Айылҕа пааркатын дириэктэрин былаана үгүс

Ааптар: 
20.10.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Аркадий Семенов “Өлүөнэ туруук хайалара” айылҕа пааркатын дириэктэринэн ананна.

edersaas.ru

Салайааччы “Эдэр саас” сайтка анаан интервью биэрдэ.

— Дириэктэринэн  — ананыыҥ улахан эппиэтинэс. Буолаары буолан, федеральнай статустаныы туһунан мөккүөр үгэннээн турдаҕына. Аркадий Анатольевич, бу кэпсэтии билиҥҥи туругунан тугунан түмүктэннэ?

— Түмүктэнэ илик. Дьон санаата араастаһар   — ким эрэ өйүүр, ким эрэ утарар. Итинник буолуохтаах да буоллаҕа. Ол эрээри, мин санаабар, “Өлүөнэ туруук хайалара” айылҕа паарката национальнай статустанара 2011 сыллаахха быhаарыллан турар. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйаҕа ураты харыстанар сирдэри сайыннарар туһугар 2020 с. диэри анал Көрүккэ (концепция) илии баттаабыта уонна ураты харыстанар сирдэр сайдар тосхоллорун бигэргиппитэ. Ол испииһэккэ Саха сириттэн “Өлүөнэ туруук хайалара” айылҕа паарката киирэн турар.

Айылҕа пааркатын сайыннарарга былааммыт үгүс. Элбэхтэн биир холобур  — Лабыдьа уҥуор өттүгэр баар хайаҕа саҥа «смотровой» былаһаакканы тэрийэр былааннаахпыт.

 — Билигин тэрилтэ хас үлэһиттээҕий? Штаккыт толору дуо?

  — 33 үлэhиттээхпит. Толорубут.

 — “Туристар, сынньанааччылар кэллэхтэринэ, биһиги итии чэй да кутан биэрбэппит. Инньэ гынан, бары урбаанньыттары, нэһилиэктэр олохтоохторун ыҥырабыт: биһигини кытта бииргэ үлэлээҥ, туристары, сынньанааччылары олохтоох аһынан-үөлүнэн күндүлээҥ. Усулуобуйаны тэрийэбит, сахалыы аста, бэлэх-туһах оҥоһуктарда атыылааҥ, эргиниҥ, үптэ-харчыта киллэриниҥ”,  — диэн эн “Эдэр саас” сайтка суруналыыс Иван Ксенофонтовка биэрбит интервьюгар урбаанньыттарга туһаайан этэн тураҕын. Ити ыҥырыыҥ олоххо төһө киирдэ? Ким эмэ дьыалабыай этиилээх таҕыста дуо?

Хомойуох иһин, ыҥырыым олоххо улаханнык киирэ илик эрээри, сотору кэминэн бары барыта табыллыаҕа. Дьон өйдүөн наада, чугас нэhилиэктэр олохтоохторугар үлэ миэстэтэ тахсар. Бэйэ бородууксуйатын батарыы биир көрүҥэ. Тумул олохтоохторо быйыл саас чэй, кофе, шашлык атыылаан, сайын паарка салалтатын кытта дуогабар түhэрсэн, өрөмүөҥҥэ үлэлээтилэр. Онон бастакы саҕалааһын баар. Үлэ бу көрүҥэр киин куораттан кими да ыҥырар санаам суох.

— Аһаҕас халлаан анныгар этнографическай-туристическай мусуойдары тэрийэр санаалаах этигит. Ол хайдах кыаллыай?

— Ити бэрт кэскиллээх бырайыак быйыл кыаллыбакка, олоххо кыайан киирбэтэ. Ол эрээри санаабытын түhэрбэппит, эhиил дьыалабытын ситэриэхпит. Айылҕа пааркатыгар туристар олус интэриэһиргээн сылдьаллар. Үгүс киинэ-телехампаанньалар анаан кэлэн усталлар. Былырыын Москваттан «Первай ханаал» бырагыраама «Контрольная закупка» биэриитин суруналыыстара кэлэ сылдьыбыттара.

—Айылҕа пааркатын туһунан киинэ устар этигит дии?

— Сыл бүтэһигэр таҥыллан бүтээтин кытта, сүрэхтиэхпит. Киинэбит ис хоhооно – айылҕа пааркатын туhунан. Онно паарка сиригэр-уотугар олорор общиналар, ытык кэрэ сирдэр, ураты харыстанар кыыл-сүөл, үүнээйи, Сиинэ уонна Буотама үрэхтэрбит туhунан кэпсэнэр. Буотамаҕа киинэ устар эспэдииссийэҕэ тус бэйэм сылдьыспытым. Онно трилобиттары булбуппут. Ол түгэн киинэҕэ эмиэ көстүөҕэ.

— Сылы төгүрүччү туристары көрсөр былааннаах этигит. Ол былааҥҥыт быйыл кыһын олоххо киириэ дуо? Били айдааннаах эргэ, киһи баппат сууллаары турар кирилиэстэри өрөмүөннээтигит дуо?

— Сылы төгүрүччү дьону көрсөргө улахан үлэ барыан наада. Ол курдук, базалары саҥардар, саҥа эбийиэктэри тутар соруктаахпыт. Быйылгы сылга онно үп-харчы суох. Быйыл Владивосток куоракка буолбут экэнэмиичэскэй форумҥа Саха сирин икки бырайыагын РФ Айылҕа ресурсатын уонна экология миниистирэ Сергей Донской бэйэтинэн анаан билиһиннэрбитэ. “Өлүөнэ туруук хайалара” айылҕа пааркатын сиригэр-уотугар сылы эргиччи туристары көрсөр киин тутуллуохтаах. Национальнай паарка статуhун ыллахпытына, ити бырайыак олоххо киириэҕэ.

Сылы төгүрүччү үлэлиир кыахтаахпытын билсэ Айылҕа министиэристибэтиттэн анаан кэлэн үөрэтэ сылдьыбыттара. Онон быйыл кыһыннары эмиэ үлэлиэхпит.

— Палеонтология мусуойун тэрийэр былааннаах этигит дии? Ол бырайыак төһө кэминэн олоххо киириэй?

— Ити бырайыак эмиэ сайдыыбыт тосхолугар киирэн турар. Мин санаабар, Мааман мусуойун туттахтарына, онно киирэн биэрэр инибит. Туhунан итинник мусуой тутарга үбүлээһин көрүллүөн наада. 2016 сыл атырдьах ыйыгар иккис кембрийскэй эспэдиисийэ Москва Палеонтологическай институтун үлэһитин, геолого-минералогическай наука кандидата Андрей Иванцовы кытта Улахан Туойдаах үрүйэтигэр бииргэ үлэлээбиппит. Ол онно бу маннык мусуойу тутар туһунан кэпсэтии барбыта.

— Бу күннэргэ дириэктэринэн анаммыт салайааччы үлэтин бастакы былаанныыр мунньаҕын бэбиэскэтигэр тугу дьүүллэстэ?

— Дириэктэр эбээhинэһин толорон үлэлии олорбут киһи буоллаҕым. Онон бигэргэммит былааннарбытынан үлэлиибит.

«Өлүөнэ туруук хайалара” айылҕа пааркатын салалтатыгар кэскиллээх тосхоллоро туолан, олоххо киирэн иһэллэригэр баҕарабыт.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0