Кэрэ аҥаардар олохторун түһүмэҕин кэккэ кэрдиискэ араарыахха сөп. Олортон биирдэстэрэ төрүүр-ууһуур кэм ааһан, организм улаханнык уларыйар – менопауза (климакс) кэмэ буолар. Климакс кэмэ тирээн кэлэриттэн үгүс дьахталлар куттаналлар, кыраһыабай, кэрэ уонна доруобай сылдьыы кинилэри аны тумнуоҕун курдук саныыллар.
Бүгүн биһиги менопауза туһунан кэпсииригэр Дьокуускай к. 1 № поликлиникатын гинеколог-бырааһа, үрдүк категориялаах акушер-гинеколог Айталина Филипповаттан көрдөстүбүт.
edersaas.ru
Менопауза – дьахтар яичниктарын функциялара умулла быһыытыйан уонна төрүүр сааһа (репродуктивнай) ааһан, организм кырдьыытын кытта сибээстээх киһи соһуйбат уонна омнуолаабат физиологическай процеһа.
Бу кэмҥэ дьахтар организмыгар дьайар соччо бэрдэ суох бэлиэлэр баар буолбуттарын да иһин, менопауза – ыарыы буолбатах. Менопауза кэмин үксүгэр климакс диэн ааттыыллар.
Илиҥҥи дойдулар дьахталлара менопаузаны кэлиэхтээх кэлиэхтээҕин курдук ылыналлар, онон куттамматтар уонна ол туһунан эрдэттэн кэпсэппэттэр даҕаны. Оттон Хотугу Америка уонна Европа дьахталлара (уопсастыба соҥнуурунан) менопауза саҕаланна да, дьахтар сиэкистиир имэҥин сүтэрэрин, киһини абылыыр кэрэ көстүүтэ сүтэрин курдук саныыллар.
Уопсастыба итинник санааны үөскэтэрин түмүгэр үгүс дьахталлар менопаузаны улахан ыарыы курдук ылыналлар, кэккэ кыһалҕалар үөскүүллэр. Менопауза туһунан кэпсэтиини күннээҕи олохторугар олус суолталааҕынан ааҕаллар.
Менопауза үс фазалаах
Бастакы фаза – перименопауза (эбэтэр климакс) – дьиҥнээх менопауза иннинээҕи кылгас кэм уонна ыйданыы (менструация) сылы быһа кэлбэт кэмэ.
Иккис фаза – ыйданыы тохтоон, яичниктар функциялара умуллан, климакс кэлбит кэмэ.
Үһүс фаза – постменопауза, ыйданыы тохтоообута биир сыл буолбутун кэннэ дьахтар олоҕо бүтүөр диэри салҕанар кэм.
Менопауза 40-55 сааска, ол эрэн, үксүгэр 50-51 сааска биллэр. Дьахталлар 10 бырыһыаннарыгар физиологическай менопауза ыйданыы цикла кэһиллибэккэ эрэ саҕаланар. Онтон 70 бырыһыаннара менопауза чугаһаатаҕына, эттэрэ-сииннэрэ 1-5 мүнүүтэ устата олус күүскэ умайарын (прилив), онтон тоҥо быһыытыйалларын (дрожь) билэллэр. Эт-сиин умайар кэмигэр дьахталлар ардыгар тириилэрин өҥө уларыйар. Итинник турук түүн утуйа сытар кэмигэр буоллаҕына, дьахтар көлөһүнэ күүскэ кэлэр. Табахтыыр, уонна аҕыйахтык хамсанар-имсэнэр, сонуур дьахталлар, атыттарга холоотоххо, «умайан» ылаллара элбэх буолар.
Эстроген таһыма аҕыйыырынан сибээстээн, дьахтар ууһатар органын киирии өттүн (влагалище) салыҥнаах бүрүөтэ кубарыйар, синньиир, сымныыр, тыыллыгаһын сүтэрэр, куура хаппыт курдук буолар, аһыйар, сылдьыһар кэмҥэ ыалдьыан сөп. Дьахталлар аҥаардара постменопауза кэмигэр ууһатар органнарын киирии өттө куурбутун-хаппытын туһунан этэллэр. Итинник туругу ууһатар орган салыҥнаах бүрүөтүн атрофиетынан ааттыыллар.
Ууһатар орган атрофията – кырдьыы кэлиэхтээх туруга. Оҕо үөскүүр сирин, яичниктар, ууһатар орган уонна вульва кээмэйдэрэ кыччыыллар. Эндометрия халыҥа эмиэ чарааһыыр. Кыра таас уҥуоҕун (малый таз) органнарыгар хаан хачайданыыта аҕыйаан, ууһуур орган салыҥнаах бүрүөтэ араас эчэйиигэ уонна инфекцияҕа «аһаҕас» буолар. Тоҕо диэтэххэ, лактобактериялар ахсааннара аҕыйыыр, ууһуур орган кислотнай-щелочнай эйгэтэ уларыйар. Ити патогеннай микроорганизмнар үөскүүллэригэр уонна салыҥнаах бүрүөҕэ инфекциялар сытыырхайалларыгар тириэрдэр. Эстроген таһыма эмиэ намтыыр.
Урогенитальнай атрофияны эмтээһин көрүҥнэрин маннык бөлөхтөргө араарыахха сөп:
– Олох укулаатын уларытыы (табаҕы быраҕыы, эр киһини кытта тиһигин быспакка сылдьыһыы, сөптөөх аһылык).
– Гормона суох эмтэнии (сиигирдэр убаҕастар уонна кириэмнэр, любриканнар);
– Гормональнай терапия (солбуйар гормональнай терапия, гормоннаах маастар уонна кириэмнэр, таблеткалар);
– Систиэмэлээх ыарыылары эмтэнии.
Эр киһини кытары тиһигин быспакка сылдьыһыы кыра таас уҥуоҕар хаан хачайданыытын тупсарара уонна ууһатар орган салыҥнаах бүрүөтэ түргэнник кырдьарын эрдэттэн туоратара дакаастанан турар. Ол аата ууһуур орган кууруутугар тириэрдибэт.
ххх
Менопауза уларыйар түһүмэҕэр дьахталлар 38-40 бырыһыаннара утуйар уулара алдьанар, уулара кэлбэккэ эрэйдэнэллэр. Утуйар уу эт-сиин умайыытыттан, аҕылааһынтан, кыраадыс тахсыытыттан кэһиллэр. Утуйбат буолуу ону сэргэ депрессия баар буолуутун кытары сибээстээх. Тоҕо диэтэххэ, үгүс дьахталлар постменопауза кэмигэр депрессиялыыллар.
Перименопауза уонна эрдэтээҥи постменопауза кэмигэр ууһатар органтан хааннаах ириҥэ кэлиэн сөп. Маннык ириҥэ ыйданыы тохтообутун биир сылын кэнниттэн кэлэр буоллаҕына, дьахтар бырааска көрдөрүөхтээх.
Постменопауза биир кэдирки бэлиэтинэн уойуу буолуон сөп. Дьахталлар бу кэмҥэ ортотунан 2-5 киилэнэн эбиллэллэр. Биллэрин курдук, аҕыйахтык хамсаныы уойууга эмиэ тириэрдэр. Дьахталлар аҥаардара тымырдарыгар уонна былчыҥнарыгар ааһан-араҕан биэрбэт эбэтэр көһө сылдьар ыарыы баар буолбутун билиэхтэрин сөп. Ол иһин, быраастар үксүлэрэ постменопаузалаах дьахталларга кальцийдаах уонна глюказаминнаах препараттары иһэллэригэр сүбэлииллэр. Дьахталлар тириилэрэ куурар уонна эмэхсийэр, мыччыстаҕастара элбиир, бээтинэлэр тахсаллар. Бу кэмҥэ тириини искэҥҥэ тириэрдэ суохха наада. Искэн тас көрүҥүнэн тирии олоҕурбут бээтинэлэрин санатыан сөп. Постменопауза кэмигэр катаракта уонна глаукома ахсаана элбиир.
