Айталина Томская. Ыра санааны сырса — дьэдьэннээх ыллыгынан…

12.02.2022
Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Чөркөөҕүттэн төрүттээх Айталина Томская 1995 сылтан Бүлүү куоракка олохсуйан олорор. Кини Кыадаҥда бөһүөлэгэр араас оҕуруот аһын үүннэрэрин, чуолаан дьэдьэн курдук минньигэс аһы 750-ча киилэҕэ тиийэ хомуйбутун,  тэлэбиисэргэ элбэхтик көрөн, сөҕөн-махтайан турабыт.

Ис-иһиттэн сып-сырдык мичээрдээх, холку көрүҥнээх, ол эрэн, санаабытын олоххо киллэрэргэ дьулуурдаах,  ситиһиилээх  пиэримэр  Айталина  Томская олох араас моһоллорун туораан, бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэн, элбэх кэрэ аҥаардарга, далбар хотуттарга холобур эрэ буолар киһи.

— Айталина Захаровна, бу биисинэскин хайдах саҕалаабыккыный?
— Биисинэспин 2016 сылтан саҕалаабытым. Урут улуустааҕы суукка сэкирэтээринэн уонча сыл үлэлээбитим. Үлэбиттэн уурайан баран салҕыы тугунан дьарыктанарбытын толкуйдаммыппыт. Кэргэним Артем Иннокентьевич Томскай баһаарынай чаас байыаһа этэ. Үйэтин тухары бултуура-алтыыра. Сыыйа хаһаайыстыба тэринэн, кырдьар сааһыгар бултаан-алтаан, сылгынан дьарыгырарын ыраланара. Онтон сиэттэрэн хаһаайыстыба тэриммиппит.
Үүнээйи салаатыттан саҕалаабыппыт. Мин бэйэм үүнээйини көрөрбүн-истэрбин, онтон кэнсиэрбэ араас көрүҥүн оҥорорбун туохтааҕар да ордорорум. Ол иһин, саҕалааччы пиэримэргэ кыттан көрөргө санаммыппыт.
2016 сыллаахха «Саҕалааччы пиэримэр» куонкуруһу ааһан, үлэбит-хамнаспыт саҥа саҕаланан эрдэҕинэ, кэргэним ыалдьан, наһаа түргэнник бу олохтон күрэммитэ. Онон, үлэбитин саҕалыырбыт өссө ыарахаттардаах буолбута. Ол гынан баран, ыра санаа киһини ханна-ханна тириэрдибэтэҕэ баарай?
Дьон араастаан сүбэлиир буолбута. Бары тоҕо эрэ: «Соҕотох дьахтарга ыарахан, хаһаайыстыбаҕын бырах», – дииллэрэ. Ис кутум оннук этиилэри ылымматын өйдөөн барбытым.
Үп-харчы тиийбэтиттэн тууйуллубутум. 2019 сыл Саҥа дьылын көрсөрбөр бырааһынньык аһын ылынар кыаҕа суохпун санаан, эрдэттэн улаханнык хараастыбытым. Ити күһүнүттэн «Санаа күүһэ» диэн үөрэхтэри ааҕа сылдьар кэмим этэ. Улаханнык муунтуйаары гыммыппын өйдөөммүн, санааларбын уларытарга үлэлэһэн барбытым. Ол кэмнэргэ улахан уолум  устудьуоннуу барбыта. 1 куурус буолан, 6000 солкуобай социальнай истипиэндьийэлээҕэ уонна оскуолатын бүтэрэригэр аҕатын кэлэктиибэ үөрэҕэр туһанарыгар 40 тыһыынча солкуобайы бэлэх туттарбыта. Ону сорҕотун абитуралыырыгар туһаммыта, онтон ордоруммутун илдьэ барбыта. Кыһалҕалаахпыт туһунан мин оҕолорбор тугу да кэпсээбэт этим. Ол эрэн, аһа-үөлэ суох олорорбутун сүрэҕинэн сэрэйээхтээбитэ буолуо, хайдах эрэ харчытын ордорунан, Дьокуускайтан кэһиитин биир бытыылка мас арыытын, 2 киилэ бурдугу, биир хаа саахары, ириис куруппаны аҕалбыт этэ. Мин олус үөрбүтүм, бэйэтэ бырааһынньык курдук этэ. Бэйэбит идэһэ эттээхпит, онон поза уо.д.а. аһылыгы, туох тиийэринэн оҥорон тоҥорбутум. Фрукта эрэ тиийбэт курдук буолбута. Арай, ким эрэ мандарин бэлэхтээх кэлэрэ буоллар наһаа үчүгэй буолуо этэ диэн санааппын кытары, оҕо сааһым дьүөгэтэ Мииринэйтэн Дьокуускайга Саҥа дьыллыы баран иһэллэрин эппитэ уонна хонон ааһыах буолбута. Дьүөгэм биир улахан пенополистирол дьааһыкка тобус-толору мандарины туппутунан киирэн кэлбитэ. Ол онно соһуйан айахпын атан баран турбутум. Санаа күүһүгэр итэҕэйэн барбытым.

