Айсен Николаев: Ойуур баһаарын иэнэ быйыл быдан аҕыйах
Быйыл федеральнай үбүлээһин хас да бүк эбиллибитин, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн эбии үп көрүллүбүтүн түмүгэр ойуур баһаардара быдан аҕыйахтар.
Баһаарынайдар ахсааннара элбээн, халлаантан кэтиир сөмөлүөт чааһа хаҥаан, 160-тан тахса саҥа тиэхиньикэ ылыллан, саҥа турбут уоту бастакы икки сууккаҕа умуорууруу лаппа кыаллыбыт.
Ил Дархан этэринэн, өскөтө баһаар ахсаана быйыл сайын 3 төгүл аҕыйаабыт буоллаҕа, уот сиэбит сирин-уотун иэнэ 14 төгүл кыра. 2017 сыллаахтан ыытыллар кэтээн көрүү көрдөрөрүнэн, бу сайын уот сиэбит ойуурун иэнэ хаһааҥҥытааҕар да аҕыйах эбит.
Айсен Николаев зондировщик-сөмөлүөт үлэтин түмүгүн үтүөнэн сыаналаата. Ордук сөмөлүөт үлэлээбит ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар баһаар аҕыйах.
0
0