Айылҕа иэстэһиитэ (кэпсээн)

Ааптар:  Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах
16.03.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Айылҕа саҥарбатар да
Айбардыыры сөбүлээбэт,
Алыс наһаа бардахха
Аанньанан арахсыбат.

Айгыр-силик айылҕаҕа
Алҕаһы оҥоро сатаама,
Аньыы-хара иэстэбилэ
Амырыынын өйдүөххэ.

Айыылартан ааттаһан
Алгыһынан сылдьыахха,
Арыылаах алаадьынан
Айах тутан аһатыахха.

Кыыдааннаах кыһын кыйданан, сандал саас салаллан этиэхтэн кэрэ кэмнэр кэллилэр. Айылҕа кыһыҥҥы уһун уутуттан уһуктан, от-мас көҕөрө чэлгийэн, көтөр-сүүрэр кэлэн силигэ ситтэ. Бэл, салгына мүөтүнэн дыргыйан, тыынар тыыннаахтыын бука бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн, сааһы уруйдаан ыллыыллар-туойаллар, сүрэхтэрэ дьолунан туолан, тапталга уйдаран бэйэ удьуорун салгыыр имэҥҥэ ылларан күннүү күлэллэр-үөрэллэр. Тыанан-сыһыынан ханыыласпыттар, тылбыйар кынаттаахтар иккиэлэспиттэр.
Чуоҕур алаас илин саҕахтан, тэҥкэ тииттэр кэтэхтэриттэн, аламай үрүҥ күн сардаҥатын күөлүгэр түһэрэн күлүмнэттэ. Куула хатыҥ чараҥын саҥа тыллан эрэр үнүгэстэрэ күөх сэбирдэхтэрин тэрэтээри күн көмүс утаҕын утаппыттыы иҥэринэллэр. Тыыраахы айманар саҥата, чыычаах күргүөм ырыата, бэл тураах дааҕыргыыра, биир кыырпах былыта суох, түгэҕэ көстүбэт , күөх халлааҥҥа элиэ дайаара көтөрө, бу барыта сүрэҕи сылаанньытар, дууһаны манньытар.

Алаас халдьаайы өттүгэр, чиҥ-чаҥ оҥоһуулаах, күрүө-хаһаа тутуллубут. Саҥатык үүтээн ураатыттан күөх буруо биллэр биллибэттик унааран салгыҥҥа симэлийэр. Үүтээн таһыгар киһи хараҕар быраҕыллар тутуу суох да буоллар тиэргэнэ ырааһа, барыта уурбут-туппут курдук, орун оннугар баара манна дьаһаллаах, чэбэр киһи олорорун кэрэһэлиир. Эргиччи дал-кыбыы, тылбыы сылгы баазата буолара биллэр. Сэргэни солбуйбут остуолбаҕа көҕөччөр ат ыҥыырданан, бааллан турар. Дьэ бу, Содуот миинэр миҥэтэ, аллаах ата. Аата Чөрөс диэн. Содуот иһигэр инник ааттыыр. Атыттары билбэт. Атын олох оҕо курдук биэбэйдиир буолан иччимсэх. Киниттэн атын киһини билиммэт. Оннооҕор Сэмэни атыҥыраан кулгааҕа ньылайбытынан барааччы. Чөрөс уонуттан таҕыста. Сааһырда. Ол да буоллар, билигин да атаҕар эрчимнээх. Сааһын тухары сылгы үмүөрүүтүтүгэр сылдьыбыт буолан баһылаабыт үлэтэ. Буутайдыыр сылгы баар буоллаҕына арҕаһыттан хабан суолун түргэнник булларар. Атыырга да түһэр, харса суох. Айаныгар тэппит атаҕын кубулуппакка уу дьоруонан сылдьар буолан – түргэн. Киһини сахсыйан – сылаппат. Саха сылгыта барахсан кыһын хайдахтаах да халыҥ, муустаах хаарга тыһа хайдыбат, бэйэтэ быһа түспэт. Икки-үс күн аһаабакка, туругун ыһыктыбакка, сылдьыан сөп. Ону, хапкааҥҥа иннибит бөрөнү, икки аҥаар күн эккирэтиигэ, бэйэтэ лаппа кыахтааҕын көрдөрөн турар. Ол сындалҕаннаах, түүннэри-күннэри тоҥуу хаары оймоон, иэдээннээх сырыыны, Чөрөс хаһан да умнубат. Кэлин бөрөнү эккирэтэллэрин билэн, суолун быһыта түһүтэлээн бэйэтин дьаалатынан айаннаабыта. Аны ыттара бырда быстан, иһинэн сынан хаалбытын, эмиэ бэйэтин көхсүгэр ылан таһаҕаһын өссө ыараппыта, онно эбии бөрө тириитэ…
Чөрөс өлөрдүү абааһы көрөрө – арыгы. Арыгы сытын ылла да ытырда-ытырда баһын булкуйбутунан, кырыытынан таһыйбытынан барар. Хата, Содуот сааһыгар арыгы иһиэхтээҕэр, сытыгар да турбат буолан, атынаан үкчүлэр. Дьэ, итиннник майгылаах дьөһөгөй оҕото барахсан иччитин кэтэһэн, сэргэҕэ бааллан чөрөллөн турар.