Ураты дьиксиниини ииги туппат буолуу уонна ииги таһаарар тракт (мочевыводящий тракт) сүһүрүүтэ үөскэтэллэр. Постменопауза кэмигэр дьахталлар настарыанньалара уонна туруктара эмиэ уларыйар. Моральнай уонна социальнай өйөбүл тиийбэтэ депрессияҕа, кыыһырымтаҕай буолууга тириэрдиэн сөп. Дьахтар олоҕун бу кэрдиис кэмигэр сүрэх-тымыр ыарыыларын уонна искэн элбиирин эмиэ учуоттуур наадалаах.
Имэҥирии…
«Дьахтар менопаузата кэллэҕинэ, имэҥирэр дьоҕурун сүтэрэр уонна эр киһилиин сылдьыһар кыаҕа суох буолар», – диэн сыыһа өйдөбүл баар. Кини имэҥнээҕэ обургу кыыс да, сааһырбыт дьахтар да сиэкистиирин курдук буолуон сөп. Арай, үгүстэргэ, урукку курдук, салгыы актыыбынайдык сылдьалларыгар өй-санаа өттүнэн мэһэй үөскүөн уонна сылдьыстахпытына ууһатар оргаммыт ыалдьыа диэн сэрэхэдийиэхтэрин сөп. Ол иһин, эр киһилиин сылдьыһар баҕата кылгас кэмҥэ уостар. Итиннэ өссө систиэмнэй ыарыылар (хаан баттааһынын үрдээһинэ, диабет, артрит) уонна сиэкискэ баҕарыыны хам баттыан сөптөөх эмтэри иһии эбиллэллэр. Вульва атрофията сиэкистээһини уустугурдуон, ыарытыннарыан сөп. Эстроген аҕыйааһына сиэкистэн астыныы аҕыйыырыгар тириэрдэр.
Постменапауза кэмигэр
Быраастар уонна диетологтар сыалаах аһылыгы хааччахтаан туран, үүнээйилээх аһылыгы сииргэ сүбэлииллэр. Элбэх клетчаткалаах аһылык, сөбүгэру ууну иһии, саахары, арыгыны уонна кофеины аҕыйатыы чөл олох суолталаах компоненнарынан буолаллар. Омега-3, сыалаах кислотатынан баай аһылык сүрэх-тымыр ыарыыларын сэрэтэргэ туһалаах.
Д уонна кальций битэмииннэр остеопороһы сэрэтэргэ наадалар. Ол иһин, Д, Е битэмииннэринэн уонна минералларынан баай эбиликтэри аһылыгы кытары сиир туһалаах. Салаат күөх сэбирдэхтэрэ, шпинат, фрукталар, туорахтаах аһылыктар суон оһоҕос искэнэ үөскүүр кутталын намтаталлар.
Физкультуранан уонна спордунан дьарыктаныы араас ыарыыны сэрэтэр, ыйааһыныҥ биир кэм буоларыгар көмөлөһөр уонна сүрэх-тымыр ыарыыларыттан, диабеттан, эмиий искэниттэн, остеопорозтан харыстыыр. Күн аайы эбэтэр күн өрүү-өрүү 20-30 мүнүүтэ устата (ыйааһыны туһанан) дьарыктаныы туһалаах. Йога, тай чи, ууннары тардыныы эрчиллиилэрэ киһи этэ-сиинэ чөл сылдьарын хааччыйаллар. Аэробика сөбүгэр соҕус уонна киһини сылаппат буолуохтаах. Трусцалаах сүүрүү уонна ыраахха сүүрүү көҥүллэммэт.
Менопауза и постменопауза кэмигэр дьахтар организмыгар элбэх уларыйыылар тахсаллар. Ол иһин, кини 6-12 ыйга биирдэ гинекологка, терапевтка уонна, туругуттан көрөн, атын быраастарга көрдөрүнүөхтээх. Ордук охтон түһүүттэн сэрэниэхтээх. Охтон түһүү үксүгэр сис тоноҕоһо уонна таас уҥуоҕа тосторугар тириэрдэр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru