Айсен Николаев: «Мин дьоллоохпун»

Бөлөххө киир:

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев быһа эпииргэ тахсан тохсунньу ыйдааҕы түмүктэри таһаарда.
Тырааныспар эйгэтигэр киирдэххэ, саҥа МС-21 cөмөлүөт туһунан тус санааҥ.
— Тырааныспар эйгэтигэр сырдатар буоллахха, дойдубутугар оҥоһуллубут МС-21 cөмөлүөтү тургутуу Саха сиригэр улахан тымныылар түһэн турдахтарына ыытыллыахтаах дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, маннык сөмөлүөт инникитин Сахабыт сирин авиапаркатын толоруохтаах. Этэҥҥэ буоллаҕына 2024-2027 сылларга сөмөлүөт өрөспүүбүлүкэҕэ баар буолуоҕа. Бэлиэтээн эттэххэ, бу көтөр аал билигин көтөр сөмөлүөттэри солбуйуон сөп.
Айсен Сергеевич, Саха АССР үбүлүөйдээх сыла уонна эн 50 сааскын туоллуҥ. Бу сааспар тугу ситистим диэҥ этэй?
— Мин дьоллоох киһибин. Тоҕо диэтэххэ, бу 50 сааспар диэри анаммыт кыахпын толору туһанным диэм этэ. Оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим, үрдүк үөрэх кыһатыгар эмиэ ситиһиилээхтик үөрэммитим. Ону сэргэ, норуотум, сахам дьоно миигин эрэнэн талбыттарыгар махтанабын. Дьиэ кэргэмминэн, оҕолорбунан, доҕотторбунан уонна өрөспүүбүлүкэбинэн киэн туттабын!

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0