Айсен Николаев: «Социальнай гаастааһын — «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа тутаах бырайыага»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Норуот бырагырааматын биир сүрүн хайысхатынан социальнай гаастааһын бырайыагын олоххо киллэрии буолар. Ол туһунан бүгүн, олунньу 19 күнүгэр, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа отчуоттуур-быыбардыыр кэмпириэнсийэтин чэрчитинэн этиигэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев тыл эттэ.

«Бары олохтоох салааларга баартыйа бырайыактарынан координатордары быһаарыахха наада, ону сэргэ Норуот бырагырааматын хас биирдии хайысхатынан бигэргэтиэххэ наада. Холобур, биир маннык хайысханан социальнай гаастааһын бырайыага буолар. Дьон-сэргэ кинини олоххо киллэриигэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» сүрүн оруоллааҕын хайаан да билиэхтээх. Быйыл хайыы үйэ 2,5 тыһыынча дьиэҕэ гаас киириэҕэ, оттон 2030 сылга диэри 11 тыһыынчаттан тахса дьиэни-уоту гааска холбуур былаан баар.

Бу бырайыак үлэтэ уонунан тыһыынча олохтооххо тыын суолталаах буолан, «Сахатранснефтегаз» генеральнай дириэктэрэ Алексей Засимович Колодезников салалталаах баартыйа  кэккэтин хаҥаатыннарыан сөп дии саныыбын», — диэн бэйэтин этиитигэр Саха сирин баһылыга, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи салаатын сэкирэтээрэ Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Санатан суруйдахха, муус устар 21 күнүнээҕи федеральнай мунньахха Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьон олорор сирин кыраныыссатыгар диэри гаас утаҕын иһин олохтоохтор төлүө суохтаахтар диэн этиини өйөөбүтэ. Российскай Федерация сенатордара уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа дьокутааттара «Гаастааһын туһунан» сокуоҥҥа уларытыылары бэлэмнээбиттэр, онно социальнай дуогабары түргэтэтэр бырагыраама оҥоһулунна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0