Ити кэмнэртэн санааны сааһыланарга күүскэ үөрэнэн барбытым. Биир эрэ сыл иһигэр улахан тэпилииссэлэнэн, ону ааһан үс үлэһити хамнастыыр олох атын дьон Саҥа дьылбытын көрсүбүппүт. Билигин салҕыы үүнэргэ-сайдарга үлэлэһэбит. Бу тухары араас өттүттэн тохтоло суох үөрэхтэри ааһан, хас биирдии күнүм биллибэккэ ааһар.
— Кырдьыга, «Киһи сатаабата суох» дииллэр. Онно сөбүлэһэҕин?
— Киһи сатаабатаҕа диэн суох. Баҕа санаа эрэ наада. Куйаар ситимэ киирэн, билигин саныаҥ эрэ кэрэх, туһааннаах иһитиннэриини тута булан ылаҕын. Онон, үүнэргэ, сайдарга наһаа үчүгэй үйэ кэллэ.

— ​Саха сиригэр тугу баҕарар олордуохха сөп дуо? Онуоха тугу билиэххэ нааданый?
— Саха сиригэр энтузиаст оҕуруотчуттар тугу барытын олордоллор. Кинилэри көрөн киһи үөрэр. Ону таһынан үүнээйи да салаатыгар инновационнай технология күннэтэ сайда турар. Үп-харчы эрэ наада. Онно туһааннаах үөрэх элбэх, судаарыстыбаттан өйөбүл бырагыраама даҕаны син баар буолан эрэр.
 Тоҕо чопчу дьэдьэни олордууттан саҕалаабыккыный?
— Дьэдьэн элбэх сыллаах үүнээйи. Кыһын итиини ирдээбэт. Үлүйбэтигэр эрэ анаан тэпилииссэлэниллэр, ороскуота кыра диэн дьэдьэнтэн саҕалаабыппыт. Сыыйа сайдан барар инибит.
— Үчүгэй илииилээх иистэнньэҥ баарын курдук, үчүгэй илиилээх оҕуруотчут диэн баар дуу?
— Үчүгэй илиилээх оҕуруотчут диэн эмиэ баар. Уруккуттан арассаада атыытынан дьарыктанабын. Сорох дьон: «Үүнээйи миэхэ үүммэт», – диэччилэр. Ону хайдах эрэ ылыммат этим. Үлэһити тутар буолуохпуттан оннугу биллим. Төһө даҕаны кыһаллан үлэлээбитин иһин, соһуйуом иһин, үүнээйи сатаан үүммэт киһитэ диэн баар буолар эбит. Ол иһин, науканан салайтаран үлэлиир гына үөрэхтээх агрономы ыларга санаммытым. Биһиги билигин таптыыр эрэ дьарыкпыт быһыытынан дьарыгыра сырыттахпыт дии. Бырамыысыланнай таһымҥа тахсар гына үлэни ыыта сылдьабын.

— Бородууксуйаҕытын батарарга ыарахаттары көрсөҕүт дуу?
— Олохтоох бородууксуйа наһаа былдьаһык эбит. Онон кыһалҕаны көрсүбэппит.
— Сайдаргар, үүнэргэр өссө ханнык ньымалары туһанаҕын?
— Үксүн Интэриниэт үөрэхтэрин туһанабын. Сатаннаҕына, быйылгыттан соҕуруу улахан хаһаайыстыбаларга сылдьар буолуохпут.
— Олоххор ханнык тускулу тутуһан олороҕун?
— «Олохпут сарсыҥҥы көстүүтэ бүгүҥҥү санааларбытыгар баар. Санааны сөпкө салайынар буолуохха».

​- Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
Айсен уонна Айсан диэн икки улааппыт уоллаахпын. Туспа инники суолларын толкуйданаллар, бэйэ дьыалатын тэринэр былааннаахтар, бэйэлэрин көрдөнөллөр. Эмиэ ону-маны интэриэһиргээн хасыһаллар. Хаһан эрэ ситэн-хотон тахсыахтара, чопчу тугунан эрэ дьарыгырыахтара дии саныыбын. Үлэлии үөрэммит оҕолор буолан, кинилэр тустарыгар улаханнык долгуйбаппын.
 -Айталина Захаровна, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтал. Үлэҥ-хамнаһыҥ өссө да сайда-үүнэ турдун, эн минньигэс дьэдьэҥҥин амсаайааччы өссө да элбээтин, оҕолоруҥ ийэлэрин үөрдэр үтүө үлэһит дьон буоллуннар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0