Айсен Николаев: «Олохтоох оҥорон таһаарыы сайдарыгар саҥа кыахтар арыллаллар»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ, муус устар 7 күнүгэр, олохтоох оҥорон таһаарыы сайдыытын тула мунньаҕы ыытта. Манна тустаах министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, тэрилтэлэр салайааччылара, урбаанньыттар уонна табаары оҥорон таһаарааччылар кытыннылар.
«Бүгүҥҥү кэпсэтии — эрэгийиэҥҥэ оҥорон таһаарыы сайдыытыгар үлэ саҕаланыыта эрэ. Хас биирдии хайысханы туһунан ылан ырытыахха наада. Оҥорон таһаарыынан дьарыктанар урбаан кыахтанарыгар уонна сайдарыгар көмөлөһүөххэ наада», — диэн Айсен Николаев эттэ.

Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ олохтоох оҥорон таһаарыы сайдарыгар улахан кыахтар бааллар. Олох саҥа усулуобуйаларыгар эти, үүтү оҥорон таһаарыыга, мүөтү, эмтээх үүнээйини хайысхаларын улаатыннарыахха сөп.

«Хаачыстыбалаах уонна наадалаах бородууктаны ылар туһуттан туохха инвестицияны оҥорорбутун быһаарыахха наада. Урбааны кыттыһыннаран туран маны быһаарыахха», — диэн Айсен Николаев этэр.

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров Саха сиригэр эттэн оҥорон таһаарыыга хааччыллыы миэрэлэрин иһитиннэрдэ. Эттэн оҥорон таһаарааччылары өйүүр былаан баар, маныаха 70 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт. Ыам ыйын бүтүүтүгэр диэри улуустарынан испииһэк биллиэхтээҕин туһунан эттэ.

Быйыл 815 туонна ынах этин, 284 туонна сылгы этин оҥорон таһаарар былаан баар.

«Сахабулт» тэрилтэ баазатыгар чэпчэки бырамыысыланнас өрөспүүбүлүкэтээҕи кластерын тэрийэр туһунан Михаил Никифоров этиитин Ил Дархан Айсен Николаев өйөөтө. Итиэннэ «Сделано в Якутии» түмсүү салайааччытын, «Камелек» хампаанньа дириэктэрин Ольга Григорьева туойу хостуурга үлэлэри ыытар санаатын эмиэ өйөөтө.

Мунньах түмүгүнэн Михаил Никифоровка хайысхаларынан үлэлииргэ мунньахтары тэрийэргэ сорудахтанна. Оттон Экэниэмикэ министиэристибэтэ оҥорон таһаарааччылары систиэмэлээхтик өйүүргэ этиилэри бэлэмниэҕэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үбүлэниэн сөптөөх улахан бырайыактар испииһэктэрин, ол иһигэр Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын сайдыытын торумун оҥоруоҕа. Оттон Урбаан уонна Инновация министиэристибэлэригэр информационнай платформалары тэрийэргэ сорулунна.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Андрей Сорокин хаартыскалара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0