РФ доруобуйа харыстабылыгар миниистирэ Вероника Скворцова Арассыыйа дьоно ыам ыйын бырааһынньыктарыгар бэйэ бодотун тардынан, ыксаллаах быһыыны-майгыны таһаарбакка бырааһынньыктаабыттарын туһунан иһитиннэрдэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Кини: «Биһиги дьоммут култуурунайдык сынньанар буолан эрэллэр. Кырдьыга да, спордунан дьарыктаныы, роликка хатааһылааһын, спорт араас көрүҥнэрин баһылааһын быдан туһалааҕын билэллэр. Итирэн баран охсуһуу, суолга-иискэ саахалы таһаарыы курдук ыксаллаах быһыылар биллэ аҕыйаатылар», – диэн ыам ыйын бырааһынньыгар төһө элбэх киһи эмчиттэр көмөлөрүгэр наадыйбытын туһунан ыйытыыга хоруйдаата.
Онтон уһун, тымныы кыһыннаах Саха сирин дьоно айылҕа уһуктуутун сэргэ, аар айылҕабытыгар сынньана, сибиэһэй салгынынын тыына тахсабыт. Онуоха СӨ Роспотребнадзорын управлениета бу кэмҥэ клещ ытырар, астан-үөлтэн сүһүрэр куттал, хаачыстыбата суох бородууксуйалартан оһоҕос инфекциялара баар буолуохтарын сөбүн санатар уонна нэһилиэнньэҕэ тустаах сүбэлэри биэрэр:
ххх
— Организмҥын наһаа элбэх аһынан ноҕуруускалаама. Ханнык баҕарар бородууктаны атыылаһаргар оҥоһуллубут уонна туһаныллан бүтэр болдьоҕор болҕомтоҕун уур. Бородууктаҕын эргиэн тэрилтэлэриттэн эбэтэр ветеринарнай-санитарнай экпертиза лабораториялаах эрэ ырыынактартан атыылас.
— Эттэн уонна балыктан оҥоһуллубут ас хаачыстыбата элбэҕи быһаарар. Эттэн уонна балыктан бэлэмнэммит бородуукта сииргэ төһө «сиппитин» дьөлө аспыт сиргэр өҥө суох сүмэһин тахсарыттан быһаарыллар.
— Балыктан оҥоһуллубут бородууксуйа уонна балык фарша төһө бэлэмин уҥуохтан эт төһө чэпчэкитик араарылларыттан быһаарыахха сөп.
— Ойуурга тахсарга майонез уо.д.а. соустарынан буккуллубут салааты ылыма. Ол кэриэтэ сибиэһэй оҕуруот аһын уонна күөх үүнээйини сиэ. Халбаһыны, эттээх астары, түргэнник буортуйар бородууктаны ылартан туттун. Бу астар сылааска түргэнник буортуйаллар.
— Айылҕаҕа сынньалаҥҥытын кытаанах арыгылаах утаҕынан буорту гынымаҥ.
— Сынньалаҥ кэмигэр оҕолоргун хараҕыҥ далыттан сүтэримэ. Араас үөннэри куттуур, бэйэни харыстанар аэрозольнай химическэй препараттары илдьэ сырыт.
— Клещтэр таҥас быыһынан киирбэттэрин курдук, бүтэй уонна быыһа-арда суох, ол эрэн киирбит үөнү түргэнник буларга табыгастаах таҥаһы кэт. Биир өҥнөөх уонна сырдык таҥаһы кэтэргэр, ыстааҥҥын саппыкы иһигэр угаргар, ырбаахыгын ыстаан иһигэр симэргэр, кытаанах эрэһиинэлээх гольфаны эбэтэр наскыны кэтэргэр сүбэлиибит. Төбөҕөр капюшон кэтэргэр эбэтэр баттаххын былаат, бэргэһэ иһигэр кистииргэр сүбэлиибит. Төһө кыалларынан, 15-20 мүнүүтэ буола-буола клещ киирбитин-киирбэтэҕин бэрэбиэркэлэн.
— Окко, сиргэ олорума, сытыма. Ото-маһа суох эбэтэр кумахтаах, кураанах бэс ойуурдаах сиргэ тохтуу сатаа.
—— Ойууртан кэлэн баран, таҥаскын устан эккин уонна таҥаскын-сапкын кичэйэн көрүн.
— Дьиэҕэр сибилигин үргээбит ханнык да үүнээйигин киллэримэ. Дьиэтээҕи харамайдаргытын, ол иһигэр ыты, куруук бэрэбиэркэлии сырыт.
Сынньалаҥҥыт туох да куттала, доруобуйаҕа буортута суох буоллун!
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru