Айсен Николаев Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов аатынан түмэл-комплекса сырытта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах сэлиэнньэтигэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов аатынан түмэл-комплексын үлэһиттэрин кытары көрүстэ. 

«Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов аатынан түмэл-комплекса сылдьан үлэһиттэри кытары кэпсэттим. Кини олоҕо, хорсун быһыыта үүнэр көлүөнэҕэ холобур буолар. Бу билиҥҥи уустук кэмҥэ ордук суолталаах. Түмэл кэлэктиибигэр үлэлэрин иһин махтанабын», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Түмэл комплекса аан бастаан 1947 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта. Билигин манна 500 тахса экспонат баар, ол иһигэр Федор Попов тус маллара.

Сиһилии түмэл туһунан манна ааҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0