Айылҕаны хоһуйар Айылҕаана

25.06.2020
Бөлөххө киир:

Мин бу күннэргэ Чурапчы Арыылааҕыттан төрүттээх Анна Дмитриевна Барашкова- Айылҕаана «Айылҕа кэрэтин кэрэхсээн» (2017 с.) диэн кинигэтин ааҕан баран, эһигини, ааҕааччылары, кытары бэйэм санаабын үллэстиэхпин баҕардым.
Аныгы үйэ сиэринэн, Анналыын кини батсаапка ыыппыт хоһооннорун сөбүлээммин, киниэхэ суруйан кинигэтин бэлэхтэтэн билсибитим. Айылҕаана бэйэтэ суруйарын курдук, «Харахтаан мин көрсө иликпин Хоһоонньут доҕотторум» диир дьонноруттан биирдэстэрэ буолбутум.

edersaas.ru

Анна улахан дьиэ кэргэн Далбар Хотуна, алта оҕо ийэтэ, элбэх сиэн эбэтэ, киһи аайы эрэ бэриллибэт “Гражданскай килбиэн” наҕараада хаһаайката. Кини 1994 сылтан хоһоонноро улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар бэчээттэнэннэр, ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылар буолбуттара. Этэргэ дылы, бөлүһүөк уонна профессор К.Д.Уткин—Нүһүлгэн «Айылҕа уонна айылгы алтыстаҕына, айар кут уһуктара буолуо”, – диэн эппит тылларыгар олоҕуран, Айылҕаана хоһооннорун кытта билсиэҕиҥ.

Бэйиэт лиирикэтигэр ардах-самыыр уобараһа

Анна күн сиригэр күөх окко күөлэһийиэҕиттэн, “Көрүлүүр көччүйэр оонньуур сааһа”
отон-дьэдьэн тэлгэхтээх, кэрэттэн-кэрэ айылҕалаах “алаадьы сыттаах» Арыылааҕар ааспыта, ол да иһин Анна суруйар литературнай псевдонимын «Айылҕаана» диэни таллаҕа:

Анаан — минээн айан ыллыам
Айгыр-силик айылҕабын.
Алаас сирбин көрө таптыам
Араас кэмҥэ, сайын-кыһын (19 с.)

Нуучча поэзиятын пейзажнай лиирикэтин биллэр чинчийээччи М.Н.Эпштейн суруйарынан, үгүс поэттар айылҕа кэрэ көстүүтүн хоһуйалларыгар дьыл кэмнэриттэн сайыны талаллар эбит, Айылҕаана эмиэ онтон туора турбат:

Кыстык бүттэ, саас ааста,
Куспут баһын хам ыстыыр,
Саламааты астанар
Сайын кэллэ бу күнтэн.
Мутукчабыт тыллыбыт,
Дыргыл сыта тарҕаабыт,
Сирбит кырса сылыйбыт,
Күөҕэ көбөөн көстүбүт… (17 с.)

Дьиҥинэн, тулалыыр алыптаах айылҕа уобараһын уус-уран тыл күүһүнэн айарга,
ааҕааччыга тиэрдэргэ суруйар дьоҕурдаах эрэ киһи барыта санаммат дьыалата.
Онтон ылсар буоллаҕына, хас биирдии поэт айылҕа уобараһын нөҥүө киһи уустук уйулҕатын уонна хатыламмат иэйиитин бар дьонугар итэҕэтиилээхтик тиэрдэргэ дьулуһар. Айылҕаана бары хоһоонноро анал ааттаахтарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Хоһоон аата айымньы идеятын илдьэ сылдьар буоллаҕа уонна хоһоону ырытыыга, өйдүүргэ улахан суолталаах: “Саҥа күн”, “Сырдык самыыр”, “Алааспар эргийиэм”, “Сулустар”, “Сайын кэллэ”, “Үс хатыҥ”, “Айылҕа дьиктилэрэ”, “Туолбут ый дьээбэтэ”, “Сардаананы туойабын” уо.д.а.
Айылҕаана кэтэһиилээх сандал саас салаллан кэлиитэ күлүм күн сандаарыччы тыган сири-уоту сылытан, сымнатан, айылҕа тиллиитин, бу кэрэ көстүүттэн көтөр-сүүрэр уhуктуутун, кэрэ кэм кэлэн дьон-сэргэ үөрүүтүн, дьолго тардыhыытын хомоҕой хоһоонноругар хоhуйар:

…Күүппүт кэммит, дьэ кэлэн
Күөнэх көбөн күөрэйиэ.
Күммүт күүскэ сылытан
Күөхпүт көбөөн күөгэйиэ.
Үрүччэбит сүүрдүөҕэ,
Үрүлүйэн үөрдүөҕэ,
Үнүгэспит үллүөҕэ.
Үөппүт түүтэ көтүөҕэ… (11с.)

Хас биирдии поэт төрөөбүт төрүт уус-уран тылын күүһүнэн дойдутун айылҕатын хоһуйарга, айылҕа уобараһын нөҥүө киһи уустук уйулҕатын уонна кэрэ иэйиитин тиэрдэргэ дьулуһан айар үлэтигэр бэйэтэ эрэ сөбүлээн туттар уобарастардаах буолар.
Айылҕаана бу хомуурунньугар болҕомтолоох ааҕааччы дьүүлүгэр ардах-самыыр туһунан сүүрбэччэ хоһоону киллэрбит: “Сырдык самыыр”, ”Сааскы самыыр”, “Кэлим ардах – абырал ардах”, “Ааһар ардах”, “Эмиэ былыт – эмиэ ардах” уо.д.а. Бу хоһооннору ардах арахсыспат аргыстара ньирилэс этиҥ, үөмэр былыт, хаҕыс тыал, элиэ көтөр, кустук кыыс да умнуллубакка уус-уран тылынан хоһуйуллаллар, ардах-самыыр уобараһын толорон биэрэллэр уонна ааҕааччыны тулалаан турар айылҕа таайтарыылаах көстүүтүттэн дьиҥнээх дуоһуйууну ыларыгар кыах биэрэннэр кэрэ эйгэтигэр сирдииллэр.

Ардах тыала сирилиир,
Хатыҥ тыалтан иэҕэҥниир.
Ардах түһэн тирилиир,
Хатыҥ мастан чурулуур.
Түргэн ардах курулуур,
Тэйэр таммах бырдааттыыр,
Чаҕыл уута чарылыыр,
Чалбах үрдэ чалбааттыыр… (23 с.)

Айылҕаана хас саха киһитэ бастакы сааскы ардаҕы хайдах курдук кэтэһэрин ааҕааччыга итэҕэтиилээхтик тиийэр гына маннык суруйар:

Сааскы ардах – күүтэр үөрүү,
Саҥа күөххэ утах өрүү.
Ача тахсан тупсуо алаас,
Арыы аллар-байым хаһаас (15 с.)
_________
Куйаас уһаан курааннаан
Күүтүү буолла ардахтыан…
Сурах ыытан этиҥнээх
Самыыр кэллэ илдьиттээх (31 с.)

__________
Эрдэ туран истэбин:
Элиэ кистээн чурулуур,
Эмиэ ардах кэлиэҕин
Эрдэ билэн билгэлиир…(33 с.)

Кини саха дьонун олоҕор-дьаһаҕар уйгулаах ардах хайдах курдук суолталааҕын маннык тоһоҕолуур:

Сайаҕастык сылаастык,
Санаа хоту наҕыллык
Сылаас уунан ибиирдэ,
Сиргэ илгэ иҥэрдэ.
Былыт уутун сүөкээтэ,
Быйаҥ ардах, дьэ, түстэ.
Барҕа махтал бу күҥҥэ
Бигэ эрэл, үүнүүгэ. (23 с.)


Саха поэзиятыгар айылҕаны тыыннааҕымсытыы, биллэн туран, тулалыыр эйгэни уратытык ылыныыны кытта ситимнээх. Ааптар күн аайы алтыһар айылҕатын, холобур, ардаҕы, самыыры кытта киһи курдук кэпсэтэр, сүбэлэһэр, ардыгар тиэтэтэр, ардыгар мөҕүттэр. «Ыам ыйын этиҥэ” диэн хоһоонугар:

Сэргээтим ыам ыйын этиҥин,
Сонурҕаан турбутум кэтэһэн,
Бүттэҕэ көхсүтүн этитэн,
Бардаҕа кэһиитин мэлитэн…
Астыктык ньиргиччи эппэтэ,
Бастакы этиҥмит кэлэттэ,
Ардаҕа даҕаны иэппэтэ
Баар баайтан сэмсэлээн эппэтэ (35 с.)

Эбэтэр:
“ Аһыҥа утахтыыр диэччилэр”
Ардаҕы астыммат эбэлэр (30 с.)

Уйгулаах ардах ааспытын кэнниттэн “көстөн ааһар дьиктилэр
айылҕаҕа элбэхтэр”:
Арҕаалаабыт күн көрөн
Кустук тахсан дьэргэйбит.
Алаас сыһыы күп-күөҕэр
Кэлэн чугас тирэммит (23с.)

Айылҕаана эпитеттэри, метафоралары, тыыннааҕымсытан көрдөрүүнү элбэхтик туттар: быйаҥ ардах, алгыстаах ардах ,сырдык самыыр, симик этин, албын былыт, үөмэр былыт, силбик былыт, хаҥыл тыа, аһыҥа утахтыыр, этиҥмит кэлэттэ, былыт уутун сүөкээтэ,

Айылҕаана бу “Сирдээҕи кэрэни кэрэхсээн” кинигэтин ааҕа олорон, хоһоонноругар биир да нууччалыы тыллары кыбыппатын, ийэ тылын дириҥник билэрин, хас биирдии ийэ тылын чөмчүүк таас курдук сэрэнэн-харыстаан туттарын бэлиэтии, сэргии көрдүм. Анна киниэхэ төрөөбүт тыл сүмэтин иҥэрбит эбэтигэр, төрөппүттэригэр махтанар:

Ийэттэн төрөөбүт күммүттэн
Иһирэх тапталы истэммин.
Тылбынаан мин дьылҕам биир тыыннаах,
Куппунаан төрүт сир ситимнээх (45 с.)

Айылҕаана хоһооннорун тутула үксэ силлабо-тоническай, 4-түү строканан суруллубуттар, 7-9 сүһүөхтээхтэр, ол эрээри, ардыгар көҥүл хоһоон да форматынан суруйар эбит. Билэрбит курдук, саха поэзиятыгар көҥүл хоһоон норуот ырыаларыттан, олонхоттон силис-мутук тардан сайдыбыта. Кини аллитерацияны, дьүөрэ тыллары сааһылыыр, наардыыр дьоҕурун маннык хоһооннорго булуохха сөп: “Самыыр сууйан”, “ Абыраныы ардахтан”, “Курааны, угуту аһаран”, “Сардаананы туойабын”, “Ньээм от”, “Сардаана», “Чуумпу киэһэ”, “Этиҥнээх ардах”, “Кэлим ардах-абырал” уо.д.а.

Айылҕаана хоһоонноругар тыл дьүөрэлэһиитин (рифма) араастара үгүстэр. Кини ордук
кэрискэ (аааа) уонна (пааралыы аабб) рифмалары кыайа-хото туттарын бэлиэтии көрдүм. Үөһээ ахтыбытым курдук, аллитерациянан суруллубут хоһооннор да аҕыйаҕа суохтар:

Салгын кытта наскыйбыт,
Саҕа тыаҕа ый кыыспыт,
Сынньанардыы нуктаабыт,
Сылаас киэһэ нуурайбыт (31 с.)

Аара айан аартыгар
Алтан оттон саһарар.
Арыы саһыл сыһыылар
Арыаллыыллар айаммар (29 с.)

Пааралыы рифма:
Халлааммыт буруонан бүрүллэн
Хараҥа хойдоро эбиллэн,
Ханан да биир сулус көстүбэт,
Хатааһын чолбоно сирдээбэт (22 с.)

Эбэтэр:
Сайаҕастык сылаастык
Санаа хоту наҕыллык
Сылаас уунан ибиирдэ,
Сиргэ илгэ иҥэрдэ. (23 с.)

Анна олоххо тардыһыыта, киһиэхэ, төрөөбүт сиргэ таптала, айылҕаҕа сыһыана, олох кэрэтин көрүүтэ, хас биирдии түгэни сыаналыыра барыта айымньыларыгар арылхайдык көстөр. Бу маннык хоһооннору аахтахха хайдах эрэ киһи санаата чэпчээн, дууhата орто дойду олоҕуттан дуоһуйар, астынар:

Айылҕам сирдээҕи кэрэтин
Айылгым кыаҕынан кэрэхсиэм,
Хас күнэ ураты дьиктитин
Хайҕааммын ураннык мин кэпсиэм. (39 с.)

Профессор В.Б. Окорокова суруйарынан: “Уобарас – хоһоон тыына. Саҥа дьикти уобараһы булуу, этии – бу поэт арыйыыта, уратыта” . Онон, Айылҕаана айымньыларыгар саамай элбэхтик, атын поэттартан уратыта диэн, ардах-самыыр уобараһа биир ситим буолан, дьон-сэргэ уйгулаах олоххо, дьолго, кэрэҕэ тардыhыытын туоһута уонна, мин санаабар, билиҥҥи литератураҕа бу уобарас сонун, сэргэх көстүү буолар.

«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан

Светлана ЕГОРОВА (ГАБЫШЕВА)-ТУЛУЙХААНА.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0