Айсен Николаевы өйүүр көҕүлүүр бөлөх тэрилиннэ

Бөлөххө киир:

Үрүҥ Тунах ыһыах күнүгэр, бэс ыйын 21 күнүгэр, Олоҥхо тыйаатырыгар «Таатта» уопсастыбаннай түмсүүтүн мунньаҕа буолла. Көрсүһүү Ил Дархан эбээһинэһин толорооччу Айсен Николаев «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа аатыттан балаҕан ыйыгар буолуохтаах СӨ аҕа баһылыгын талар быыбарга туруоруллубут кандидатуратын өйүүр сыалтан ыытылынна.

Тэрээһиҥҥэ «Таатта» түмсүү бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, Олоҥхо тыйаатырын салайааччы Виталий Власов, этнопедагог Екатерина Чехордуна, Саха сирин историятын чинчийээччи, суруйааччы Гаврил Андросов уо.д.а. кыттыыны ылбыттара. Буолан ааспыт көрсүһүү – «Таатта» түмсүү иккис мустуута. Ол курдук, мунньахтар түмүктэринэн Владимир Аржаков салайааччылаах көҕүлүүр бөлөх тэрилиннэ.

Кэпсэтиини иилээн-саҕалаан ыыппыт Афанасий Федоров (ХИФУ финансовай-экэнэмиичэскэй салаатын доцена, преподаватель):

– 2012 сыллаахха Айсен Николаев куорат баһылыгар туруммутун «Таатта» түмсүү, 1000 кэриҥэ киһи, күүскэ үлэлээн, өйөөбүппүт. Киһи быһыытынан майгытын-сигилитин сөбүлүүр буоламмыт, бары киниэхэ наһаа эрэнэбит. Соторутааҕыта Тааттаҕа Ойуунускай 125 сылыгар анаммыт ыһыахха тиийэ сылдьыбытыттан, ону таһынан халаантан эмсэҕэлээбит дьону кытта көрсүбүтүттэн үөрэбит, — диэн бэлиэтээтэ.

Ил Дарханы талар күн чугаһаатар чугаһаан иһэр. Үгүс дьон Айсен Николаев кыайарын саарбахтаабаттар. Ол иһин буолуо, Олоҥхо тыйаатырын аччыгый саалатыгар мустан олорбут дьон сүрүннээн куолас куоталаһыытын буолбакка, «саха норуота биир сомоҕо күүс» буолуохтааҕын туһунан кэпсэттилэр. Нам землячествотын бэрэссэдээтэлэ Гаврил Местников улуустар доҕордоһуулара булгуччулааҕын, омук сайдыыта биир тыыннаах уонна ситимнээх буолартан тахсарын эттэ.

«Тыла, өйө, дьыалата бииргэ сылдьар», киһи эрэнэр киһитин тула «Тааттаттан саҕалаан өрөспүүбүлүкэ барыта биир санаанан түмсэрин туһугар үлэлиэххэ наада» диэн этиигэ бары сөбүлэстилэр.

Светлана ИВАНОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар түһэриилэрэ.

Маын тэҥэ «Таатта» түмсүү чилиэннэрин көҕүлүүр бөлөҕө  Аһаҕас суругу суруйдулар.

САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН ОЛОХТООХТОРУГАР АҺАҔАС СУРУК

Быйыл Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтин төрүттэспит аҕата, саха омук национальнай уонна духуобунай лидерэ, уһулуччулаах суруйааччы, дьоҕурдаах чинчийээччи Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтиир өрөгөйдөөх ыһыахха, талыы-талба Таатта сиригэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын эбээһинэһин толорооччу Айсен Сергеевич Николаев ытык ыалдьыт буолан кэлэн кыттыбытыттан, саха саарынын сырдык аатыгар сүгүрүйбүтүттэн, төрөөбүт улууспутугар ытыктабылын биллэрбититтэн уонна сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэрбит кылаан кыһалҕаларын быһаарар үлэни-хамнаһы үүннээн-тэһииннээн ыыппытыттан дьоммут-сэргэбит үөрбүтүн, астыммытын биллэрэн туран, киниэхэ барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Биһиги, Туймаада хочотугар олорор таатталар уонна, чуолаан, «Таатта түмсүү», Айсен Николаев Дьокуускай куорат аҕа баһылыгынан талылларыгар, икки төгүл үтүө баҕабытынан, киин куораппытыгар олорор дьоммутун-сэргэбитин түмэ тардан, өрөспүүбүлүкэ бары омуктарын бу дуоһунаһы сүгэргэ кимнээҕэр да ордук сөптөөх киһи тула сомоҕолоһоллоругар тэрээһиннээхтик үлэлээн өйөбүл-тирэх буолбуппут.

Билигин Айсен Сергеевич Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын эбээһинэһин толорооччу быһыытынан саҕалаабыт үлэтин-хамнаһын, дьаһалларын, тэрээһиннэрин биһириибит уонна кини «Биир Ньыгыл Россия» политическай партия барыллаан быыбардааһыныгар Ил Дархан дуоһунаһыгар бэйэтин кандидатуратын туруорбутун кэм-кэрдии, олох ирдэбилин быһыытынан көрөбүт уонна Улуу Россия, киэҥ Саха сирэ инники сайдыытыгар саамай тоҕоостоох быһаарыныы диэн сыаналыыбыт.

Ол иһин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бары норуоттарын билиҥҥи кэм лидерэ Айсен Сергеевич тула түмсэн, сомоҕолоһон, биир тылы булан Сайдыы, Кэскил, Барҕарыы туһугар бииргэ үлэлииргэ-хамсыырга, айарга-тутарга ис сүрэхпититтэн ыҥырабыт.

Сүдү өбүгэлэрбит: «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» диэн өстөрүн номоҕун билиҥҥи саха тыллаах бүттүүн ытыктыыр киһитэ, биир дойдулаахпыт Борис Неустроев-Мандар Уус: «Түмсүү – төлкө төрдө», – диэн бэргэн этиитэ чопчулаан биэрэр. Ону биһиги, талыы-талба Таатта сириттэн төрүттээхтэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа лидерэ Айсен Николаев илиитигэр төлкөбүт тэһиинин туттарарга быһаарынныбыт, Кинини өйүүргэ, Кини тула сомоҕолоһорго сыал-сорук туруоруннубут.

Саха сирин бары норуоттара, хаан-уруу дьоммут биһиги хамсааһыммытыгар холбоһуҥ, кыттыһыҥ – хас биирдии кыра таммах түмүстэҕинэ улахан өрүс үөскүүр уонна иннин диэки дьулурҕатык, дьоһуннук устар!

Ытыктабылы кытта Дьокуускай куораттааҕы «Таатта түмсүү» көҕүлүүр бөлөҕө.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0