Айсен Николаев: Ыарахаттарга сигэммэккэ, барытын быһааран иһиэхтээххин
Өрөспүүбүлүкэ күнүн иннинэ Ил Дархан Айсен Николаев быйылгы сыл ааспыт үс ыйын түмүктэрин туһунан “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларыгар анаан кэпсээтэ.
Дьоннор алмаастааҕар күндүлэр
— Саха сиригэр бастакы үс ый хайдах ааста? Туох түмүктэрдээх-ситиһиилэрдээх, ыарахаттардаах буолла, ол туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Бу кэм устата Саха сирин оҥорон таһаарыыта (валовый региональный продукт) 3,5% улаатта. Бу былырыыҥҥыттан арыый намыһах көрдөрүү. Сыл анараа өттүгэр “АЛРОСА” былааннаммыттан элбэх алмааһы батаран, бүддьүөккэ 10 %-нан элбэх нолуогу төлөөбүтэ. Сыл иккис аҥаарыттан алмаас атыыта мөлтөөн барбыта, ол сыл саҥатыгар дьайда. Биири этиэм этэ – итини биһиги сабаҕалаабыппыт уонна учуоттаабыппыт.
Атын хайысхаларга көрдөрүү куһаҕана суох. Таас чоҕу хостооһун 17% улаатта. Маны “Колмар” хампаанньа “Инаглинское” чоҕу байытар кэмбинээти үлэҕэ киллэрэн ситистэ. Кыһыл көмүһү хостооһун былырыыҥҥытааҕар 70% улаатта. Бу чуолаан, “Таборное” диэн баай сиргэ “Гросс” диэн тэрилтэ үлэтин саҕалаабытыттан тутулуктаах. Ньиэби хостооһун 10%-тан тахса улаатта.
Олорор дьиэни тутууга балайда кэдэйэн биэрдибит. Көрдөрүүбүт былырыыҥҥытааҕар 30%-нан намыһах. Дойду үрдүнэн барытынан көрдөрүү маннык буолла. Биирдиилээн кэтэх дьиэни тутуу 2% улаатта, оттон элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутуу аҕыйаата. Тоҕо диэтэххэ, от ыйын 1 күнүттэн саҥа федеральнай сокуон күүһүгэр киирэр. Балаһыанньа өссө таҥнары түспэтин курдук, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутуунан дьарыктанар тэрилтэлэри кытта ыкса үлэлэһиэхтээхпит.
Маны таһынан, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраама чэрчитинэн быйыл 5 миллиард солкуобай көрүллэр. 2020 уонна 2021 сылларга бу хайысхаҕа үбүлээһин лаппа эбиллэрэ күүтүллэр. Бу хайысхаҕа олохтоох бэйэни салайыныы баһылыктара олорон хаалбакка, үлэлэрин күүһүрдэллэрэ ирдэнэр.
— Айсен Сергеевич, аҕыйах хонуктааҕыта “АЛРОСА” хампаанньа хаһаайыстыбаннай актыыбын сыллааҕы мунньаҕар кыттыыны ылбытыҥ. Туох санааҕа кэллиҥ мунньах кэнниттэн?
— Бастатан туран, мин аҕыс сыл буолан баран, “АЛРОСА” мунньаҕар кыттыыны ыллым уонна сэргээтим, сэҥээрдим диэххэ наада. Мунньах бастакытын интэриниэт нөҥүө атын куораттарга баар үлэһиттэри кытта быһа сибээскэ холбонон барда. Саалаҕа мустубут дьон бары хампаанньа дьиҥ чахчы аан дойду таһымнааҕын илэ көрөн-истэн итэҕэйдилэр. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирин араас муннуктарыгар, дойду элбэх куораттарыгар, ону таһынан, Бельгияҕа, Израильга, Индияҕа, Кытайга, Гонкоҥҥа, Анголаҕа, Зимбабвеҕа үлэлии-хамныы сылдьар дьон ыйытыы биэрдилэр, санааларын үллэһиннилэр. Бу барыта “АЛРОСА” алмаас эйгэтигэр инники күөҥҥэ сылдьарын туоһулуур. Киһи бииртэн үөрэр: тыл эппиттэр бары хампаанньа уларыйыахтааҕын чорботон бэлиэтээтилэр. Алмаас ырыынага уларыйа турар, аан дойдуга быһыы-майгы эмиэ. Хампаанньа Саха сирин сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах баараҕай тэрилтэ буолар. Саамай бөдөҥ нолуок төлөөччү, биһиги барыбыт киэн туттуута. Саха сирин олохтоохторун ааттарыттан “АЛРОСА” үлэһиттэригэр былырыыҥҥы таһаарыылаах үлэлэрин иһин махтанным. Уонна түмүкпэр, хампаанньа төһө да уларыйдар, “Дьоннор алмаастааҕар күндүлэр” диэн ааспыт үйэ 50-с сылларыгар алмааһы булбут дьон бэргэн этиилэрин умнубаттарыгар баҕардым.
— Санкт-Петербурга буолан ааспыт Арктика форумун сүрүн түмүктэрин билиһиннэриэҥ дуо? Саха сиригэр туох туһалаах мунньах буолан ааста?
— Биһиги былырыыҥҥыттан Арктика боппуруостарыгар ыытар үлэбит дойду салалтата ыытар үлэтин-хамнаһын кытта дьүөрэлэһэриттэн астынабын. Ахсынньы ыйга Арктика министиэристибэтин тэрийбиппэр сөбүлээбэтэх киһи үгүс этэ. Билигин буоллаҕына, олох көрдөрөрүнэн – бу сөптөөх дьаһаныы эбит. Тоҕо диэтэргин, тохсунньуга Владимир Путин Уһук Илини сайыннарар министиэристибэҕэ эбии Арктика боппуруостарын киллэрэн биэрбитэ.
Санкт-Петербурга буолбут мунньахха дойду Аҕа баһылыга аан бастаан Арктика боппуруостарыгар анаан, бырабыыталыстыба чилиэннэригэр чопчу сорудахтары биэртэлээтэ. Хотугу эргимтэҕэ харчы угар (инвестиция) дьоҥҥо улахан чэпчэтиилэри оҥорор туһунан сокуон барылын атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри бэлэмнииргэ сорудахтаата. Аны күһүн Госдуума уонна Федерация Сэбиэтин дьокутааттара көрөн, ырытан баран ылыналларын курдук. Оччоҕуна Арктикаҕа харчытын угар тэрилтэлэргэ нолуок өттүгэр хаһан да туттуллубатах чэпчэтиилэр баар буолуохтара. Билигин 0,3 коэффициент туһунан кэпсэтии бара турар. Бу олоххо киирдэҕинэ, холобура, киин сиргэ 100 солкуобайы нолуок быһыытынан төлүүр буоллахтарына, Арктика сирдэригэр 30 солкуобайы төлүөхтэрэ. Мин дьоҕус урбаан эмиэ чэпчэтиилэринэн туһанарын туһунан этиини Уһук Илини сайыннарар министиэристибэҕэ киллэрбитим. Бу олоххо киирэрин туруорсуохпут. Тоҕо диэтэргин, хотугу улуустарга дьоҕус эргиэмсиктэр дьону-сэргэни хааччыйан олороллор. Кинилэр үлэлэриттэн-хамнастарыттан бүтүн нэһилиэк дьылҕата тутулуктаах. Аны кинилэр үлэһиттэригэр уоппускаларын, сынньалаҥҥа айаннарын төлүүллэр, биэнсийэ уонна соцстрахование пуондаларыгар сыллата эбэһээт төлөбүр оҥороллор. Киин куораттары кытта тэҥнээтэххэ, кинилэр манна барытыгар икки бүк элбэх үбү барыыллар. Ол иһин урбаанньыттары хайаан да өйүөххэ наада.
Биһиги Арктика улуустарын олохтоохторун нолуоктартан босхолуур дьаһалбытын атын эрэгийиэннэр биһирээтилэр уонна бэйэлэригэр киллэрээри үөрэтэн эрэллэр.
Юрий Трутнев сорудаҕынан социальнай төлөбүрдэри аччатыы үлэтэ саҕаланна. Арктикаҕа олорооччу тус сирэйдэр дохуоттарыгар нолуогу (НДФЛ) киин куораттарга олорооччуттан кыраны төлүөхтээх.
Мантан ыла билиҥҥи Арктика эргимтэтигэр баар 5 улууска эбии 8 хотугу улуустары киллэрэри туруорсуохпут. Юрий Трутнев биһиги этиибитин өйүүр. Эрдэттэн этэбин, бу судургу дьыала буолбатах. Маны дойду Аҕа баһылыгын Ыйааҕынан эрэ быһаарыллар. Саха сирэ туруорсубута сүүрбэттэн тахса сыл буолла эрээри, улахан хамсааһын суох. Владимир Путин Арктика сайдыытыгар улахан болҕомтону уурар, онон өр кэмҥэ кыаллыбатах боппуруоһу ситиһиэхпит диэн эрэллээхпин.
Мин сүрүн соругум диэн, Арктика олохтоохторо чэпчэтиини сибилигин, тутатына билиэхтээхтэр. Аны 3-4 сылынан, баараҕай тутуулар, бөдөҥ бырайыактар үлэҕэ киирдэхтэринэ эрэ диэн буолбакка.
Родион КРИВОГОРНИЦЫН, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru