Дьон этин-сиинин уларытарга үлэлиибин. Бастаан киһини көрөрбөр – этин-сиинин туругуттан саҕалаан, уйулҕатын көрөбүн. Туохтан куттанарын, туох кыһалҕаҕа ыллара сылдьарын, олоҕун уопсай торумун, сыыһаларын-алҕастарын, тугу баҕарарын-ыралыырын көрөбүн, ырытабын. Бэйэтин таһымынан, туругунан, өйүнэн-санаатынан көрөн кэпсиибин, сүбэлээн-амалаан биэрэбин. Ону сөбүлэһэр буоллаҕына, туолар. Киһи олоҕор туох да бэйэтэ мээнэ дьаалатынан буолбат. Барыта төрдүлээх-төбөлөөх, биричиинэлээх буолар.
Дьон үксүн инникитин ыйыта кэлэр. Ол эрэн, Таҥара ыйыытынан, киһи инникитин билиэ суохтаах. Кини киһини көҥүл эрээри, бүтэй гына айбыт. Онон киһи инникитин бэрт кыратык сэгэтэн, чугастааҕытын эрэ көрөбүн. Киһи дьылҕатын, инники олоҕун уларытан кэбиһиэххэ сөп. Оччоҕо дьылҕата сыыһа баран хаалар. Ол сэттээх, сэмэлээх. Ол оннугар олоҕун торумун, уопсай туругун көрөн, ырытан баран, сүбэлээн биэрэбин. Ол сүбэни ылыннаҕына, өйүн-санаатын уларыттаҕына, этэргэ дылы, олоҕун бэйэтэ оҥостор кыахтанар.
Саха сиригэр «Битва экстрасенсов» диэн күрэскэ кыттыбытым. «Якутск вечерний» хаһыат тэрийбитэ. Онно үс төгүл кыттыбытым. Бастаан Ярославскай аатынан музей балаҕаныгар буолбута. Онно бастаан холонон көрбүтүм да, сөбүлээбэтэҕим. Барыта хайдах эрэ оонньуу-көр курдук этэ. Иккис түгэҥҥэ сылгыны, сүппүт киһини көрдөппүттэрэ. Ол дьиҥнээх этэ. Үһүскэ кыһалҕалаах киһи чаһытын биэрбиттэрэ. Быыс нөҥүө киһи олорорун таайбыппыт. Сорудахтара үчүгэй этэ. Бэйэбин холонон көрөөрү уонна дьоҕурбун дьоҥҥо көрдөрөөрү кыттыбытым. Эрэммэт дьон элбэҕэ бэрдэ. Онно кыайбытым эрээри, худуоһунньук бэйэтин үлэтиттэн хаһан да астыммат дииллэринии, бэйэм астымматаҕым. Өссө да арыллыахтаах этим. Миигин онно кэргэним, эдьиийим олус өйөөбүттэрэ.
Сэмэйдик сылдьарбын ордоробун
Дьиэлээхпин-уоттаахпын, кэргэннээхпин, оҕолоохпун. Ийэм-аҕам, бииргэ төрөөбүттэрим этэҥҥэлэр. Кэргэним миигин өйдүүр, өйүүр. Итинтэн ордук туох нааданый? Дьоҕурбун көннөрү олохпор хаһан да көрдөрбөппүн. Онон чугас дьонум, доҕотторум-атастарым миигин кытта сэрэммэккэ-сэрбэммэккэ, көҥүллүк алтыһаллар. Мин удаҕан буолбатахпын, удаҕан эбитим буоллар, чугас дьоммор дьайыа этэ. Көрөр, таайар дьоҕурбун санаабынан салайан аһабын-сабабын, хонтуруоллуубун. Урут кыайан хонтуруоллаабакка, эрэйдэнэр этим. Киһини кытта кэпсэтэ турдахпына, эмискэ көстөн кэлэрэ, сатаан хонтуруоллаабатым, онон олохпор мэһэйдэтэр этим.
Киһиттэн ураты буолар, биллэн турар, соччото суох. Сэмэйдик сылдьарбын ордоробун. Экстрасенс, көрбүөччү быһыытынан буолбакка, киһи быһыытынан сыаналанарбын сөбүлүүбүн. Дьиҥинэн, биир да чугас дьүөгэм суох. Үйэм тухары биир-икки эрэ чугас дьүөгэлэнэ сылдьыбытым. Мээнэ дьону чугаһаппаппын. Соҕотох сылдьарбын, чуумпуну сөбүлүүбүн. Киһиэхэ дьиҥнээх доҕор биирдэ эмэ кэлэн ааһар. Уоннааҕыта көннөрү ааһан иһэр дьон буоллаҕа.
Дьону кытта алтыһарбын сөбүлүүбүн. Иннэ үүтүнэн көрөр, кыараҕас ычалаах дьону сөбүлээбэппин. Дьон да араас. Ол эрэн, дьону уопсайынан таптыахха наада. Дьону сиилиир, сэниир, кэлэйэр, абааһы көрөр сыыһа. Ити бэйэни түһэн биэрии. Дьону абааһы көрөр киһи ситиһиилэммэт, соҕотох кырдьыан сөп. Кини син биир бэйэҥ курдук киһи. Ким да буоллун, Таҥара иннигэр тэҥмит. Кини эмиэ Таҥара оҕото эбээт. Дьон туох да диэтин – ылыныа суохтааххын, бэйэҥ тус санаалаах буолуохтааххын. Дьоҥҥо тулуурдаах сыһыан, муударай буолуу ирдэнэр. Киһини уларыта сатааһын сыыһа. Кинини таптыахтааххын, бэйэҕин курдук. Оччоҕо эрэ дьону өйдүү үөрэнэҕин.
Ити курдук кыракый муударастартан тиһиликтэнэн, олоххун чэпчэтэн, үчүгэйдик, киһи сиэринэн олорорго дьулуһуохтааххын.
Киһи олоххо сыала – дьоллоох буолуу
Инники былаан элбэх. Бизнес өттүнэн сайдарбын, аан дойду таһымыгар тахсарбын сыал оҥостобун. Олоххо саҥаттан саҥа былаан туруорунан иһиэхтээххин диэни тутуһабын. Ол сыалгын чугаһатар туһугар күннэтэ кыракый да дьайыылары, хамсаныылары оҥорор буоллаххына, сыалыҥ туолар.
Олох олоруу – олоҕу кытары охсуһуу буолбатах, бэйэҕин кытары охсуһуу. Киһи олоххо сыала – дьоллоох буолуу. Кыра да, улахан да дьол буоллун. Ол оҕо, кэргэн, сөбүлүүр идэ, баай-дуол да буолуон сөп. Ким хайдах көрөрүнэн. Итини барытын сөптөөхтүк ситистэххинэ, олохпор дьолу ситистим дии саныыгын. Оччоҕо бу дойдуттан толору санаалаах бараҕын.
Оттон миэхэ дьол диэн – тапталлаах буолуу. Холобур, эйигин таптыыр уонна өйүүр киһи баар буоллаҕына, дьоллоохпун дэниэхтээххин. Уонна ити кэнниттэн сөбүлүүр идэ, үлэ кэлэр. Талааны саба баттаабакка, туһанан иһиллиэхтээх. Киһи барахсан барытын боруобалаан көрөн билэр. Ол курдук идэ өттүнэн наһаа элбэҕи боруобалаан көрдүм. Элбэх сыыһаны оҥорбутум да иһин, тиһэҕэр кэлэн санаабыппын, баҕарбыппын, дьэ, табан буллум. Сөҕүөм иһин, аныгылыы компьютернай технология өттүгэр дьоҕурдааҕым биллэн таҕыста. Киһи дьоҕура үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн күөрэйэн тахсыан сөп. Мин онтон наһаа дьоллоннум. Бу эрэ мин олохпор тиийбэккэ сылдьыбыт эбит. Нууччалыы эттэххэ, «призвание» диэн. Киһи баҕа санаата, ырата дьоллоох буолууга быһаччы улахан оруоллаах. Киһи бэйэтин ис туругун истэн, дьайыылары оҥоруохтаах. Ол дьайыыларга туһалаах буолуу уонна таптал баар буолуохтаах. Ити Куйаар уонна Айылҕа сокуона.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru