Айсен Николаев: “Ыччаты патриотизмҥа иитии судаарыстыба соругунан буолуохтаах”

Ааптар: 
28.04.2022
Бөлөххө киир:

Бүгүн «Ыччаты иитиигэ инники күөҥҥэ турар соруктар» диэн  Өлүөнэтээҕи кулууп мунньаҕа буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ Москваттан тиийэ кэлэн кытыннылар. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Саха сирин уопутун үллэһиннэ.

edersaas.ru

Ил Дархан “Өлүөнэтээҕи кулууп”  мунньаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сыллаах үбүлүөйүн иитинэн ыытылларын иһитиннэрдэ. Кулууп номнуо төрдүс сылын тиһигин быспакка араас сайыннарар институттар салайааччыларын, политологтары, экэнэмиистэри, биисинэс-түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрин, уопсастыбаннай диэйэтэллэри түмэр диэн эттэ.

Дойдуга соруктаахтык, ол иһигэр идеологическай кимэн киирии барар кэмигэр ыччаты иитиигэ улахан болҕомтону уурар сорук турарын, тустаах боппуруос балачча кэм устата суолталамматаҕын бэлиэтээтэ.

“Саха сирэ бу боппуруоһунан дьарыктаммыта ыраатта. Уопут улахан. Дойдуга бастакынан, өссө 2019 сыл ахсынньытыттан гимны толоробут. Патриотическай тыыҥҥа иитии туһунан биир даҕаны ыйаахпын утарбыттарын көрбөтөҕүм. Оччолорго, бэйэбит дойдубутуттан буолбакка, билигин анал байыаннай операция бара турар сириттэн, дойду тас өттүттэн элбэх кэдэрги кэммэнтээрийдэр киирэллэрин туһааннаах сулууспалар  дакылааттыыллара. Ити аата ол өттүттэн ыччаты, оҕону патриотическай тыыҥҥа иитиигэ судаарыстыбаннай бэлиитикэ бары хамсааһыннарын  соруктаахтык утарбыттара, билигин даҕаны утараллара көстөр.

Дойду үрдүнэн иитиигэ уопсай быһаарыы ылыллыбытыттан үөрэбин. Былааҕы да күөрэччи көтөҕүөхпүт, гимны даҕаны ыллыахпыт. Ол эрээри, бу аатыгар эрэ буолбакка, улахан суолталаныахтаах. Бу тэрээһинтэн судаарыстыбаннай бэлиэлэргэ, уопсайынан, судаарыстыбаннаспытын үөрэтиигэ, патриотизм тыыныгар иитии боппуруостарыгар ытыктабылы иҥэриэхтээхпит. Маныаха иитиигэ тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытыы (системность) улахан суолталаах. Хомойуох иһин, биһиэхэ бу кыайтарбат”, — диэн бэлиэтээтэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2021 сылтан патриотическай тыыҥҥа иитии бырайыага олоххо киирбитэ. Бырагыраамаҕа үөрэх тэрилтэлэригэр иитии, көҕүлүүр соруктаах патриотизм, волонтерскай хамсааһын, социальнай өттүнэн көхтөөх буолуу, ону таһынан, көлүөнэлэр икки ардыларынааҕы ураты үлэ барарын, бүгүн оҕону, ыччаты иитиигэ тэрээһиннэр ыытыллалларын, манна ыччат көхтөөхтүк кыттарын иһитиннэрдэ.

“Муус устар 22 күнүгэр, биһиги инники кэскилбит туһугар бэрэсидьиэн ыытар бэлиитикэтин, саллааттарбытын өйүүр соруктаах буолан ааспыт эр дьон оһуохайыгар 5,5 тыһ. эр киһи кытынна. Саха сиригэр патриотизм үгэһэ баар, бу салгыы өйөнүөҕэ.

Атын даҕаны тэрээһиннэр үгүстэр. Икки сыл анараа өттүгэр оскуола үөрэнээччилэрэ бэйэлэрэ көҕүлээбит “Көр, бу Арассыыйа” куонкурустара баар. Классическай гимназия үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ атын эрэгийиэн оҕолоро төрөөбүт дойдуларын туһунан видео усталларыгар куонкуруһу тэрийиэххэ диэн миэхэ этиилээх тахсыбыттара. Ол түмүгэр бүтүн Арассыыйаттан интэриэһинэй үлэлэр түмүлүннүлэр. Былырыын бу аахсыйаҕа 80 тыһ. тахса оҕо кыттыбыта.

Соторутааҥҥа диэри Москва да оҕолоро Уһук Илин, Сибиир эрэгийиэннэринээҕэр Европа дойдуларын ордук билэллэрэ кистэл буолбатах. Бу биһиги улахан итэҕэспит. Ону кылгас кэм иһигэр  туоратыах соруктаахпыт. Маныаха “Көр, бу Арассыыйа” курдук куонкурустар суолталара улахан”, — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0