Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторугар туһаайан эттэ

Бөлөххө киир:

Бүгүн, кулун тутар 17 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторугар туһаайан этиилээх таҕыста.

Былырыын коронавирус пандемията өрө туран аан дойду олоҕун уларыппыта. Бүгүн Саха сирин олохтоохторо үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимигэр олорбуппут лоп бааччы биир сыл буолла. Хас биирдиибит чугас дьоммутун кытта көрсөн кэпсэтэрбит, дьарыктанарбыт хааччахтанар буолбута. Үгүс киһи урбаанын тохтотон дохуотун сүтэрбитэ. Бу ыарыы аан дойду үрдүнэн 2 мөлүйүөн 700 тыһыынча киһи олоҕун ылла, ол иһигэр 539 Саха сирин олохтооҕун тыына быстыбыта барыбытыгар улахан сүтүк буолар. Бу алдьархай ааннаабыт ыалларыгар дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит.

Бэрэсидьиэммит Владимир Владимирович Путин сорудаҕынан, федеральнай киинтэн улахан көмө көрүллүбүтэ. Коронавируһу бохсууга 11 миллиард солкуобай — 7,5 миллиард солкуобай федеральнай бүддьүөттэн уонна 3,5 миллиард солкуобай өрөспүүбүлүкээтэҕи бүддьүөттэн тыырыллыбыта. 2020 сыллаахха 5 мөлүйүөнтэн тахса суума орто уонна дьоҕус урбааны, үлэтэ суох хаалбыт дьону өйөөһүҥҥэ анаммыта. Тэрилтэлэрбит улахан көмөнү оҥорбуттара. Холобура, «АЛРОСА» үлэлиир оройуоннарыгар 800 мөлүйүөн солкуобай суумалаах мэдиссиинискэй оборудованиены, эми-тому атыыласпыта.

Мэдиссиинэбит систиэмэтэ коронавируһу бохсууга көдьүүстээҕин дакаастаата. Аҕыйах кэм иһигэр стационардар тэриллибиттэрэ. Дьаҥҥа сутуллубуттара анаан оройуоннарга, куораттарга 3 100 куойкаҕа тиийэ миэстэни бэлэмнээбиттэрэ. Лабораториялар үлэһиттэрэ 800 600-тэн тахса тести чинчийбиттэрэ биллэр. Саамай ыраах сытар нэһилиэккэ тиийэ обсерватордар тэриллибиттэрэ, нэһилиэнньэ наадалаах эминэн, харыстанар малынан хааччыллыбыта.

Үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимигэр туох баар күүспүтүн, хамсаныыбытын сомоҕолоон салгыыбыт. Экэниэмикэ бигэ туруктаныытын эрэ буолбакка, туруоруммут сыалларбытын ситиһэргэ дьулуһабыт.

Билигин ыарыы намтааһынын туһунан этэр эрдэ. Бу дьаҥы кыайарга биһиэхэ маассабай вацинация көмөлөһүөҕэ. Биһиэхэ вакциналар кэлэ тураллар, улуустарынан тарҕаналлар. Вакцинаны ылыы систиэмэтэ олус судургу.

Кулун тутар 15 күнүттэн хааччахтааһын миэрэлэригэр сымнатыылары киллэрбитим. Ол эрээри, эрэсиим ый бүтүүтүгэр диэри салҕанар.

Дьаҥ барыбытын тулуурдаах буолууга улаханнык тургутан көрдө. Күүстээх санаалаах, түмсүүлээх, бэйэ-бэйэбитин өйөһөр буоламмыт хаһан даҕаны көрсүбэтэх моһоллорбутун ааһан эрэбит. Чэбдигирии сылыгар өссө ордук сомоҕолоһон, бар дьоммут туруктарыгар убаастабыллаах сыһыаны олохтуохха.

Күндү биир дойдулаахтарым, эһиги эр санааҕыт уонна өйөбүлгүт иһин мин бука барыгытыгар махтанабын. Кытаанах доруобуйаны, бигэ туругу баҕарабын.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0