Айсен Николаев Сайсарытааҕы уокурукка отчуоттаата

Ааптар: 
12.01.2018
Бөлөххө киир:

Ааспыт 2017 сыллаах үлэ-хамнас туһунан дьаһалта баһылыгын үгэс буолбут отчуота киин куоракка быйыл эрдэ саҕаланна.

edersaas.ru.

Куорат баһылыга Айсен Николаев Сайсарытааҕы уокурук олохтоохторун иннилэригэр отчуотун хайы-үйэҕэ оҥордо. Сыл устата туох үлэҕэ ыытыллыбытын туһунан сүрүн иһитиннэрии кэнниттэн мунньах сэһэргэһии, ыйытыыларга хардарыы бэрээдэгинэн ыытылынна. Олохтоохтор кыбаарталлары кэлим сайыннарыы, тиэргэннэри тупсарыы, көҕөрдүү, уулуссалары өрөмүөннээһин уонна оптуобус сылаас тохтобулларын оҥоруу үлэтэ хайдах былааннанарын тоһоҕолоон сурастылар. Уокурукка маассабай спорду сайыннарарга спортивнай комплекс, спортивнай былаһааккалар наадаларын эттилэр. Маяковскай аатынан уулуссаҕа 1970-с сс. тутуллубут оҕо библиотекатын үлэһиттэрэ библиотека дьиэтэ эргэрбитинэн, саҥа дьиэни тутарга туруорсубуттарыгар, Айсен Сергеевич бу боппуруос хонтуруолга сылдьар, чугастааҕы сылларга быһаарыллыаҕа диэтэ. Маршрутнай оптуобустар өҥөлөрүн хаачыстыбатын тупсарыыга элбэх этии киирдэ. Ол курдук, үгүс суоппардар дьоҥҥо куруубайдык сыһыаннаһаллара, айан кэмигэр төлөпүөнүнэн кэпсэтэллэрэ, тохтобулларга олус уһуннук тураллара бэлиэтэннэ. Онуоха куорат баһылыга пассажирдар бэйэлэрэ эмиэ көхтөөх позициялаах буолаллара наадатын ыйда, тустаах суоппарга миэрэ ылар туһугар кэһиилэри бэлиэҕэ ылан, үҥсүүнү уокурук дьаһалтатыгар официальнайдык түһэрэргэ сүбэлээтэ.

Сыл устата ыытыллыбыт үлэ-хамнас сыанабылыгар үгүс махтал тыллара этилиннэ. Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт дириэктэрин солбуйааччы Лев Ли Мерзлотнай уулусса элбэх кыбартыыралаах дьиэлэригэр олорор дьон ааттарыттан сайын бу түөлбэҕэ тиэргэннэри кэлимник тупсарыыга, оҕо оонньуур былаһааккаларын, сынньанар итиэннэ массыыналары туруорар сирдэри оҥорууга, суолу-ииһин асфаллааһыҥҥа элбэх үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээтэ. 34 №-дээх анал (коррекционнай) оскуола Билибин аатынан уулусса 14 №-гэр саҥа таас дьиэҕэ көһөрүллүбүтүн иһин бу оскуола иитэр-үөрэтэр үлэһиттэрэ махтаналларын биллэрдилэр. Бэтэрээннэр сэбиэттэрин чилиэнэ Татьяна Кривкова чахчы үгүс үлэ ыытыллыбытыгар бэлиэтээтэ. Ити курдук, уокурук олохтоохторо куорат дьаһалтатын ааспыт сыллаах үлэтин-хамнаһын үрдүктүк сыаналаатылар, үүммүт сылга өссө элбэх ситиһиилэри баҕардылар.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0