Үүтээн аһаҕас аанынан сэмээр өҥөйөн көрдөххө, түөрт уончатыгар чугаһаабыт, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, бэрт күүстээх моһуоннаах, киппэ көрүҥнээх киһи куруускаттан итии чэйи иһэн сирилэтэ олорор. Тугу саныыра, толкуйдуура биллибэт, үүтээн кыараҕас түннүгүнэн алаас намыһах, сииктээх сиригэр саҥа бытыгыраан эрэр күөх оту сиэн боллоруктара ибигирээн олорор сылгылары чыпчылыйбакка да көрөр. Борбуйдарын көтөхпүт, топпут кулунчуктар бэйдиэ барыах курдук сүүрэкэлииллэрин, ийэлэрэ иҥэрсийэн тохтотоллор. Төрүүллэрэ чугаһаабыт “уулаах” биэлэр аа-дьуо ыадаҥнаһаллар. Бу алааһы иччилээн олорор киһи аата Содуот. Сүүрбэччэ сыл Сэмэнниин, манна үрдүттэн олорон, кыһыннары сылгы көрөллөр. Сайын оттууллар, кыһынын муус аннынан илимнииллэр, андаатардыыллар. Сэмэн ас-үөл ыла дэриэбинэҕэ барбыта. Сарсын-өйүүн кэлиэхтээх.
Содуоттаах үс үөр сылгылаахтар, онно эбии быйыл кытыттарынан саҥа үөр оҥордулар. Эдэр сылгылар “мээнэ кыыл баран хаалыахтара,”- диэн куттаналлар, ол иһин бүгүн олору көрүөхтээх. Ырааппыт буоллахтарына чугаһатан биэриэхтээх. Таарыйа харыатыы сылдьар биэлэрин чинчийиэхтээх. Сылгы төһө да айылҕа оҕото буоллар, куруук көрө-истэ сылдьары эрэйэр. Онтон сөпкө кэлэн, сааскы куска бэлэмнэнэн дурдатын сөргүтүөхтээх.
Содуоту таһыттан көрөн “киһи мыыммат киһитэ”, быһыы-таһаа мааны. Үлэҕэ сыстаҕаһа, бүтэрэ-оһоро охсоро охсоро түргэнэ, туттара-хаптара ырааһа. Астык. Өссө үчүгэйэ, үлэни соруттарыыта суох оҥорбута эрэ баар буолар. Арай итэҕэһэ диэн, төрүөҕүттэн таас дьүлэй, тыла суох. Куоракка тыла суохтар оскуолаларыгар үс кылааһы бүтэрбитэ. Онтон ийэтэ ыалдьан, үөрэҕин быраҕан, тыаҕа тахсан ийэтин ыарыылаан, сопхуос хара үлэтигэр бурҕалдьы кэтэн, күн бүгүнүгэр диэри бу сырыттаҕа. Олоҕун тухары кимниин да санаа атастаһан кэпсэппэт, бэйэтин санаатынан муҥурданан сылдьар. Хата, кинигэни тэһиппэккэ ааҕар буолан от-мас, туттар сэп ааттарын-суолларын билэттиир. Билбэтин бэйэтэ өйүттэн айан ааттыыр. Куруук айылҕаҕа сылдьар буолан, санаатынан айылҕалыын кэпсэтэр. Куттал суоһуурун истибэтэр да, этинэн-хаанынан билэр. Өрдөөҕүтэ, баччаларга буолуо, торҕоннообут эһэ буулаан сылгыларын тардан сордообута. Айыы оҕолоро барахсаттар, систэрэ тостон, оһоҕосторо хостонон тыын былдьаһа сыталлара көрүөххэ дьулаан этэ. Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар, сиргэ киһини көрбөт бэйэлэрэ, көмүскэл көрдөөн үүтээҥҥэ үмүөрүспүттэрэ. Тайахсыт ыттара киһиттэн арахпат буолтара. Амырыын, ыар тыыннаах кыыл бэл, дьон кутун-сүрүн баттаабыта. Көмпүт сиэҥэр мындырдаан туһах ииппиттэрэ. Сарсыҥҥытыгар Сэмэнинээн туһахтарын көрө барбыттара. Бэркэ сэрэнэн ыраахтан чуҥнаабыттара да кырдьаҕас баара биллибэтэҕэ. Сирийэн көрөөрү өссө чугаһаабыттара. Арай Содуот кэнниттэн ким эрэ кырыктаахтык көрөрүн билбитэ. Маска сөрүөстэн сэрэнэн эргийэн көрбүтэ туох да суох курдуга. Барыах курдук гынан иһэн этэ тардан, хараҕа, уонтан тахса хаамыылаах эмэх чөҥөчөккө, хатаммыта. Эмискэ харахтар утарыта көрсө түспүттэрэ. Өлөр өлүү айаҕа, кыл түгэнэ, айа кирсинии тыҥаабыта. Биир урутаабыт өлөр өлүүттэн быыһаныахтааҕа. Ыстанарга бэлэм сыппыт эһэ оту-маһы өрө сүргэйэн тураатын кытары харабыын тыаһа хабылла түспүтэ. Эһэ табыллан өрүтэ ыстаҥалаабыта, часкыйа-часкыйа таптарбыт сирин ытырбахтаабыта. Икки харабыын харса суох ытыалаан тиҥийбитэ. Эһэ өлөрдүү таптаран хаанынан тыбыыра сыппыта, өстөөҕүн боҕутуннарбатах кыһыытыттан бүтэһигин салгыны хабыалаан тииһэ лаһырҕаабыта. Сири мууһугар диэри тоҕута тэбиэлээбитэ, өс-саас иҥмит харахтарын уота өһөн барбыта. Сэмэн үөрэн өрүтэ чохчоҥнообута, туох эрэ дии-дии Содуоту кууспаҕалаабыта, саннын таптайбахтаабыта. Сэмэн төһө да үөрэн өрөгөйдөөтөр, кутталыттан уҥуохтара салыбыраһаллара. Содуот эмиэ сап-салҕалас буолбут этэ. Эһэлэрин сыылларалларыгар буутуттан уонна моонньун көп этиттэн туоһапка буулдьаларын булбуттара. Дьонтон өс ситиһээри кэлбитин билбиттэрэ.

* * *
Содуот төһө да таас дьүлэй буоллар, бүтэҥи тыастары билэр. Холобур: сөмөлүөт, тыраахтар, этиҥ этэрин эҥин. Төһөлөөх баҕарара буолуой, дьон саҥатын, чыычаах ырыатын, айахтара эрэ оппоҥнуур ырыаһыттары истиэн… киниэнэ барыта сэрэйэн көрүү, санаатынан салайтарыы. Чуҥкук. Эргиччи уу-чуумпу. Харах эрэ көрөрүнэн анаарар.
Эбиэт саҕана бөртөлүөт кэлэн алааһы иккитэ эргийээт, сыыһы-буору өрүкүппүтүнэн үүтээнтэн чугас түстэ. Холку бэйэлээхтик аһыы сылдьыбыт сылгы үөрэ, бөртөлүөт талахачыйан кэлбититтэн үргэн, харахтара тэстэринэн ойдулар. Бөртөлүөт умуллан салбахтара оргууй тохтоотулар. Айылҕа чуумпура иһийдэ. Бэл, “мин аҕайбын” дэһэр тыыраахылар ньим бардылар. Эмискэ бөртөлүөт аана аһылынна. Курбуу курдук хатыҥыр киһи ыстанан түһэн харса суох таһаҕастары сүөкээбитинэн барда. Иккис киһинэн, күндү ачыкыта күн уотугар кылабачыйбытынан, бэрт мааны көрүҥнээх, саас ортолоох киһи түстэ. Дьэ онтон, бас-көс киһилэрэ буоллаҕа, куурката нэлэккэй, ынайбыт истээх, моҕохтоох сирэйдээх эп-эмис киһи аҥнан-бохтон түөһүллэн түһэн, “бу ханна кэллим” диэбиттии тулатын анаара туран Содуокка хараҕа хатанна:
— Дьэ доҕоттоор! Бэлэм дьиэлээх-уоттаах, киһилээх-сүөһүлээх сиргэ кэлбиппит. Дьэ, бэрт эбит, — диэт ыстаанын өрө тардынна,- ити киһини ыҥыран таһаҕастары тастарыахха баар эбит. Ээй, кэл бэртэх! Тоҕо көрөн баран турдун! Кэл, көмөлөс!
Содуот айаҕа оппоҥнууруттан кинини ыҥырарын төһө да сэрэйдэр, барбата.
— Чэ уолаттар, бөртөлүөтү ыытыахха. Аны биэс хонугунан кэлэн ылыа буоллаҕа.
Куорат сааһыттара таҥастарын үүтээҥҥэ тастылар. Ынайбыт иһи Содуот тута сөбүлээбэтэ. Бары да тутталлара-хапталлара кини тириитин таһынан киирдэ.
Куораттар саалыырга соччо тиэтэйбэттэр. Эчи, астара-үөллэрэ дэлэйэ, арыгылара элбэҕэ Содуоту сөхтөрдө. Остуол хотойорунан ас тардылынна, куруускалары көп түгэҕинэн ханньаахтар кутулуннулар. Ынайбыт истээхпит Уйбаан Саабыс диэн эбит. Куорат биир биллэр хампаанньатын вице бэрэсидьиэнэ. Атыттара – үлэһиттэрэ. Уйбаан Саабыс төһө да тыаттан төрүттээҕин иһин сиэр-туом диэни билиммэт, сиэр-майгы да өттүнэн кэхтибит киһи. Дьоҥҥо киһититтэн көрөн сыһыаннаһар. Сэнээбит киһитигэр кыырт курдук түһэр бардам майгылаах. Бэйэтиттэн үрдүккэ – ньылаҥнас. Тойон киһи арыгылаах куруускатын туппутунан ыадастан турда:
— Дьэ доҕоттоор, саас кэлэн, Саха буолан айылҕаҕа сынньана таҕыстахпыт. Бээрэ, бу киһибит тыла суох дуу, хайа үөдэн. Доҕоор, аатын ким диэний бу?! – Ынайбыт ис Содуоту, хаһааҥҥы эрэ өстөөҕүн курдук өһөхтөөҕүнэн көрөн туран, ордоотоото. Содуот төһө да көхсүнэн олорон тымтык тыырдар тойон киниэхэ туһаайан эппитин сэрэйдэ. Хайыспата. Ону Ынайбыт ис сөбүлээбэтэ. “Өссө кини баҕас хайыһара баҕалаах,” диэт кыынньан кэллэ уонна Содуоту килиэбинэн көхсүгэ бырахта. Содуот сүр эрчимнээхтик эргиллээт Ынайбыт иһи тоҥолуппакка одуулаата. Кытаанах көрүүнү тойон тулуйбата. Көхсүн этиттэ, “арыгы иһэҕин дуо!” диэбиттии куруускатын тыкта.
— Ыы-ыыы – Содуот баһын быһа илгиһиннэ.

