Айсен Николаев пресс-сэкирэтээрэ: «Мэр сибиинньэ этигэр орооһо илик»
Бу күннэргэ Whatsapp ситимигэр, Дьокуускай куорат мэрэ оскуола остолобуойдарыгар сибиинньэ этин буһаралларын бобортон аккаастанна диэн ис хоһоонноох сурук тарҕанна.Салҕыы тоҕотун быһаарбыт. Ол курдук, Саха сиригэр араас омуктар кэлэн олохсуйаллар. Мусульманнар Дьокуускайга кэлбиттэрин өйдүөхтээхтэр уонна олохтоох дьон сиэринэн олоруохтаахтар. Сахалар буолбакка, кинилэр сиэр-майгы өттүнэн уларыйыахтаахтар. Ханнык баҕарар атын норуоттар бэйэлэрин култуураларын өрө туталларын курдук, сахалар эмиэ туспа үгэстэрдээхтэр, онтон аккаастанар санаалара суох. Өскөтүн мусульманнар Саха сиригэр бэйэлэрин көҥүл сылдьыбат курдук сананар буоллахтарына, аан дойдуга 57 мусульманскай дойду баар, үгүстэрэ аҕыйах нэһилиэнньэлээхтэр, үөрүүнэн көрсүөхтэрэ, онно барыахтарын сөп диэн ис хоһоонноох.
Бу боппуруоска куорат мэрэ Айсен Николаев тус санаатын билэргэ соруннубут. Мэр пресс-сэкирэтээрэ Ирина Ефимова маннык официальнай, кылгас харда биэрдэ: “Ити Айсен Сергеевич этиитэ буолбатах. Мэр оскуолаларга сиэниллэр сибиинньэ этигэр орооһо илик. Тарҕаммыт тиэкискэ болҕомтотун уурбата. Ким суруйбутун көрдүүр, бириэмэни халтай ыытар санаата суох”.
Манна даҕатан эттэххэ, бу — иккис сылын тарҕанар, бары дойдулар мэрдэригэр сыбанар информация. Маҥнай икки-үс сыллааҕыта Канада Квебек куоратын мэрэ итинник этиитин тарҕаппытара. Ол да сымыйата-кырдьыга биллибэт. http://www.liveinternet.ru/users/jostr/post374052633/
Людмила ПОПОВА.