Айсен Николаев «Московский комсомолец» эрэдээктэрин кытта көрүстэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Москваҕа сырыытын кэмигэр Ил Дархан э.т. Айсен Николаев «Московский комсомолец» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Павел Гусевы кытта көрүстэ.

edersaas.ru

Бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, Москва к. Сурунаалыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Павел Гусев Ил Дархан э.т. Айсен Николаевка иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэр  уопсастыба уонна былаас икки ардыгар ыытар үлэлэригэр сыһыаннаах бэйэтин көрүүтүн үллэһиннэ.

Регион салайааччыта Айсен Николаев «МК» хаһыакка  Саха сиригэр буола турар уларыйыыларга, өрөспүүбүлүкэ инники сайдыытыгар сыһыаннаах боппуруостары сырдатан, дириҥ ис хоһоонноох интервью биэрдэ.

Кэпсэтии түмүгүнэн Айсен Николаев кылаабынай эрэдээктэр Павел Гусев көрдөһүүтүнэн, «МК» хаһыакка баҕа санаа истиэнэтигэр»  дойду биир ытыктанар хаһыатын эрэдээксийэтин үлэһиттэригэр баҕа санаатын суруйда.

Кини «Московский комсомолец» хаһыакка айымньылаах айар үлэни баҕарда.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — СИА саайтыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0