Айсен Николаев: «Оҕону иитиигэ-такайыыга төрөппүттэр – ийэ уонна аҕа сүҥкэн сабыдыаллаахтар»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха сиригэр Ийэ күнүнэн уонна быйыл аан бастаан бэлиэтэнэр Арассыыйаҕа Аҕа күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Бэрэсидьиэн Владимир Путин Ыйааҕынан олохтоммут, дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөр уонна оҕолору иитиигэ аҕа буолуу суолтатын үрдэтэр Аҕа күнэ Саха сиригэр 1993 сылтан бэлиэтэнэр Ийэ күнүн кытта биир күҥҥэ түбэспитэ бэлиэ түгэн.

Дьулурҕатык уларыйар аныгы кэмҥэ хас биирдии обургу саастаах уонна эдэр киһиэхэ сиэр-майгы, тутта-хапта сылдьыы өттүнэн чопчу өйдөбүллээҕэ кини тус көрүүлээх, бигэ санаалаах буоларыгар, бэйэтин гражданин быһыытынан билинэригэр дьоһун суолталаах.

Онуоха оҕону иитиигэ-такайыыга төрөппүттэр – ийэ уонна аҕа сүҥкэн сабыдыаллаахтар. Ийэ барахсан оҕотун өрүү көмүскүүр, сылаас сыһыанынан, кыһамньытынан, үтүө тылынан угуттуур, өйүүр. Ийэлэрбит муҥура суох тапталларынан биһиги улаатабыт, сайдабыт, олоххо бэйэбит суолбутун көрдөөн булабыт, тупсабыт уонна үрдүккэ дьулуһабыт.

Аҕа үүнэр көлүөнэҕэ Аҕа дойдуга тапталы, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаны иҥэрэр, эр санаалаах буоларга, Ийэ дойдуну таптыырга, дьоһун киһи, дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ буоларга иитэр-такайар.

Дьоллоох киһини иитэн таһаарыы, куттала суох уонна нус-хас эйгэлээх дьиэ кэргэни тэрийии уонна сайыннарыы – хас биирдии төрөппүт анала.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ийэ уонна аҕа аналын үрдэтиигэ, элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннарын элбэтиигэ уонна кинилэри өйөөһүҥҥэ, үгэс курдук, сүҥкэн болҕомто ууруллар.

Дойду үрдүнэн сүрүннээн дьиэ кэргэни уонна оҕо сааһы өйүүр судаарыстыба бэлиитикэтэ көдьүүстээхтик олоххо киирэр. Киһи туһугар, кини ситиһиилээх уонна дьоллоох олохтонорун туһугар Арассыыйа национальнай сыаллара ситиһиллэллэр, дойдубут олох бары эйгэлэригэр тэтимнээхтик сайдар.

Бары ийэлэргэ уонна аҕаларга чэгиэн доруобуйаны, чугас уонна аймах-билэ дьону кытта дьоллоох олоҕу, улахан ситиһиилэри баҕарабын! Эһиги төрүккүт-уускут үйэлэргэ утумнаах уонна бигэ буоллун!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                                                                 Айсен Николаев         

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0