Айсен Николаев: “Нэһилиэнньэлээх пууннар бары кыстыкка бэлэм буолуохтаахтар”

Бөлөххө киир:

Дьааҥы уонна Кэбээйи улуустарыгар эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ. Бэҕэһээ киэһэ тута сөрөөн Ил Дархан Айсен Николаев ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын кытары быһа сибээһинэн мунньах ыыппыта.  

– Ыксаллаах быһыыны-майгыны тута биллэрэрбит туох баар күүһү барытын халаан уутугар ылларбыт нэһилиэнньэлээх пууннарга ыытарга наадалаах. Бу салгыы халаан уутун содулун туоратыыга эмиэ туһалыаҕа, – диэн бэлиэтиир Айсен Сергеевич.

Мунньах кэмигэр Ил Дархан улуус киинигэр Баатаҕайга уу киирбэтин туһугар туох баар миэрэлэр барыта ылыллыахтаахтарын, халаан уутугар ылларбыт нэһилиэнньэлээх пууннарга көмө тута оҥоһуллан иһиэхтээҕин, чуолаан олорор дьиэлэри чөлүгэр түһэрии, суолу-ииһи оҥоруу кэмигэр барыахтааҕын, нэһилиэнньэлээх пууннар бары кыстыкка бэлэх буолуохтаахтарын туһунан  иһитиннэрдэ. Кылгас кэм иһигэр халаан уутугар эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмө харчыны ыытыахтара. Санатан эттэххэ, быйылгыттан саҕалаан бу төлөбүрдэр барыта “Мин докумуоннарым” элбэх функциялаах киин нөҥүө төлөнүөхтэрэ.

Дьааҥы улууһун баһылыга Гаврил Чириков иһитиннэрбитинэн, Верхоянскайга 60 дьиэ ууга баран олорор. Ол иһигэр 19 элбэх кыбартыыралаах дьиэ, 33 чааһынай дьиэ. Боронукка 55 олорор дьиэ, ол иһигэр 5 элбэх кыбартыыралаах дьиэ. Билиҥҥи туругунан, Баатаҕайы уу ылар кутталлаах, билигин биэрэктэри бөҕөргөтүү үлэтэ бара турар. Суордаахха, Дулҕалаахха, Адыаччыга уу таһыма түһэн эрэр. Боруулаахха уу түһэн билигин хоромньуну ааҕыы бара турар.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0