— Ээ, баҕайы тыла суох эбит. Чэ, сырыттын. Хата биһиэхэ оһох оттон, ас астаан сорук-боллур буолуоҕа. Чэ уолаттар, үчүгэйдик бултуйарбыт туһугар маны көтөҕөн кэбиһиэххэ, — тойон утаппыттыы биир тыынынан киллиргэтэн кэбистэ. Атыттар да хаалсыбатылар. – Аам, дьэ, бэрт да бэрт.
Содуокка өлүүлээбит арыгыларын ылан, оһох аанын аһан, бэрт өр тугу эрэ санаан олордо уонна уокка ыһан сандаарта. Ону көрөн олорбут дьон дьиибэргээтилэр.
— Бээрэ, ити тыла суох киһи сатаан алгыыра буолуо дуо? Өр баҕайы иһигэр тугу эрэ санаата ээ, — ачыкылаах киһи Ньукулай Дьөгүөрэбис тойон уҥа илиитэ. Тойонун тылыттан хаһан да тахсыбат. Албыннаһан алын сыҥаах буоларын сатаабыт бэйэтэ.
— Баҕайы. Тугу алҕаабыт үһүнүй. Көрдөххө алгысчыттар диэн олох атыттар быһыылаах ээ. Ити көрөҕүт дии Үс Хатыҥ киэҥ туонатын тухары доргуталларын, — тойон аһы да аһыыр киһи эбит.
— Уйбаан Саабыс, быйыл тайах ыта барар инибит? – бултуу сылдьар дьон сиэринэн кэпсэтиилэрин сүнньэ булка ханарыйда.
— Аата ыйыттаххын. Идэбитинэн биир эмит күн бөртөлүөтүнэн баран ытан кэлиэхпит буоллаҕа, — тойон эмис байтаһын кыыл этин санаата быһыылаах, төһө да иҥсэлээхтик аһыы олордор, сыҥааҕын уута сүүрдэ. – Бээ, быйыл аатырар Сиинэ диэки барар баҕалаахпын. Биир эмэ бизону өлөрөн, этин амсайан көрбүт киһи.
— Бэрт буолуо этэ. Сонун ас, — Ньукулай Дьөгүөрэбис идэтинэн тойонугар сөбүлэһэ олордо. — Бизон бултаммат этэ буолбатах дуо! – курбуу курдук киһибит боруоста Туолугунан биллэр, бэйэлэрэ этэллэринии, сорукка сылдьар ыт атахтара эбит. Туолугу дьонугар холоотоххо, хайдах эрэ алҕас баларга холбоспут курдук көстөр. Оннооҕор Содуот ону бэлиэтии көрбүтэ.
— Бу да киһи доҕор, барытыгар көп түһэн истэҕэй! Сокуон хараҕынан сырыттахххына саараама тугу да гыммаккар тиийэҕин, — тойон кэлэйэн киэр хайыста.
— Уйбаан Саабыс, былырыын кыһын тайахтар эрэйдээхтэри үчүгэйдик кэһэтэлээбиппит дии? Элбэх да кыыл хойобуун буолан барбыта, — Ньукулай Дьөгүөрэбис испит арыгыта төбөтүгэр тахсан тыла-өһө босхо баран, тойонуттан толлубат буолбут.
— Былырыын диэ, былырыын дьэ көрүлээн. Халлаан хараҥаран тохтоотубут этэ дуу?. – Тойон да көлөһүн-балаһын аллан, онтукайын сотторуттан соло булбат буолбут.
Бу, сиэрэ суох нүдьү-балай кэпсэтиини Содуот истэрэ буоллар төһө эрэ кэлэйиэ эбитэ буолла? Ол да буоллар ыҥырыыта суох эмискэ кэлбит ыалдьыттарын сөбүлээбэккэ саатын ылан, атынан кус кэрийэ барда.
Куорат сааһыттара өр олордулар. Итирэн ньаҕайданнылар. Таһырдьа ампаалыктаһан тахсан сыал ыта сатаатылар. Күөлгэ киирэн тыыраахылары сэриилээтилэр. Көй салгыҥҥа уйдаран, кый үөһэ көтө сылдьар элиэҕэ да дураһыйан көрдүлэр. Бу маннык, сиэрэ суох быһыыттан, айылҕа иһийэн, соҥуорбут курдук буолла. Имириир тыыннаах барыта кирийдэ. Арай, итирик дьон ньамалаһар саҥалара, быыстала суох эстэр саа тыаһа ой дуорааныгар охсуллан дуораһыйан олордо. Сылааһынан угуттаабыт күн, бэрт санньыардык, кытара кыыһан киирдэ.

* * *
Содуот сарсыарда кэлбитэ, үүтээнэ ыһыллан-тоҕуллан олох холорук киирэн өрө ытыйан тахсыбытын курдук буолбут. Итиннэ бытыылка сытар, манна иһит-хомуос ыһыллыбыт. Күөдэл-таһаа быыһыгар икки киһи утуйан хаһыҥырыы сыталлар. Тойонноро суох. Содуот туох эрэ бөрүкүтэ суох быһыы тахсыбытын сүрэҕинэн сэрэйэн иһирдьэнэн-таһырдьанан көрүөлээтэ да, тойон көстүбэтэ. Түүн туран ханна эрэ барбыт. Утуйа сытааччылары ыҥырана-ыҥырана тардыалаан көрдө да, уһуктар аат суох.
Соҕуруу аартыгынан УАЗ массыына кэлэн тохтоото. Охотиниспиэктэрдэр эбит, төрдүөлэр. Тойонноро быһыылаах, Содуоттуун илии тутуһан дорооболосто. Туох эрэ диирин Содуот илиитин нэлэҥнэттэ.
— Ээ, ити тыла суох киһи, — учаскуобай Содуоту билэн бөҕө буоллаҕа. Содуот тарбахтарынан үһү көрдөрө-көрдөрө кэпсии сатаата да, өйдөөбөтүлэр. Кэлбит дьон үүтээни өҥөйөөт, муннуларын саба тутуннулар.
— Дьэ диэ. Кытаанахтык аһыыр кусчуттар эбит. Бу кимнээҕий? – Тойонноро өйдөөбөт курдук Содуоттан ыйытаат “ээ, арба,” диэт сапсыйан кэбистэ.
Утуйа сытааччылары үөс-батааска биэрбэккэ, уолуктарыттан ылан олордуталаатылар. Ытыстарынан сирэйдэрин “таһыйан” уһугуннара сатаатылар. Дьонноро төбөлөрө хоҥкуннас, ыҥырҕаһаллар эрэ. Кур итириктэр эбит. Эдэр эдэрэ өтөн Туолук харахтарын аста.
— Доҕоор, кимнээхтэргитий бу?! – Охотиниспиэктэр уолу илгиэлиир, — хантан кэллигит?!
— Бэҕэһээ манна бөртөлүөт кэлэ сылдьыбыта диэбиттэрэ дии, арааһа олор буолуо… – учаскуобай билбэт дьонун куораттарга күтүрээн.
— Аһаа, бөр-бөр-бөртөлүүү, — Туолук киһи син өйдүүр гына саҥарда.
— Хаһыаҕытый?!
— Үү-үс. Үһүө, — ситэ саҥарбата. Итиригэ баһыйда.
— Үһүөлэр эбит. Оччоҕуна биирдэрэ ханна барда? Содуот эмиэ үһүөлэр этэ диир быһыылааҕа, — учаскуобай түмүк оҥордо. – Саалара да үс дии. Тахсан чугас эргин көрүөххэйиҥ. Итирик киһи ырааппатаҕа буолуо…
Бары таһырдьа сууллан таҕыстылар.
— Чэ, манан тыа саҕатынан кэрийиҥ, мин ол дурданы баран көрүөм, — иннэ диэт охотиниспиэктэрдэр тойонноро дурда диэки хаама турда. Өр өтөр буолбата дьонун ыҥыртыыр саҥата иһилиннэ. Дьоно чугаһаабыттарыгар:
— Дьэ доҕоттоор, киһибит куһаҕан буолбут. Дьыала хаахтыйда, — кэлбит дьон дурда иһигэр туруусугунан эрэ сытар киһини одуулаатылар.
— Оо, өлбүтэ ырааппыт. Этэ тыбыс-тымныы. Чэ, көрөн туруохпут дуо, боротокуол оҥорор буоллахпыт, — эмискэ үүтээнтэн өлөн эрэр киһи хаһыыта, киһи этэ салаһыахтык дуораһыйда. Ону кытта ат хаһыҥырыыра, тугу эрэ тэбэрэ бэрт бүтэҥитик иһилиннэ.
Дьон өйдөөбөтөхтүү бэйэ-бэйэлэрин көрсө түстүлэр. Ким эрэ хамаандалаабытын курдук тэҥҥэ үүтээҥҥэ сүүрдүлэр.
Дьон көрбөтөхтөрүн көрөн бөтө бэрдэрдилэр. Били, ачыкылаах киһилэрэ хаһан да турбаттыы утуйа сыппыт бэйэтэ, хайа икки ардыгар тахсан акка быһа тэптэрэн, кыа-хаан ортотугар сытар эбит. Содуот ыстанан тиийэн, оһолломмут киһини соһон таһаарда. Сиргэнэн кыыла турбут ат хаһыҥырыы-хаһыҥырыы көнтөһү быһа түһүөхтүү түһүөлээтэ. Сэргэни эргийэ сүүрдэ, сири табыйбахтаата, харахтара уһуллан тахсыахтыы бөлтөстүлэр. Кулгаахтарын ньылатан күлүктээххэ барытыгар өстүйбүттүү кэбилэннэ. Содуот атыгар сыстан, моонньуттан имэрийэн уоскута сатыы турда. Ким да, тугу да саҥарбата. Арай, бу барыта түүл буолуон баҕардылар.

Айылҕа бэйэтин сааскы киэбин ылан күн сандаарыччы тыкта. Мутукча сыта дыргыйан, сибэкки алааска тэтэрэн, күөх ньаассын от көҕөрөн туох да буолбатаҕыныы эргиччи солкоҕо сууланна. Арай, бу кэрэни кэрэхсээбэккэ, дьон саҥата суох соҥуоран турдулар. Онно эбии бэҕэһээ бөртөлүөт тыаһыттан үргэн сүүрбүт сылгылартан икки биэ кулуннаан, өлбүт оҕолорун аһыйан кистииллэрэ эҥсиллэн иһиллэрэ дьон уйулҕатын өссө хамсатта.

Иннинэн сирэйдээх,
Иэгэйэр икки атахтаах,
Бороҥ Урааҥхай барахсан,
Болҕой, саҥарар саҥабын!

Олорор мутуккун кэрдэн
Олоххун огдолотума!
Оруо маһы ортотунан
Ордуктук сананыма!

Орто дойду олоҕо
Олус кылгас буоллаҕа,
Ороһуйан барбакка
Оттомноохтук олоруохха.

Айылҕаны харыстыахха,
Араҥаччылыы сылдьыахха,
Сиэри-туому тутуһуохха,
Алгыс баһын сыалыахха!

Дом! Дом! Дом!

Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах,

Суотту, Уус Алдан

Уруһуй: baskina.com ылылынна

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0