Айсен Николаев: оптимизация – үлэ миэстэтин сарбыйыы буолбатах
“Оптимизация диэн үлэ миэстэтин сарбыйыы буолбатах”, — диэн иһитиннэрэр Ил Дархан э.т. Айсен Николаев Мэҥэ Хаҥаласка сырыытын кэмигэр.
Айсен Николаев Мэҥэ Хаҥаласка Аллараа Бэстээххэ, Төҥүлүгэ, Майаҕа сылдьан социальнай эбийиэктэри кэрийдэ. Майаҕа тутуллубут саҥа оҕо саадын, култуура дьиэтин көрдө. Д.Ф.Ходулов аатынан Майатааҕы култуура дьиэтин салайааччыта Спиридон Григорьев саҥа култуура дьиэтин туруорсубутун таһынан, үлэ миэстэтин сарбыйыы тыа сиригэр кыаллыбатын эттэ. “Билигин тыа сиригэр үлэ суох, дьону үлэлэриттэн ууратар кыаллыбат. Оптимизацияны ыытарга атын хайысха баар дуо?”, — диэн ыйытар кини.
“Стратегическэй чинчийии киинэ эһиэхэ рекомендация эрэ биэрэр. Ону эһиги бэйэҕит көрөн быһаарыныы ылыахтааххыт. Оптимизация диэн хайаатар да үлэ миэстэтин сарбыйыы буолбатах. Үлэ хаачыстыбатын тупсарыы буолуохтаах”, — диэн этэр Айсен Сергеевич.
Аграфена Кузьмина, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru