Айылҕа таайыллыбатах кистэлэҥэ: Мүнэнниин көрсүһүүлэр

Ааптар:  Евсей Лугинов
06.06.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Уус Маайа улууһун биир таайыллыбатах таабырынынан мүнэннэр буолаллар, саха дьоно кинини ”хайа иччитэ”, эбэҥкилэр “мүнэн”, “мүлэн”, “ түөкүн” диэн ааттыыллар.

Мүнэннэр тустарынан үөрэтии, туох да сылык суох, арай быстах үһүйээҥҥэ эрэ хаалбыттар. Кинилэр сир былдьаһыгар атын биистэр үтүрүйүүлэригэр түбэспит хаспах дьонун удьуордара буолуохтарын сөп. Японецтар этэллэринии, бар түүлээхтэрин аанньа айналар төрүттэрэ буолуохтарын эмиэ сөп. Ол айналары хайа олохтоохторун кытта булкуспут палеазиаттарынан, эбээннэринэн ааҕаллар. Дьугдьуур мүнэннэрин, биир кэмҥэ үөскээн ааспыт «йетилэр», «алмастылар», о.д.а. дьон-сэргэ төрүттэрин курдук, үрдүк уҥуохтаах, киппэ быһыылаах-таһаалаах, хойуу түүлээх, уһун баттахтаах дьон быһыытынан кырдьаҕастар ахталлар.

Таҥаһын аҕыннахха, кыһын чубуку тириитин ис өттүгэр тиэрэн баран кэтэр эбит. Кыыл курдук сэргэх, түргэнник сүүрэр, биллэрбэккэ үөмэн кэлэн чуҥнаан көрөн туруон сөп. Черскэй хайатын арҕаһынан быысаһыллыбыт кинилэр биир хааннаахтара Муомаҕа, Үөһээ Дьааҥыга киһи өйүн баайар, өйүн-төйүн муннарар дьиктилээхтэрэ, киһини утутар да, ыттарын төттөрү иччилэригэр салайар да кыахтаахтара кэпсэнэр. Номох быһыытынан, былыр мүнэннэр оҕону-дьахтары, туттар сэби-сэбиргэли, аһы-таҥаһы уоран бараллара үһү. Ол иһин дьон кинилэри абааһы көрөннөр, көрүстэхтэринэ сойуолаһар эбиттэр.

Тириитин тииккэ тиирбиттэр

Уус Маайа улууһугар икки хобдох түмүктээх түгэн сэһэҥҥэ-сэппэҥҥэ хаалбыт. Бастакыта, Дьуудам үрэх сиһигэр буолбут. 1800-с сыллар ортолорун саҕана, күһүҥҥү тайахтар иссэр кэмнэригэр, аҕата уончалаах уолун хаалларар дьоно суох буолан дуу, эбэтэр доҕор гынаары дуу бэйэтин кытта илдьэ барбыт. Биир үрүйэ төрдүгэр тиийэн, хонуктарыгар тохтообуттар. Үрэхтэн тымныы салгын тахсан тоҥорботун курдук, хахха соҕус сири булан харыйа лабаатын быһа охсон сиргэ халыҥнык тэлгээбиттэр, ол үрдүгэр таба тэллэхтэрин тэниппиттэр. Оҕо барахсан уһун хаамыыттан сылайан, кутаа суоһугар бигэнэн утуйан хаалбыт. Аҕата ханна эмэ тайах орулааһынын истээйэмий диэн кутаа аттыгар манаан олорбут. Туох да биллибэтэҕин иһин төһө да булт баҕата угуйдар, сылаата таайан эмиэ нухарыйан барбыт. Арай, уутун быыһынан чэпчэкитик дугунар, тыаһа суох хаамар атах тыаһын истибит. Эһэ буоллаҕа дуу диэн уһукта биэрэн көрбүтэ: сүүнэ улахан, киһиэхэ моһуоннаах кыыл, уолун харбаабытынан ааһа ойон эрэр эбит. Тоҥус бэлэм сыппыт тайыытын хаба тардан ылан, ол кыылы өттүкэ анньан хаалбыт. Ол өтөрү түһүү кыылы тохтоппотох, чугас турар сиһиктэр, болбукталар быыстарыгар балай хараҥаҕа симэлийэн хаалбыт.

Киһи тута кэнниттэн ыстаммыт. Сотору соҕус, түлүк уутуттан уһуктубут оҕо соһуйан ытыыр саҥата иһиллибит, ону кытта аҕатыгар сүүрэн иһэрэ көстүбүт. Кутааларыгар төннөн баран, били кыыл төннөн кэлэриттэн куттанан, малларын -салларын хомунан, түүнү түүн диэбэккэ дойдуларыгар төннүбүттэр. Өтөр кэминэн уол аҕата биир дойдулаахтарын хомуйан, били кыылы сонордуу тахсыбыттар. Ол тиийэн баран, хоммут сирдэриттэн ырааппакка, сиһик быыһыгар, биир бөдөҥ-садаҥ мүнэни булбуттар. Булт көрүҥэ диэтэхтэрэ дуу, хайдаҕа дуу, тириитин сүлэн ылан, икки тиит икки ардыгар тиирбиттэр. Онтон атынын үрэх тээргээнин муоҕун анныгар кистээбиттэр. Кэлин, ол мүнэни харайбыт сирдэрин “Абааһы тириилээх” диэн ааттаабыттара үһү. Ол хаартаҕа “Чертова шкура” диэн ааттанан киирбит.

Буорахха эстибитэ буолуо дуо?

Былыр Эдьээҥҥэ, Ааллаах үрэҕин чугаһыгар Марха төрдө диэн сири Сахаараптар диэн аҕа ууһа баһылаан олорбут. Бу дьон сэниэ ыал эбиттэр. Сүөһү-сылгы ииттэн, бултаан-балыктаан байылыаттык олорбуттар.

Улахан убайдара Сэмэн элбэх оҕолоох ыал аҕата эбит. Биирдэ саас сылгы, сүөһү төрүөҕүн саҕана, Ааллаах баһын эбээннэрэ табалара өлөн, хоргуйан быстан эрэллэрин туһунан сурах кэлбит. Урукку дьылларга ол уустар табалара баарына кыыл-сүөл киириэр, үрэх уута туолан балыктаныар, аас кэм ааһыар диэри Күпкэ, Эдьээҥҥэ киирэн олороллоро үһү. Оттон сайыары саас Дьугдьуур сиһин туораан Лаамы муоратыгар киирэн күһүн хойукка диэри балыктаан, кыһын аһыылларын хаһааналлара үһү. Алдан өрүс сүнньүн дьоно кинилэри ол иһин лабаҥхалар (лаамылар) диэн ааттаабыттар.

Сэмэн Сахаарап, бука, билсэр дьонноро буоллахтара буолуо, кэргэнин, дьиэтин-уотун хаалларан, хайыһарын, туркутун, чокуур саатын ылан ол дьону быыһыы барбыт. Дьолго, сис оройуттан, талахха киирбит тайахтары бултаан, тордоххо мас салааскатыгар кыстаан соһон киллэрэ-киллэрэ, Ааллаах баһын диэки баран испит. Оннук хас да ыалы быыһаабыт. Хас тордоххо кэллэҕин ахсын биир эмит оҕо-дьахтар нэһиилэ тахсан чугастан мастанан тордох иһинээҕи уоту көрө-харайа сылдьар, атыттара турар да кыахтара суох сытар буолаллара үһү. Сэмэн олору күөс буһаран сэрэнэн аһатан, сэниэ киллэрэн атахтарыгар туруортаабыт. Лабаҥхалар үрүҥ тыыннарын өрүһүйбүтүн иһин махтанан биир кыыстарын Сэмэҥҥэ кэргэн биэрбиттэр уонна бөрө курдук бултуу-бултуу булдун дьоҥҥо салаасканан аҕалан барбытын иһин Бөрө Сэмэн диэн ааттаабыттар.

Сэмэн иккис кэргэнин кытта Ааллаах үрэх орто сүүрүгэр Акра диэн үрэх салаатыгар олохсуйбуттар. Акра диэн эбэҥкилииттэн «тиксии, тыынан тиксэр сир» диэн ааттаах эбит. Төһө өр ол сиргэ оннук олорбуттара буолла, биирдэ күһүн сир тоҥуутун саҕана, Сэмэн үрэххэ кэргэнин уолуйбут хаһыытын истибит. Туох ааттаах буолла диэн тайыытын туппутунан аартыкка ыстаммыт. Арай, кэргэнин кэнниттэн мүнэн сүүрэн бидиликтэнэн иһэр үһү. Ону көрөөт Сэмэн, хаһыытаабытынан утары ыстаммыт. Киһи киирэн эрэрин көрөн, мүнэн тохтуу биэрбит да үрэх тааһынан төттөрү тэптэрэ турбут. Сэмэн кэнниттэн хаһыытыы-хаһыытыы эккирэппитэ буолбут да, мүнэнэ киниэхэ ситтэриэ дуо, таһы баран хаалбыт. Ити түгэн кэнниттэн Сэмэн, мүнэн сүгүннүө суоҕа диэн кэтэнэ-манана сылдьыбыт, хайдах эмэ гынан дьаһайарга санаммыт. Булт сырыыта саҕаламмыт, Сэмэн кэргэнин кэтээн олоруо дуо, дьахтарын дьонугар илдьэн биэрэн баран, дьэ холкутук бултаабытынан барбыт.

Биир күн, кыыл таба, тайах сылдьар удьаратыгар (ыллыгар), туора соҕус хайа сыҥаһатыгар булду кэтэһэн хонорго быһаарыммыт. Кутаа оттунан, хонордуу оҥостон сытан, кэнниттэн ким эрэ тобулу одуулуурун сэрэйбит. Арааската, били кыыл кэллэ быһыылаах дии санаат туран, кутаатын уотун көннөрбүтэ буолбут уонна хараҕын кырыытынан көрбүтэ көһөҥө таас кэнниттэн бөрө хараҕын уотун курдук уот кылапачыҥнаан ылбыт. Сэмэн салгыы уотун көннөрбүтэ буола сылдьан саатын сыҕарытан, ол уот диэки туһаайан уурбут, бэйэтэ мүнэҥҥэ көхсүнэн буола олорон, манан баар буолуохтаах диэн хололоон барбыт. Сөптөөх соҕус туһаайыытын булан баран, саатын чыыбыһын тардан кэбиспит. Саа тыаһа өрө хабылла түспүт да, таас кэнниттэн мүнэнэ тура биэрэн, хараҥаҕа сүүрэн хаалбыт. Сэмэн тайыытын туппутунан, мүнэн саһан сыппыт сиригэр ыстаммыт. Ханан да хаан-сиин тохтубут быһыыта биллибэтэх, арай, буулдьатын суолун булбут. Ону кэлин: “Табаҕа, тайахха ииппит буулдьабын өйдөөбөккө, харыс курдук үөһэнэн тэптэрбиппин, саам кыра иитиилээҕэ буоллар табыам хаалбыт”, — диэн кэпсиирэ үһү.

Сотору хаар түспүт. Сэмэн бултуу сылдьан кэмиттэн кэмигэр «ыалын» суолун көрөн аһарар эбит. Хаста да ыраахтан мүнэнин уотун буруотун көрөн, хайыһарынан тиийэ сылдьыбыт да, мүнэнэ эрдэ барбыт буолан испит. Ол тиийдэҕинэ, кыыла хаар үрдүгэр бэрт кыратык уоттаммыт буолар үһү. Иттэрэ дуу, эбэтэр тугу үөлэн сиирэ дуу биллибэт.

Саас саатын иитиитэ, тууһа, табаҕа, испиискэтэ бүтэн барбыт, онон, маҥнайгы кэргэнин, оҕолорун, дьонун көрө-истэ таарыйа хочоҕо (Аллан өрүс намтал сиригэр) киирбит. Түүлээҕин, тииҥин, тайаҕын этин соспутунан өтөҕөр тиийбит. Түүлээҕин туттаран, саа сэбэ булунан, тыатыгар төннүбүт. Өтөҕөр кэлбитэ: мүнэнэ чугаһынан сылдьара биллибит, онон Сэмэн син-биир кэтэнэ-манана сылдьыбыт. Биирдэ сааскы тоҥокко тайах көрөн баран кэлбитэ, мүнэнэ булка туттуом диэн аҕалбыт икки бааҥка буораҕын кытта ол-бу бытархай мал-салы ылан барбыт. Үрэххэ уу киирэ илигинэ, Сэмэн утуйар таҥаһын-сабын, малын араҥастаан баран кэргэнин аҕала барбыт. Кэргэнэ уол оҕонон уруйдуу тоһуйбут, ол кэмҥэ үрэх уута киирбит, онон туос тыынан төттөрү устан киирбиттэр. Мүнэн төһө эрэ лаабыспытын ыста буолла диэбиттэрэ, маллара-саллара төрүт тыытыллыбатах эбит. Кэлин да мүнэн суола-ииһэ көстүбэтэх. Сэмэн ону мүнэн буорахтаах бааҥканы ас буолуо диэн уокка быраҕан, бэйэтин дэлби тэптэрэн өлбүт быһыылаах диэн түмүктээбит. Ити кэмтэн ыла мүнэн туһунан сурах да иһиллибэтэх.

+1
11
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
2