Айсен Николаев: “Суһаллык быһаарыныыны ылынарбыт ирдэниллэр”
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытыгар, өрөспүүбүлүкэ туруктаах буолуутугар мунньах ыытта. Айсен Сергеевич бырабыыталыстыба чилиэннэригэр, Ил Түмэн дьокутааттарыгар, олохтоох салайыныы уорганнарыгар туһаайан, быыһык кэмҥэ тирээн турар боппуруостар суһаллык быһаарыллан иһиэхтээхтэрин эттэ.
“2030 сылга диэри туруоруммут национальнай сыалбытын-сорукпутун барытын ситиһиэхтээхпит. Доруобуйа харыстабыла, дьон-сэргэ чөл туруктаах буолуута, нэһилиэнньэ олорор усулуобуйатын тупсарыы, үлэни-хамнаһы көдьүүстээхтик тэрийии, прдепринимательствоны, сыыппара эйгэтин сайыннарыы буоллун барытын олоххо киллэриэхтээхпит. Хас биирдии хайысхаҕа, эйгэҕэ инники күөҥҥэ тутар былааннарбытын бытаардарбыт, хааллаларбыт сатаммат”, – диэн туран кини, бастатан туран, судаарыстыбаны салайыыга уларыйыылар киириэхтээхтэрин бэлиэтээтэ.
– Тутатына этэбин, биһиги билигин атын кэмҥэ олоробут. Ол аата уруккубут курдук үлэбитин сүрүннүүрбүт табыллыбат. Хас күн аайы саҥа уларыйыылар киирэ тураллар, онно сөп түбэһиннэрэн үлэбитин-хамнаспытын ыытыахпытын наада, бытааран, олорон биэрэрбит сатаммат. Бастатан туран, судаарыстыбаны салайыыга уларыйыылар киириэхтэрин наада. Былаас толорор уорганнара бары суукканы толору да үлэлииргэ бэлэм буолуохтаахпыт. Быһаарыныыны ылыы түргэн буолуохтаах, докумуону сөпсөһүннэрии кылгас кэм иһигэр барыахтаах. Норуот дьокутааттара тирээн турар боппуруостары суһаллык быһаарыыга эмиэ көмө-тирэх буолуохтара диэн эрэнэбин. Ил Түмэҥҥэ сотору кэминэн бүддьүөт сокуонугар уларытыылары киллэрии барыаҕа. Ити сэргэ улахан эппиэтинэс олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар эмиэ сүктэриллэр, – диэн иһитиннэрэр Ил Дархан.
Аграфена КУЗЬМИНА