Айсен Николаев Саха сирэ “АЛРОСА-ҕа” ылар өлүүтүн аччаппатын туһунан иһитиннэрдэ

Ааптар: 
11.03.2020
Бөлөххө киир:

“АЛРОСА” алмаастаах хампаанньаҕа уопсайа 33 бырыһыан кээмэйдээҕи хонтуруоллуур Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна улуустара (оройуоннара) хампаанньаҕа бэйэлэрин өлүүлэрин аччатар былааннара суох. Бу туһунан “АЛРОСА” төлөпүөнүнэн ыыппыт кэмпириэнсийэтигэр Айсен Николаев иһитиннэрдэ.


“Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Саха сирин оройуоннара (улуустара) чугастааҕы кэмҥэ бүгүн “АЛРОСА” хампаанньа устааптаах хапытаалыгар уопсай кээмэйинэн 33 % тэҥнэһэр өлүүлэрин аччатар санаалара суох”, — диэтэ кини.
2017 сылга судаарыстыба 2019 сылга диэри “АЛРОСА” хапытаалыгар кыттар 29 % плюс 1 аахсыйа өлүүтүн аччатарга былааннаабыта, ол эрээри бу тиэмэни дьүүллэһии ырыынакка бөрүкүтэ суох балаһыанньанан тохтообута. Маныаха Саха сирин былаастара “АЛРОСА” хапытаалыгар хонтуруоллуур өлүүнү судаарыстыбаҕа хаалларары наадалааҕынан аахпыттара.
Судаарыстыба Росимуществоны сирэйдээн “АЛРОСА” аахсыйатын 33,02 % бас билэр, ону тэҥэ 25 % аахсыйалаах Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна 8% бас билэр Саха сирин улуустара (оройуоннара) аахсыйалаахтарынан буолаллар. Көҥүл туттууга аахсыйа 34% баар.
“АЛРОСА” таастарын атыылаһыы туһунан
Эрэгийиэн баһылыга “АЛРОСА” алмаастаах сырьетун сорох чааһын Гохраҥҥа батарыы олохтоммут сценарий буолбатах, ол эрээри, бу миэрэ ырыынакка алмааска наадыйыы аччаатаҕына, туһаныллыан сөп, диэтэ.
“Арассыыйа Гохраныгар таастары атыылаһан ылыы – маннык буолуон сөп, ол эрээри маны базовай сценарий быһыытынан көрөр табыллыбат. Үп уонна табаар ырыынагар кэнники тахсыбыт түгэннэринэн сибээстээн, алмааска наадыйыы биллэрдик аччыаҕа, биһиги 2008 сыллаахха буолбут курдук РФ Гохраныгар сорох өлүүтүн атыылаһан, хампаанньаны өйөөһүн барылын хайдаҕын да иһин, көрөр туһунан РФ үпкэ министиэристибэтигэр, РФ бырабыыталыстыбатыгар туруорсарбыт буолуо дии саныыбын”, — диэтэ кини.
Николаев алмаас ырыынагар бэрдэ суох коньюнктура усулуобуйатыгар, Саха сирэ бэйэтин бүддьүөтүгэр ботуччу сууманы сүтэриэн сөптөөх кэмигэр, Гохраҥҥа алмааһы атыылаһыыны судаарыстыба өйөбүлүн курдук сыаналыахха сөбүн эттэ. РФ үбүн миниистирэ Алексей Моисеев Саха сирэ Үп министиэристибэтигэр туруорсуутун сөптөөх этии быһыытынан сыаналаата уонна боппуруос бүддьүөккэ сааскы көннөрүүлэри бэлэмнээһиҥҥэ көрүллүөҕэ диэн эрэннэрдэ.
Гохран бүтэһигин 2009 сыллаахха, ырыынакка атыылаһыы олох тохтоон турар кэмигэр, алмаас сырьетун биллэр кээмэйин атыыласпыта. Гохраҥҥа сыаналаах металлары уонна сыаналаах таастары атыылаһыы лимиитэ 2020 сылга 10,5 млрд солкуобайга тэҥнэһэр.
“АЛРОСА” аан дойдуга алмааһы хостуур үс бөдөҥ хзампаанньа иһигэр киирэр. Кини аан дойду кээмэйинэн алмааһы хостооһуҥҥа ылар өлүүтэ 25 % тэҥнэһэр, өссө 6 % Анголаҕа Catoca тэрилтэҕэ тиксэр, манна “АЛРОСА” 41 % бас билэр. Хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар, Архангельскай уобаласка, ону тэҥэ Анголаҕа хостуур.

ТАСС матырыйаала.
Хаартыска: саханьюс сайтыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0