Айылҕа харыстабылыгар оҕолору уһуйар Анна Сыромятникова

Ааптар: 
10.12.2019
Бөлөххө киир:

Анна Сыромятникова оҕо эрдэҕиттэн айылҕаны кытта алтыһан, ураты сыһыаннаах улааппыт. Кини Дьокуускай куорат 2-ис нүөмэрдээх орто оскуолатын “Кыталык” эко-кулуубугар дьарыктаммыт. Ол саҕаттан Анна олоҕун уонна үлэтин айылҕаны харыстааһыҥҥа анаабыт. Кини билигин Агротехническэй үөрэхтээһин, экология уонна туризм научнай үөрэхтээһинин киинин методиһа. Бу тэрилтэ Саха сирин иһинэн оскуола оҕолоругар экологическай үөрэхтээһинин кураатарынан буолар. Маны таһынан, Экология министиэристибэтин уопсастыбаннай сэбиэтин уонна “Эйгэ” экологическай өйөбүл уопсастыбаннай тэрилтэтин чилиэнэ.

Анна, үлэҥ сүрүнэ туохханый?

— экологическай үөрэхтээһин уонна оскуола оҕолорун айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии уопсастыбабыт тэтимнээх сайдыытын тутула буолар. Сүрүннээн, Саха сиригэр сир баайын хостооһуна күүһүрбүт кэмигэр ити кыһалҕа сытыытык турар. Дойдубут хас биирдии олохтооҕосир баайын хостооһунун үчүгэй уонна куһаҕан өрүттэрин өйдүөхтээх.

Үүнэр көлүөнэҕэ айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иҥэрэр ытык иэһим дии саныыбын. Экология олус политическай өйдөбүл, ол иһин, сороҕор бу хайысханан үлэлиир олус ыарахан буолааччы.

Оҕолору айылҕа харыстабылыгар хайдах уһуйаҕытый?

Оҕолору кытта үлэм миэхэ куруук үөрүүнү аҕалар. Кырачаан дьону үтүө дьыалаҕа сыһыарарбыттан олус дуоһуйабын. Саха сирин үрдүнэн бу чааһыгар элбэх энтузиаст-учуутал үлэлиир. Кинилэр экология уруогун таһынан, өссө уруок таһынааҕы дьарыктары ыыталлар. Хомойуох иһин, экология булгуччулаах уруоктарга киирбэт.Мин үлэбэр учууталлары кытта тэҥҥэ үлэлэһэбин. Кинилэргэ көмөлөһөбүн уонна өрөспүүбүлүкэни барытын хабар тэрээһиннэри ыытабыт.

Олортон биирин эттэххэ, ахсынньыга “Саха сирин эко-лидер оскуолата куонкурус түмүгэ тахсар. Бу тэрээһин түмүгүнэн, үөрэнээччилэригэр экологическэй үөрэҕинэн, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иҥэриинэндьарыктанар оскуолалары наҕараадалыахпыт. Маннык оскуолалар баар буоланнар, өрөспүүбүлүкэбитигэр экологическай үөрэхтээһин сайдар. Эдэр учууталлар бу хайысханы тупсаран, иитиллээччилэрин кытта өссө дьаныардаахтык дьарыктаналлара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Оскуолалар бу чааһыгар хайдах быһыылаахтык үлэлииллэрий?

— Айылҕа харыстабыла оҕоттон саҕаланар диэн сөпкө этэллэр. Биьиги оҕолорго кыра саастарыттан тулалыыр эйгэни харыстыырга уорэтиэхтээхпит. Холобур, сыл аайы хас биирдии оскуола оҕото мас олордор, көтөрдөрү уонна кыыллары аһатар, биэрэк, күөл, оскуола таһын хомуйаллар. Маны таһынан, оскуолалар үөрэнээччилэрэ батарейка хомуйуутугар көхтөөхтүк кыттан, көдьүүскэ таһаарар сиргэ туттараллар. Саастара ситэн истэҕин аайы, үөрэнээччилэр дьарыктара дьоһуннаах буолан иһэр. Элбэх оҕо бырайыак оҥорон, научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кытталлар.

Анна, инникитин үлэни өссө хайдах күүһүрдүөххэ, тупсарыахха сөбүй?

— Хас биирдии уһуйааччы экологическай үөрэхтээһиҥҥэ уопутунан эдэр учууталлары кытта үллэстэн, бииргэ үлэлээн, сайдан истэхтэрин аайы тулалыыр эйгэ, айылҕа харыстабылыгар ыытыллар тэрээһиннэрбит сайдыахтарадии саныыбын. Инникитин эдэр учууталлары кытта үлэни күүһүрдэр санаалаахпыт. Хас биирдии оскуола экологическай үөрэхтээһинигэр сайдыыны киллэриэхпит диэн бигэ эрэллээхпин.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0