Айсен Николаев Тутааччы күнүнэн эҕэрдэлиир

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Убаастабыллаах тутуу комплексын үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Тутааччы күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Эһиги өрөспүүбүлүкэ бырайыактарыгар — социальнай тэрилтэ буоллун, инфраструктура улахан эбийиэгэ буоллун үлэҕитигэр идэтийиигитигэр, сыралаах түбүккүтүгэр махтанабыт.

Кыһалҕалар баалларын үрдүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ тутуу кээмэйэ түспэт, тутааччылар саҥаттан саҥа эбийиэги олоххо киллэрэн иһэллэр. Бу тутуу комплексын эрэгийиэн уонна федеральнай таһымнаах кичэллээх үлэтин түмүгэ буолар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 200 тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх 175 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллар турар. 49 тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх саҥа дьиэ тутулунна. Бу барыта Саха сирин хас биирдии олохтооҕо тупсаҕай дьиэҕэ олорор кыаҕы ыларын туһугар оҥоһуллар.

Өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сылыгар биһиги 28 оройуоҥҥа 87 социальнай эбийиэги үлэҕэ киллэрдибит. Сыл бүтүөр диэри өссө 72 эбийиэк, ол иһигэр 12 оскуола, 6 уһуйаан, 11 спортивнай эбийиэк, 2 доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ тутуллан бүтүөҕэ.

Бу күҥҥэ Саха сиригэр тутуу эйгэтин саҕалаабыт, ол сайдарын турууласпыт  дьоҥҥо махтанабыт. Тутааччыларга ситиһиилэри, доруобуйаны, дьолу, эйэни, нус-хас олоҕу баҕарабын.

Айсен Николаев, Саха сирин баһылыга.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0