Бүгүн Национальнай художественнай мусуойга Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын салайааччы Иннокентий Андросов «Природы чудные мгновенья…» диэн хаартысканан быыстапката аһылынна.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Иннокентий Андросов быйылгы быыстапкатын Экология сылыгар анаан, айылҕа дьикти көстүүлэрин, көтөрдөрүн хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиппитин куорат олохтоохторун көрүүлэригэр таһаарда. Кини хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйбүтэ ырааппытын уонна ханна да сырыттар, фотоаппаратын сүгэ сылдьарын туһунан бииргэ төрөөбүт быраата «Саха» НКИХ салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Иван Андросов кэпсээтэ.
Иннокентий Андросов отуттан тахса сыл устата уу хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлии сылдьар, идэтигэр бэриниилээх үлэһит. Командировкаҕа, бултуу да сырыттар, куруук айылҕа ураты көстүүтүн хаартыскаҕа түһэрэн ылар үгэстээх. Хас да сыллааҕыта Иннокентий Михайлович «Лики воды» диэн уу тиэмэтинэн быыстапка оҥорбута. Онно сүүстэн тахса хаартысканы туруорбута.
Хаартыскалара үрдүктүк сыаналананнар, «Байанай» сурунаал, «Охота и рыбалка в Якутии» биэрии ыытар күрэстэрин лауреатынан буолбута.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru