Айылҕа харыстабылыгар бастыҥнар быһаарылыннылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ 2017 сылга үлэ түмүгүнэн хотугу, бырамыысыланнай уонна тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар оройуоннарга арааран, сыл бастыҥ айылҕа харыстабылын кэмитиэтин (иниспиэксийэтин) быһаарда.

edersaas.ru


Хотугу оройуоннарга:

1 миэстэ — Үөһээ Халыматааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтэ, миэстэ – Орто Халыматааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтэ, миэстэ — Муоматааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтэ буоллулар.

Бырамыысыланнай оройуоннарга:

миэстэни Дьокуускай куораттааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтэ ылла. Иккискэ Алданнааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтэ таҕыста. Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ Ньурбатааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтэ тигистэ.

Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустарга:

Кэбээйитээҕи айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтэ бастаата. Таатта улууһун айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтэ иккис бочуоттааҕы ылла. Хаҥалас улууһунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтэ үһүс буолла.

Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0