Айсен Николаев: “Сарсыҥҥылаах норуот түмсүүлээх”

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Бачча улахан сири-уоту тутан олорор дьон күннээҕинэн эрэ олорбокко, кэлэр уон, биэс уон, сүүс сылбытын тымтыктанан көрөрбүт наада. Ханнык баҕарар сарсыҥҥылаах норуот түмсүүлээх буолуохтаах, – диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев “Ил Дарханныын кэпсэтии” диэн “Саха” НКИХ биэриитигэр иһитиннэрдэ.

Биир үйэлээх устуоруйа

Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатын туһунан кэпсииригэр, биир үйэ анараа өттүгэр улуу дьоммут Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов нэһилиэнньэ үөрэҕэ, сайдыыта суох, улахан тутуу да барбатах кэмигэр өрөспүүбүлүкэбитин төрүттээбиттэрин, судаарыстыбаннаспытын тутан таһаарбыттарын, онон биһиэхэ улахан олугу, тирэҕи хаалларбыттарын санатан эттэ.

– Соҕотох тыа хаһаайыстыбатынан эрэ тардыһан олорбут омукка судаарыстыбаннас диэн тэриллиитэ сүрдээх улахан суолталаах. Оччоттон бэттэх Арассыыйаны кытары биир суолга турунан, сүүс сыл устата кыайыылаах-хотуулаах да, хомолтолоох да суолунан ааһан кэллибит. Өрөспүүбүлүкэбит билигин Арассыыйа биир улахан эрэгийиэнэ уонна дойдубут биир тирэнэр тирэҕэ буолла. Бырамыысыланнаспытынан даҕаны, култуурабытынан даҕаны. Өскөтүн биир үйэ анараа өттүгэр биирдиилээн эрэ дьоммут өрөспүүбүлүкэ инникитин түстүүр буоллахтарына, билигин бука бары дойдубут сайдыытын, инники суолун тымтыктанан көрөр кыахтанныбыт. Инникитин да Арассыыйа биир күүстээх субъега буолар бары кыахтар барыта биһиэхэ бааллар, – диэн иһитиннэрэр кини.

Ил Дархаммыт этэринэн, бу үбүлүөйдээх сылга аҥаардас сүүс сыллаах устуоруйабыт эрэ туһунан кэпсэппэккэ, инники бы­­лааммытыгар сүрүн болҕомтобутун уурарбыт наада.

Сүүс сыллаах былаан

Саха сирэ сиринэн-уотунан Уһук Илин эрэгийиэнин улахан аҥаарын ылар. Ол да иһин Уһук Илин федеральнай уокурукка да, Арассыыйаҕа бүтүннүүтүгэр да болҕомто киинигэр сылдьар. Онон өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыытын бэйэбит түстүүрбүт, былаанныырбыт ирдэниллэр.

– Биһиги курдук киэҥ-куоҥ сирдээх-уоттаах өрөспүүбүлүкэ, эрэгийиэн ханна да суох. Индия курдук улахан дойдуну кытары сирбит иэнинэн тэҥмит. Онон бачча сири-уоту тутан олорор дьон күннээҕинэн эрэ олорорбут табыллыбат. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит инникитин сайдан баран иһиэн баҕарар буоллахпытына уон, биэс уон, сүүс сылбытын эрдэттэн эрдэ былааннанан ­иһиэхтээхпит. Манна хайаан даҕаны чуолкай былаан оҥоһуллан үлэлии олоруохтаах диэн буолбатах, биир улахан сыал-сорук баар буолуохтаах. Ол сүрүн сыалбыт-сорукпут биһиги бигэ туруктаах буолуубутугар сытар. Онуоха омугуттан, сааһыттан тутулуга суох Саха сирин олохтоохторо бары биир сомоҕо буолан, биир санаанан салайтаран үлэлиэхтээхпит. Сирбит-уоппут баай. Бу баайбытыттан тирэнэн билигин биһиги дьон өйүн-санаатын баайын сайыннарыахтаахпыт. Ону сайыннардахпытына, инники сүүс сылга бигэтик олоруохпут диэн эрэллээх буолуох этибит, – диэн бэлиэтиир Айсен Сергеевич инники былаан туһунан кэпсииригэр.

Кини иһитиннэрбитинэн, билигин сүүс сыллаах былааны оҥорууга ыччаттар ылсыбыттара кэрэхсэбиллээх. Ити курдук уопсастыбаннас хамсанан бэйэтин этиитин киллэрэн иһэрэ наада.

– Айти-технологияҕа, креативнай индустрияҕа үлэлии сылдьар эдэр дьон бэйэлэрэ тыллананнар, Платон Ойуунускай “Сүүс сыллаах улуу былаанын” батыһаннар кэлэр сүүс сылга өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ, оро­йуоннар, улуустар хайдах оло­руохтаахтарын былаан­наан эрэллэр. Билигин хас биирдии улууһу барытын кэри­йэн, дьону-­сэргэни кытары көрсөн ­этиилэри хомуйа сылдьаллар, бэйэлэрэ үгүс кэпсэтиини та­­һаараллар. Бу сыл бүтүөр диэри былааммытын көрдөрүөхпүт, иһитиннэриэхпит диэн этэллэр. Ыччаттар итинник санааны ылыммыттарын тус бэйэм олус биһирээтим. Ити курдук уоп­­састыбаннас, хас биирдии эйгэнэн этиилэри киллэрэллэрэ буоллар, барыбытыгар да туһалаах буолуох этэ.

Мин санаабар, билигин үбүлүөйдээх сылбытыгар биир үйэлээх устуоруйабытын эрэ кэпсэппэккэ, инники былааммытын болҕомтоҕо ылан кэпсэтэрбит наада. Сүүс сылынан хайдах, туох сайдан олоруохпутуй диэн кэпсэтии өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн барыахтаах. Холобур, бу соторутааҕыта ийэлэри кытары көрсүбүтүм. Көрсүһүүгэ ийэлэр олус элбэх этиини киллэрбиттэрэ, үөрэхтэн, үлэлээх буолууттан, доруобуйа харыстабылыттан саҕалаан кыыс оҕону иитиигэ, социальнай көмүскэллээх буолууга тиийэ.

Ханнык баҕарар кэпсэтии түмүктээх буолуохтаах. Кэпсэтии, мөккүөр түмүгэр туох эрэ интэриэһинэй, санаабатахпыт да күөрэйэн тахсыан сөп. Холобур, айар дьоммут хоһоон, кинигэ да суруйан, киинэ да устан таһаарыахтарын сөп. Онон бу үбүлүөйдээх сылга бары бүттүүн ылсан өрөспүүбүлүкэбит инникитин түстүөхпүтүн баҕарабын, – диэн иһитиннэрэр кини.

Аан дойду үрдүнэн глобализация, сайдыы балысханнык бара турар кэмигэр тылбытын-өспүтүн, литературабытын, култуурабытын, үгэспитин хайдах харыстыыбытый?

Сайдыы сыарҕатыгар олорсон

Бу боппуруоска хоруй­даан Ил Дархан сайдыы балысханнык барарыттан, аныгы технология киирэриттэн биһиги куттаныа суохтаахпытын, төттөрүтүн сайдыыны, технологияны бэйэ туһатыгар эргитэ тардан култуурабытын, үгэспитин, тылбытын сайыннарыахтаахпытын этэр.

– Технология сайыннаҕына омук сүтэр диэн сыыһа өйдөбүл баар. Кырдьык, глобализация омугу биир халыыпка киллэрэр кутталлаах. Ол эрээри улахан омуктары ылан көрдөххө, технологияҕа тирэҕирэннэр бэйэлэрин тылларын-өстөрүн, үгэстэрин, култуураларын сайыннара олороллор. Мин санаабар, итини биһиги эмиэ туһаныахтаахпыт. Холобур, билигин интэриниэккэ оҕолорбутун сахалыы үөрэтэр ньымабыт аҕыйах. “Ютуб” ха­­наалга билигин оҕолор мультфильмнара барыта нууччалыы эбэтэр английскайдыы барар. Бу боппуруос турбута ыраатта. Тоҕо биһиги ону сахатыппаппытый? Манна даҕатан эттэххэ, 2019 сыллаахха тылы харыстыыр анал бырагыраама ылынаммыт, былырыыҥҥыттан бу эйгэҕэ үлэлэһэн эрэбит. Былырыын 50 мөлү­йүөн солкуобай көрүллүбүт эбит ­буоллаҕына, быйыл 40 мөлүйүөн солкуобайы көрөн оҕо сахалыы тылын са­­йыннарарыгар интэриниэт нөҥүө биэриилэри саҕалыырга олук уурдубут.

