Айсен Николаев Сииттэҕэ ойуур баһаарын умуруорууга эбии күүһү ыытарга сорудахтаата

Бөлөххө киир:

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев  Кэбээйи улууһун Сииттэтигэр ойуур баһаарын умуруоруу үлэтин хонтуруоллаата. Атын эрэгийиэннэртэн көмөҕө кэлбит исписэлиистэри,  олохтоохтортон умуруорууга үлэлии сылдьар дьону кытта көрүстэ.

Бүгүҥҥү  күҥҥэ Кэбээйи улууһугар уустук балаһыанньа үөскээбитэ. Тоҕо диэтэххэ,   сиринэн суол-иис мөлтөх буолан,  улуус сиригэр-уотугар ойуур баһаарын умуруорууга кэккэ ыарахаттардаах. Улууска  ойуур баһаара  ардаҕа суох кураанах этиҥнэртэн турбут. Хас даҕаны уот  Сииттэ аттыгар умайара, олор бүгүн  этэҥҥэ бохсуллубуттар.

Кэбээйи улууһун  баһылыга Иван Левин  иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ улуус сиригэр-уотугар 8 ойуур баһаара күөх дуолу мэҥиэстэр. Итилэртэн саамай кутталлаахтара Сииттэ аттыгар баар уот. Биир улахан баһаар Сангаар бөһүөлэгиттэн 4 км сиргэ  бохсуллубут. Улуус үрдүнэн уоту умуруорууга 235 киһи, 33 тиэхиньикэ үлэлиир.

Айсен Николаев балаһыанньаны билсэн баран, Сииттэ аттыгар баар баһаары умуруорууга эбии күүһү биэрэргэ сорудахтаата. Билигин араас сирдэргэ баһаары умуруорууга  Тюменьтан,  Амур уобалаһыттан, Тываттан көмөҕө кэлбит  исписэлиистэр, десантниктар үлэлииллэр. Кинилэр минерализованнай балаһалары бэлэмнииллэр уонна уоту утары икис уоту ыытарга үлэлэһэллэр. Бу саамай көдьүүстээх ньымалар буолаллар.

«Бу күннэргэ Сииттэ аттыгар  үлэни өссө күүһүрдүөхпүт. Тоҕо диэтэххэ, уот нэһилиэнньэлээх пуун аттыгар чугаһыа суохтаах. Иккиһинэн, Сииттэ сиригэр-уотугар оту бэлэмнээһин үлэтэ күүскэ барыахтаах. Атын улуустары отунан хааччыйыы боппуруоһа сытыытык турар. Сииттэ аттыгар толору үүнүүлээх ходуһа элбэх, олору хайаан да уоттан харыстыах тустаахпыт. Онон ойуур баһаарын умуруорууга биригээдэлэри сэргэ, эбии улахан кыамталаах тиэхиньикэлэри, вездоходтары кытыннарыахпытын наада. Бу күннэргэ ити тиэхиньикэлэр Дьокуускайтан уу суолунан тиэрдиллиэхтэрэ», — диэн  Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0