Айсен Николаев: Ойуур баһаарын иэнэ быйыл быдан аҕыйах

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл федеральнай үбүлээһин хас да бүк эбиллибитин, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн эбии үп көрүллүбүтүн түмүгэр ойуур баһаардара быдан аҕыйахтар.

Баһаарынайдар ахсааннара элбээн, халлаантан кэтиир сөмөлүөт чааһа хаҥаан, 160-тан тахса саҥа тиэхиньикэ ылыллан, саҥа турбут уоту бастакы икки сууккаҕа умуорууруу лаппа кыаллыбыт.

Ил Дархан этэринэн, өскөтө баһаар ахсаана быйыл сайын 3 төгүл аҕыйаабыт буоллаҕа, уот сиэбит сирин-уотун иэнэ 14 төгүл кыра. 2017 сыллаахтан ыытыллар кэтээн көрүү көрдөрөрүнэн, бу сайын уот сиэбит ойуурун иэнэ хаһааҥҥытааҕар да аҕыйах эбит.

Айсен Николаев зондировщик-сөмөлүөт үлэтин түмүгүн үтүөнэн сыаналаата. Ордук сөмөлүөт үлэлээбит ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар баһаар аҕыйах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0