Айылҕа дьиктитэ: тураахтар уйаларын тоҕо дьиэ таһыгар тутуннулар?
Быйыл үгүс киһи биири: тураахтар уйаларын дэриэбинэ ыксатыгар, өссө дьиэ таһыгар туттубуттарын дьиктиргии көрбүт буолуохтаах.
edersaas.ru
Ити билигин, сэбирдэх түспүт кэмигэр ордук билиннэ. Бу көстүүнү эколог, норуот эмчитэ Күн Чээбийэ маннык быһаарар:
— Көтөр айылҕа хаамыытын эрдэттэн билэр. Ардахха тураах хаппыт маска, баҕанаҕа олорорун көрөҕүт. Ити кини ардыан иннинэ салгын сиигиттэн куурдунан, түүтүн бэлэмниир. Аны тыа көтөрө киһи ыырыгар киирэн уйаланара куһаҕаҥҥа диэччилэр. Быйыл тураахтар тэлгэһэ мастарыгар уйаланнылар, аар тайҕаларыттан тоҕо эрэ тэйэ сатаатылар. Ол тыа уота өрө туруохтааҕын өтө билэн, төрүөхтэрин харыстыыр быһыыларын туоһута. Бэл уот турбатах да сирдэригэр, тураахтар дьиэ таһыгар уйаланнылар. Ол аата айылҕа таһаарар долгуннарын хабан, онон сирдэтинэллэр. Онон быйылгы иэдээнээх уот туруохтааҕын айылҕа эрдэ билэн күндү оҕолорун бэлэмнээбит эбит.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru