«Арассыыйа устудьуоннарын этэрээтин» Саха сирин эрэгийиэннээҕи салаатын уопсастыбаннай түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Айсен Соловьев Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө санаатын үллэстэр:
— Сахабыт сирин сайдыытын, үүнүүтүн сүрүннээн көрдөрөр күммүт муус устар 27 күнэ буолар. Сахам сирин бары дьонун-сэргэтин устудьуоннар этэрээттэрин аатыттан эҕэрдэлиибин! Бу күн тус бэйэбэр сомоҕолоһууну, сайдыыны кытта ыкса ситимнээх өйдөбүлү үөскэтэр. Саха сирин устудьуоннарын этэрээтин быйыл күүстээх үлэ күүтэр. Онно олоҕуран бэйэбитин үтүө өттүнэн көрдөрөргө, үлэлииргэ уонна үүнэргэ ыҥырабын.
Ульяна Захарова, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1