Ил Дархан э.т. Айсен Николаев бүгүн Мирнэй оройуонун Удачнай куоратын социальнай, промышленнай эбийиэктэрин көрдө. Бу туһунан кини бэйэтин “Твиттерыгар” таһаарда.
Санатан эттэххэ, Айсен Сергеевич бу күннэргэ Үөһээ Бүлүүгэ, Мирнэйгэ үлэлии сылдьар. Бэҕэһээ Мирнэйгэ мунньахтаабыта, социальнай эбийиэктэри көрбүт, “АЛРОСА” хампаанньа сыллааҕы түмүгүн таһаарар мунньаҕар кыттыбыта. “Хампаанньа Саха сиригэр урут даҕаны, билигин даҕаны ураты уонна улахан суолталаах. Бүддьүөппүт уахан аҥаара бу хампаанньаттан тутулуктаах. Онон “АЛРОСА” сайдыыта биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдыыта”, — диэн бэлиэтиир Айсен Николаев суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр.
“АЛРОСА” былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн 39,6 мөл. карат алмааһы хостообут. Ити иллэрээ сыллааҕыны кытары тэҥнээтэххэ, 6 % үрдүк көрдөрүү.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1