Айсен Николаев: саха литературата татаардыы, татаар айымньылара сахалыы саҥардылар

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 22-25 күннэригэр Саха сиригэр Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин күннэрэ ыытыллыбыттара. Ил Дархан Айсен Николаев этэринэн, култуура, литература эйгэтигэр үгүс бырайыак олоххо киирбитэ икки эрэгийиэн бииргэ үлэлэһиитигэр төһүү буолар.

Санатан эттэххэ, былырыын Казань куоракка Саха сирин күннэрэ ыытыллыбыттара. Манна Саха сирин улахан дэлэгээссийэтэ кыттыбыта.

Биһиги бу тэрээһини ыытар туһунан былырыын Татарстан Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар Казань куоракка Саха сирин күннэрин ыыта сылдьан кэпсэппиппит. Экэниэмикэ үгүс эйгэтигэр кэпсэтиилэр, “төгүрүк остуоллар”, быыстапкалар буолбуттара. Биһиги бэйэбит бырайыактарбытын иһитиннэрбиппит. Оттон быйыл Татарстан улахан дэлэгээссийэнэн кэлэн биһиэхэ өрөспүүбүлүкэлэрин күннэрин ыыттылар. Экэниэмикэ боппуруостарыгар улахан кэпсэтии таҕыста. Холобура, былырыыҥҥы дуогабарбытын салҕаан быйыл “КамАЗ” хампаанньаны кытары үлэбитин салҕаатыбыт. Ону сэргэ ыгыллыбыт гааһы туһаныыга, айти-технологияҕа үлэ барда, – диэн этэр Ил Дархан.

Айсен Николаев биэрии кэмигэр култуураҕа, литератураҕа улахан үлэ барбытын иһитиннэрдэ.

Манна култуура өттүгэр улахан кэпсэтии барбытын бэлиэтиэм этэ. Мин санаабар, айар идэлээх дьон бииргэ үлэлэһэллэрэ олус хайҕабыллаах дьыала. Холобур, суруйааччылар бииргэ үлэлэһэн татаар литературата сахалыы тылбаастанан, ону таһынан сахалыы айымньылар татаардыы таҕыстылар. Музейдар, университеттар бииргэ үлэлээн эрэллэр. Мин онтон үөрэбин. Хаһан баҕарар маннык бииргэ үлэлээһиннэр ыытыллаллара эрэгийиэннэр сайдыыларыгар төһүү күүс буолар, – диэн бэлиэтиир Айсен Сергеевич.

Түмүккэ: “Татарстан бэрэсидьиэнэ Рустам Минниханов ыһыахха сылдьан баран, өрөспүүбүлүкэтигэр тиийэн сабантуйу атыннык ыытыахха диэн этии киллэрбитэ биһиэхэ улахан сыанабылынан буолар. Биһиги бииргэ үлэлэһиибитин салгыы да өссө бөҕөргөтөн иһиэхпит. Ону таһынан атын эрэгийиэннэри кытары эмиэ үлэлэһэр былааннаахпыт”, – диэн иһитиннэрдэ.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0