Айсен Николаев: Ыарыыны тохтотор ньымабыт биир – быһыыны ылыы

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн “Саха” НКИХ биэриитигэр дьаҥ туһунан этэригэр, Саха сирэ быһыыны маассабайдык  ылыыны бастакынан киллэрбитэ көдьүүстээх буолбутун бэлиэтээтэ.

“Бэс ыйын 27 күнүнээҕи туругунан, Арассыыйа үрдүнэн Саха сиригэр эрэ ыалдьыбыт киһи ахсаана аҕыйаабыта бэлиэтэммитэ. Атын эрэгийиэннэргэ ити сыыппара үрдүү турар. Ити, бастатан туран, быһыыны ылыыны эрдэттэн саҕалаабыппыт түмүгэ. Ол иһин билигин атын эрэгийиэннэр, ол иһигэр Москва, Санкт-Петербург курдук улахан куораттар, нэһилиэнньэни быһыы ыларга маассабайдык ыҥыран эрэллэр”, – диэн этэр Айсен Сергеевич.

Ону сэргэ кини улуустарга бу үлэ өссө күүскэ барыахтааҕын, манна олохтоох салалта төһүү буолуохтааҕын эттэ.

– Улуустарынан ыллахха, быһыыны ылыы тус-туспа. Ханна эрэ күргүөмнээхтик барар, оттон сорохтор дьаалылаабаттар. Мин санаабар, манна олохтоох салалта нэһилиэнньэни кытары кэпсэтиитэ улахан оруоллаах. Быһыыны ылыы боппуруоска туруо суохтаах. Ыарыыны тохтотор уонна атын ньымабыт суох. Билигин эрэрдэр, оҕолор ыалдьан эрэллэр. Онон хас биирдии киһи бэйэтигэр быһаарыныы ылыахтаах. Бэйэтин уонна чугас дьонун чэгиэн сылдьалларын туһугар, – диэн иһитиннэрэр Ил Дархан.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0