Иккиһинэн, тылы харыстыыбыт, үгэспитин тутан хаалабыт диэн этэбит, ити биир үксүн бэйэбититтэн эмиэ тутулуктаах. Аҥаардастыы судаарыстыбаҕа эрэ соҥнуур тутах. Ийэ тылбыт күнүгэр манна анал этиилэрбин иһитиннэрэн турабын. Онно, саамай сүрүнэ, биһиги тылбыт эйгэтин кэҥэтиэхтээхпит диэн бэ­­лиэтээбитим. Онуоха биир сүрүн миэстэни куораттарга сахалыы тыыны киллэрии барыах­таах. Саха тылын үөрэтии ­аҥаардас улуустарга эрэ буолбакка, киин куоракка эмиэ күүскэ барыах­таах. Төрөппүттэр оҕолорун сахалыы үөрэтэр баҕалаах ­буоллахтарына, оскуолаҕа хайаатар да сахалыы кылаастар, сахалыы үөрэтии баар буолуохтаах. Холобур, Саталга киириэхтээх оскуола сахалыы буолуох­таах дии саныыбын.

Аны туран култуурабытыгар, үгэспитигэр кэллэхпитинэ, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быйылгы сылы Арассыыйа но­­руоттарын култуураларын үйэлээх баайдарын сылынан биллэрэн биһиэхэ улахан суолу аста. Биһиги итинэн туһанан бэйэбит култуурабытын Арассыыйаҕа, аан дойдуга таһаарыахтаахпыт. Ыһыахпытын, олоҥхобутун биһиги курдук хаалларбыт, сайыннара олорор омук аҕыйах. Икки сыл дьаҥынан сибээстээн ыһыахпытын ыыппатыбыт, быйыл улахан үбүлүөйдээх ыһыахпытын ыытыахпыт диэн эрэллээхпин. Ити биһиэхэ, саха дьонугар, олус улахан суолталаах, – диэн бэлиэтиир Айсен Сергеевич.

Итини бэлиэтээн туран кини биһиги күүспүт сомоҕолоһууга, түмсүүгэ сытарын этэр.

Сомоҕолоһуу — олохпут ирдэбилэ

– Ханнык баҕарар сарсыҥҥылаах норуот түмсүүлээх буолуохтаах. Киһи аймах тыһыынчанан сыллаах устуоруйатын да ылан көрдөххө, түмсүүтэ суох омук үйэлэри уҥуордаабакка ыһыллан хаалар түгэннэрэ бааллар. Сомоҕолоһуу суох буолла да норуот уһаабат.

Билиҥҥи кэмҥэ түмсүүлээх буоларбыт бу олохпут ирдэбилэ буолла. Сомолостохпутуна эрэ инникилээх буолуохпут. Сайдар суолбут, сахаларбыт диэн хаалларар сарсыҥҥыбыт сомоҕолоһууга сытар. Хас биирдии киһи итини өйдүөн наада. Билигин кыра ­аайыттан нэһилиэккэ да, ­улууска да, өрөспүүбүлүкэҕэ да араас хайдыһыы тахсарын көрөбүн. Ити кыра хайдыһыылар улахаҥҥа тиэрдиэхтэрин сөп. Онон итини өйдөөн-дьүүллээн көрөрбүт наада.

Ол эрээри мин итэҕэйэбин, норуоппут муудараһыгар. Кыһалҕа тирээн кэллэҕинэ, биһиги норуоппут сомоҕолоһор, түмсэр кыахтаах. Ааспыт сайыҥҥы ыксаллаах быһыыга-майгыга да буоллун, барытыгар биһиги биир санаалаахпытын көрдөрөр кыахтаахпыт. Төһө да улахан баһаардар барбыттарын үрдүнэн, биһиги уон оччонон элбэх сири, нэһилиэги быыһаатыбыт, сомоҕолоспуппут, түмсүбүппүт түмүгэр. Онон биһиги айылҕабытыгар бэриниилээхпитин, хайдах курдук сир ийэбитин харыстыырбытын көрдөрдүбүт. Ол эрээри, кыһалҕаҕа эрэ буолбакка, биһиги күннээҕи олохпутугар эмиэ биир сомоҕо буоларбыт наада. Оччотугар биһиги куруук кыа­йыылаах буолуохпут, – диэн иһитиннэрэр Ил Дархаммыт Айсен Николаев.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ»

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0