Бары үйэлэргэ аан дойдуга боростуой дьон үрдүлэринэн бэрт аҕыйах ахсааннаах ыраахтааҕылар дьиэ кэргэттэрэ үрдээн олорбуттара. Кинилэр олохторо, кэлиилэрэ-барыылара, быһыылара-майгылара дьон сэргиир сонуна, устуоруйа хоһуйар сэһэнэ буолара. 19-с үйэттэн эрэ саҕалаан ыраахтааҕылартан атын биллэр “сулустар” баар буолбуттара, артыыстар, бөҕөстөр киэҥ сурахтаах, албан ааттаах дьон кэккэлэригэр киирбиттэрэ.
Дьалхааннаах кэмнэр ыраахтааҕылар, аристократтар “ыйааһыннарын чэпчэппитэ”, үгүстэрэ өрөбөлүүссүйэ, сэрии төлөнүгэр троннарын сүтэрбиттэрэ, сорохторо олохторуттан маппыттара. Ол да буоллар, монархияҕа сыһыаннаах дьон аата билигин даҕаны долгутар, кинилэр оҥорор дьыалалара үгүстэргэ холобур буолар. Ол иһин буолуо, Великобритания ыраахтааҕыта Елизавета II кэргэнэ, принц Филипп Маунтбеттен, герцог Эдинбургскай муус устар 9 күнүгэр өлбүтүн туһунан сурах Саха сиригэр тиийэ дьон болҕомтотун тардар сонун буолла.
САХА СИРИГЭР КЭЛЭ СЫЛДЬЫБЫТ ЫРААХТААҔЫ АЙМАҔА
Дьиҥэр, Великобритания ыраахтааҕытын дьиэ кэргэнин сүтүгэ биһигини тоҕо долгутуохтааҕый? Монархия эрэсиимэ Арассыыйаҕа сууллубутуттан ыла сахалар “инородец” аатыттан тахсан, көҥүл дойду гражданнара буолбуттара. Онон хаһан эрэ дьаһаах төлөөбүт ыраахтааҕыбыт хаан-уруу аймаҕа төрөөбүтэ да, өлбүтэ да, биһиэхэ улахан сонун буолбатах курдук. Ол эрэн, үрдүк сололоох Филипп Маунтбеттен Саха сиригэр тус бэйэтэ өҥөлөөх, дьайыылаах киһи. Кини кыттыытынан биһиги дойдубутугар “Лена-Норденшельд” норуоттар икки ардыларынааҕы биологическай ыстаансыйа тэриллибитэ. Бу ыстаансыйа Аан дойду айылҕа харыстабылын пуондатын WWF Швециятааҕы салаата уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ кыттыһан үбүлээһиннэрин түмүгэр 1995 сылга баар буолбута. Швецияттан ыстаансыйа арыллыытыгар пуонда бэрэстэбиитэлинэн айылҕа харыстабылыгар элбэх сыратын бараабыт принц Филипп Маунтбеттен тус бэйэтэ кэлэн кыттыыны ылбыта.
1993 сыллаахха сэтинньи 8 күнүгэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев, WWF Арктическай бырагырааматын координатора Питер Прокош уонна WWF Швециятааҕы салаатын генеральнай сэкирэтээрэ Йозеф Вальстед “Бэйэ-бэйэни өйдөһүү меморандума” диэн ааттаммыт докумуоҥҥа Стокгольмҥа илии баттаабыттара. Бу докумуон Саха Өрөспүүбүлүкэтэ аан дойдутааҕы экологическай хамсааһыҥҥа кыттааччы быһыытынан киирэрэ бигэргэнэрэ уонна “Усть-Лена” биосфернай заповедникка “Лена-Норденшельд” ыстаансыйа тэриллиитин үбүлээһин туһунан этиллэрэ. Бырайыак биир кыттыылааҕын хатаҕалаан, Норвегияттан төрүттээх аатырбыт Арктика чинчийээччитэ Адольф Норденшельды ыстаансыйа аатыгар үйэтиппиттэрэ.
БУЛДУ УТАРБАТ ЭКОЛОГИЯ АКТЫБЫЫҺА
Аан дойду айылҕа харыстабылын пуондатын WWF төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, пуонда өр сылларга бэрэсидьиэнэ, принц Филипп айылҕа харыстабылыгар үйэ аҥаарыттан ордук кэм устата улахан үлэни ыыппыт киһи быһыытынан биллэр. Элбэх сиргэ сылдьан, бэйэтин аптарытыатынан, үбүнэн сүтэн эрэр үүнээйилэр уонна хамсыыр харамайдар имири эстибэттэрин туһугар сүҥкэн суолталаах хамсааһыны оҥорбут. Ол да буоллар, экология актыбыыстара кинини сорох этиилэрин, хамсаныыларын иһин буруйдуур этилэр. Холобур, 1961 сыллаахха Индияҕа тиигири бултаан хаартыскаҕа түспүтэ хаһыаттарга көстөн, улахан аймалҕан буола сылдьыбыта. Биир “сыыһа этиитинэн” айылҕаны харыстааччыларга Англияҕа бочугурас булдун көмүскээн эппит тыла буолар: “Булт баар буоларын туһугар булчут фермер курдук туттуохтаах — аныгыс сылларга үөскүүр булду куруутун хаалларыахтаах”.
Айылҕаны сиэрдээхтик туттууну утарбат, ол оннугар эстэн эрэр кыыллары харыстыырга улахан күүһү уурар туһугар туруулаһар принц бу курдук этэн турардаах: “Вестминстерскэй аббатствоны (Англияҕа Кремль кэриэтэ харыстанар тутуу) олоччу урусхаллаатахха даҕаны, саҥаттан тутуохха сөп.
Оттон дронт көтөрү имири эспиппит хаһан даҕаны сөргүтүллүбэт хоромньу буолар. Ити көтөр аны хаһан даҕаны эргиллибэт”.
СӨМӨЛҮӨТҮ БЭЙЭТЭ КӨТҮТЭН КЭЛБИТ
1995 сыл от ыйын 21 күнүгэр Тикси аэропордугар 18.00 чааска сөмөлүөт түспүтэ. Маҥнайгы пилот штурвалыгар ыраахтааҕы хааннаах принц Филипп Маунтбеттен олороро. Маны эттэхтэрэ — “точность — вежливость королей” диэн өс хоһооҥҥо. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев баара, ону таһынан, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, учуонайдар уонна суруналыыстар үрдүк сололоох ыалдьыты көрсүбүттэрэ. Сонно тута Тиксии муоратааҕы пуордугар турар “Михаил Светлов” теплоходка тиийбиттэрэ уонна арыллыахтаах саҥа ыстаансыйаҕа айаннаабыттара. Ыстаансыйа арыллыытыгар Филипп Маунтбеттен махтал тыл эппитэ:
— Үрдүк сололоох бэрэсидьиэн Николаев, миниистир Алексеев уонна Тиксии мэрэ Басов тойоттор! Мин бу “Лена-Норденшельд” биологическай ыстаансыйа арыллыытыгар кыттарбыттан муҥура суох үөрэн турабын. 1986 сыллаахха арыллыбыт Усть-Ленскэй заповедник сүүнэ улахан иэннээх сиргэ сытар эрээри, бу кэҥээһинэ манан муҥурданыа суохтааҕа биллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бу кэҥэтиигэ бэйэтигэр эбэһээтэлистибэ ылбыта арктическай заповеднай сир сайдыытыгар улахан суолталаах кылаат буолар… Биллэн турар, дойдулар айылҕаны харыстыырга тус бэйэ сокуоннарын, бобууларын ылар бырааптаахтар, ол эрэн, кыыл, көтөр, дьон ылынар кыраныыссаларын билиммэттэр, онон айылҕа харыстабылыгар бары бииргэ түмсэн үлэлэһиэхтээхпит.
Бу кэнниттэн бырагыраама быһыытынан ыалдьыт Лаптевтар муораларыгар айанныахтаах этэ. Ити күн күн-дьыл туруга мөлтөөн биэрбитэ — Быковскай аттыгар муора кутталлаах долгуннаммытын туһунан сэрэтии кэлбитэ. Онон өрүс теплоходуттан муораҕа сөптөөх “Капитан Бородкин” хараабылга көһөн, Лаптевтар муораларыгар айаннаабыттара. Үрдүк сололоох ыалдьыт бааллаах муораҕа айаҥҥа улаханнык кыһаллыбатаҕа, үчүгэй туруктаах сылдьыбыта.
99 СЫЛ ОЛОРБУТ ПРИНЦ КЭРИЭҺЭ
Олоҕун ортото Филипп “оннооҕор оҕолорбор араспаанньабын биэрбэтэх амеба кэриэтэ туһата суох киһибин” диэн турардаах. Ити этиитэ оруна суоҕун туһунан элбэх туоһу баар. Кини 79 араас дойду үрдүкү уордьаннарынан уонна атын наҕараадаларынан бэлиэтэммит. Чуумпу байҕал Тана арыытын олохтоохторо кинини бэйэлэрин таҥараларынан ааҕыналлар, киниэхэ үҥэллэр.
Оттон биһиги дойдубутугар өҥөтүн иһин кини аатын туспа бэлиэтээн турардаахпыт. Саха сиригэр кэлэ сылдьыбытын чиэстээн, айылҕа харыстабылыгар, ордук чуолаан Арктика эрэгийиэнигэр үгүс өҥөтүн иһин 1995 сыллаахха Михаил Николаев ыйааҕынан 60,16 карааттаах алмааска кини аатын иҥэрбиттэрэ.
Егор Карпов.
Хаартыскалар “Высокие широты Его Высочества:
пребывание принца Филиппа, герцога Эдинбургского
в арктическом поселке Тикси Республики Саха (Якутия)” кинигэттэн ылылыннылар.